Мөлтөхтүк саҥарар оҕолор оскуолаларын тутуута туохтан тардылынна?
Аҕыйах күнтэн бэттэх интэриниэт ситимнэргэ Мөлтөхтүк саҥарар оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-оскуолаларын тутуута тардыллар үһү диэн сурах тарҕанна. Санатан эттэххэ, тустаах оскуола 1964 сыллаахха тэриллибитэ. Билигин үөрэнэ олорор оскуолалара 1982 сыллаахха үлэҕэ киирбит мас дьиэ. Арыый саҥатык буолан, саахалланар туруктаах оскуолалар ахсааннарыгар киирбэт.
edersaas.ru
Бэҕэһээ СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 64 саахалланар туруктаах оскуола баар эбит. Ити сүнньүнэн 1950-1970-с сылларга тутуллубут мас дьиэлэр. Бары биир кэмҥэ тутуллубут буолан, билигин күргүөмүнэн саҥардар наадатын ыйар. Федеральнай бүддьүөттэн тутуу ыытарга типовой бырайыак докумуона ирдэнэр. Оттон тустаах интэринээт-оскуола бырайыага типовой буолбатах. Үөрэтии уратытын учуоттаан оҥоһуллубут уонна оҕолор олороллоругар аналлаах уопсайдаах, хаһаайыстыбаннай тутуулардаах. Онон, үбүлээһинин өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрдүүллэр. “Үп-харчы 42 оскуоланы бырайыактааһыҥҥа уонна тутууга угуллубута. Ол эбэтэр, уопсай уочараты учуоттаатахха, интэринээт-оскуола, быһа холоон, 2020 сылга тутуллуон сөп. Ол эрээри, “2012-2019 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэҕи сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагырааманан эбии харчы ортоҕуна эбэтэр бүддьүөтү таһынан үп көһүннэҕинэ тутуу боппуруоһа түргэтиэн сөп”, – диэн быһаарда.
Саха сиригэр сыллата 10-тан итэҕэһэ суох оскуола тутуллан үлэҕэ киирэр. Сыыспат буоллахпына, оскуола тутуллуутунан Арассыыйаҕа биир бастыҥнар кэккэлэригэр турабыт. Ол да үрдүнэн миэстэ тиийбэт, оҕолор иккилии симиэнэнэн үөрэнэллэр. Итиниэхэ тутууга уочараттааһыҥҥа оскуолалары иккис симиэнэҕэ көһөрөр ирдэнэрин уонна саахалланар туруктааҕын учуоттааҥ диэн дойду бырабыыталыстыбата сүбэлиир.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.