Мөлүйүөн киһилээх регион

09.11.2016
Бөлөххө киир:

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла туолуутугар, ол аата 2022 сылга нэһилиэнньэ ахсаана 1 мөлүйүөнү куоһарыахтаах диэн бүтүн судаарыстыбаннай суолталаах бырагыраама оҥоһулунна. Оттон билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 959689 киһи олорор. Саамай элбэх киһи Дьокуускайга, Нерюнгрига, Мирнэйгэ баар.

Статистика сыыппараларын сыымайдаан баран, эбиллии баар эбит диэн түмүккэ кэллим. Нэһилиэнньэ ахсаана бытааннык да буоллар, кутуйах хаамыытынан элбии турар. 1897 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы биэрэпис көрдөрөрүнэн, Саха сиригэр 269,9 тыһыынча киһи олороро. Мантан баһыйар үгүһэ – 260,7 тыһыынчата тыа сиригэр (куоракка 9,2 тыһ. эрэ). 1950 сыллаахха куоракка номнуо 135,7 тыһыынча киһи олороро бэлиэтэммит. Үйэ аҥаара иһигэр 130 тыһ киһинэн эбиллибит! Оттон тыа сирэ ити кэм иһигэр 35 тыһ киһитин сүтэрбит. 225,5 тыһыынча киһи. Уопсай ааҕыынан, нэһилиэнньэ ахсаана 361,2 тыһыынчаҕа тэҥнэспит.

1970 сыллаахха нэһилиэнньэ ахсаана 666,7 тыһыынчаҕа тиийбит. Өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар дьон-сэргэ тоҕуоруһан, 375,7 тыһыынча киһи куорат олохтооҕо статустаммыт.

Уһук хоту үлэлии, олохсуйа кэлээччилэр лаппа элбээннэр, 1986 сыллаахха мөлүйүөннээх кирбиигэ үктэнэн, 1986-1997 сылларга 1 мөлүйүөнтэн тахса киһи Саха сиригэр олорбут кэмнээх эбит. Онон «мөлүйүөннээх» регионнар ахсааннарыгар киирэ сылдьыбыппыт. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан, хоту улуустартан итиэннэ промышленнай оройуоннартан «материкка», атыннык эттэххэ, киин сиргэ күргүөмүнэн көһөннөр, Тиксии, Черскэй, Сангаар курдук бөһүөлэктэр «тулаайахсыйа» түспүттэрэ. Билигин даҕаны толоруналлара ыраах. Ону хоту улуустарга (холобур, Тиксиигэ) хастыы да мэндиэмэннээх таас дьиэлэр иччитэхсийэн тураллара туоһулуур.

Ханнык улуус дьоно быста аҕыйаабыта биллэр. 1989 сыллаахха Булуҥ улууһугар 17630 киһи олороро. Бүгүҥҥү туругунан баара-суоҕа 8366 киһи эрэ олорор. Оттон дойду үрдүнэн хорҕолдьуннаах сиринэн биллибит Усуйаана улууһугар 1989 сыллаахха 41265 (!!!) киһи баара. Аҥардас Депутатскай бөһүөлэгэ 13305 нэһилиэнньэлээҕэ. 90-с сыллартан саҕалаан промышленность мөлтөөн, олохтоохтор киин сиргэ талаһан барбыттара. Үгүс нууччалар өрөспүүбүлүкэ таһыгар көспүттэрэ. 2016 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, улууска 7242 киһи олорор.

Улуустарынан бүгүҥҥү быһыыны-майгыны ылан көрдөххө, саамай элбэх нэһилиэнньэлээх улууһунан Мэҥэ Хаҥалас буолар. Манна билигин 30629 киһи олорор. 2002 сыллаахха өссө элбээн, 32288-ка тиийэ сылдьыбыттара. Бүлүү умнаһыгар Ньурба уонна Бүлүү куорат статустаахтар. Ньурба улууһугар 24280 киһи олорор эбит буоллаҕына, нэһилиэнньэ 40,85% (9918) оройуон киинигэр баар. Бүлүүгэ 24470-тан 11055-һэ куоракка олорор.

Сорох улуустарга 1-2 тыһыынчанан түһүү баар буоллаҕына, Чурапчыга төттөрүтүн 1,7 тыһ. киһинэн эбиллии бэлиэтэммит. 1999 сыллаахха 19400 киһи олороро, билигин 20718 нэһилиэнньэлээх.

naselenie

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0