Мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх 4 куорат баар буолла

Бөлөххө киир:

Кэнники кэмҥэ Арассыыйаҕа мөлүйүөн киһи олорор 4 куората баар буолла. 2021 сыл түмүгүнэн, Воронеж, Краснодар, Красноярскай уонна Пермь мөлүйүөннүү киһи олорор куораттара буоллулар диэн “Росстат” саайта иһитиннэрэр.

Онон Арассыыйаҕа мөлүйүөнтэн тахса нэһилиэнньэлээх 16 куорат баар буолла. 2010 сыллааҕы Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис түмүгүнэн, Москва, Санкт-Петербург, Новосибирскай, Екатеринбург, Казань, Аллараа Новгород, Челябинскай, Самара, Ростов-на-Дону, Уфа, Омскай, Волгоград куораттарга мөлүйүөннүү киһи олорор. Холобур, Москваҕа — 12 мөлүйүөн, Санкт-Петербурга — 5,2 мөлүйүөн киһи олорор.

Бу куораттар бары кэриэтэ дойду арҕаа, киин өттүгэр бааллар, арай, Сибииртэн Новосибирскай куорат (1,6 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх) эрэ киирсэр. Быйыл Красноярскай куорат эбиллибит.

Аан дойдуга мөлүйүөнтэн тахса  нэһилиэнньэлээх  348 куорат баара биллэр.

Бу 2010 сыллааҕы биэрэпис дааннайдарын кытары тэҥнээтэххэ, Арассыыйа нэһилиэнньэтэ 2 мөлүйүөн киһинэн эбиллибит уонна 147,2 мөлүйүөн киһиэхэ тэҥнэспит.

Оттон Саха сиригэр 992,1 тыһыынча киһи олорор. 1 мөлүйүөннээх кирбиигэ кэлэрбит чугаһаабыт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: 2021god.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0