Мөлүйүөнү хаһан куоһарабыт?

09.09.2022
Бөлөххө киир:

Ааспыт үйэ 90‑с сылларыттан саҕалаан тыа сириттэн киин сиргэ талаһыы үксээн, ис миграцияҕа улахан хамсааһын тахсыбыта. Тыа дьоно төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэктэриттэн букатыннаахтык араҕан, дьиэ кэргэнинэн, аймаҕынан көһөн кэлиилэрэ биллэ элбээбитэ. Холобур, 1986 сыллаахха Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин ахсаана 186 тыһыынчаттан тахса эбит буоллаҕына, номнуо икки үйэлэр кирбиилэригэр 195 тыһыынчаны куоһарбыта.

Билигин Дьокуускай куоракка 355 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Бу учуокка ылыллыбытынан. Оттон төһөлөөх элбэх киһи прописката суох олороро биллибэт. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыттан күннэтэ Туймаада хочотугар кэлэн олохсуйааччы ахсаана элбии турар. Ону дьиэ тутуутун ахсаанынан, уһуйааннарга, оскуолаҕа миэстэ тиийбэтиттэн да көрүөххэ сөп. Билигин улуустарга нэһилиэнньэ ахсаана элбиир дуу, аҕыйыыр дуу? Бүгүн бу туһунан кэпсэтиэхпит.

Хоту улуустарга

Урут сэбиэскэй кэм саҕана өрөспүүбүлүкэ хоту улуустара ордук сайдыылаахтык олорбуттара. Муора суолунан таһаҕас, ас-үөл кэлэ турара. Бэл, Тиксииттэн Москваҕа диэри сөмөлүөт быһаччы көтөрө. Онон киһитин да ахсаана балачча үгүөрү этэ. 1989 сыллаахха Булуҥ улууһугар 17 257, ол иһигэр оройуон киинигэр 11 649 киһи олороро. Лаптевтар муораларын кытылыгар турар Тиксии бөһүөлэгэр урут аһы-үөлү, бырамыысыланнай табаардары, тутуу матырыйаалын, уматыгы аҕалан, салгыы Өлөөн, Дьааҥы, Индигиир, Халыма өрүстэринэн тиэйэллэрэ. Сэбиэскэй сойуус саҕана Тиксии дойду хотугулуу-илин саамай улахан пуордунан биллэрэ. 1987 сыллаахха түөрт ый иһигэр 850 тыһыынча туонна таһаҕаһы саамылаан, рекорд олохтоон тураллар. Пуорка хас да сүүһүнэн киһи үлэлиирэ.

Булуҥу кытта ыаллаһа олорор Усуйаана улууһун салгыы ылан көрүөххэ. Дойду үрдүнэн хорҕолдьуннаах сиринэн биллибит Усуйаана 1989 сыллаахха 41 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээҕэ. Аҥаардас улуус киинигэр 13 тыһыынчаттан тахса киһи олороро. Баара-суоҕа уонча сылынан нэһилиэнньэтин ахсаана түөрт бүк аҕыйаан, 2002 сыллаахха 10 тыһыынча эрэ олохтоох хаалбыта. Бырамыысыланнай оройуонтан “маассабайдык” көһүү уларыта тутуу сылларыттан саҕаламмыта. Иккис улахан көһүү 2000 сыл бүтүүтүгэр буолбута. Бу хорҕолдьуну хостуур соҕотох тэрилтэ моҥкуруут барыытын кытары сибээстээх. Итиччэ ыраах бөһүөлэккэ үлэтэ-хамнаһа суох кэлии дьон уутуйан олохсуйбаттара чуолкай. Үгүстэрэ атын эрэгийиэннэртэн кэлбит дьон буолан, күргүөмүнэн төттөрү дойдуларыгар таласпыттара. Билигин улууска 7 тыһыынчаттан тахса эрэ киһи олорор.

Күн бүгүн хоту уонна Арктика улуустарыттан саамай элбэх нэһилиэнньэлээхтэринэн Кэбээйи (12 075), Үөһээ Дьааҥы (10 989), Өймөкөөн (7856) буолаллар. Урут бу улуустарга дьон ахсаана икки-үс төгүл элбэх этэ. Холобур, 1989 сыллаахха Кэбээйигэ 20 352, Үөһээ Дьааҥыга 24 259, Өймөкөөҥҥө 31 078 киһи олороро. Хоту улуустарга нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйааһына бырамыысыланнаһы кытары ыкса сибээстээх. Үгүс тэрилтэлэр “эстэн” моҥкуруут бараннар, дьон олохсуйуутугар улахан охсуулаах буолбута. Хастыы эмэ сылынан ньиргиччи үлэлии турбут предприятиелар сабыллыылара, бүтүн бырамыысыланнай бөһүөлэктэр иччитэхсийиилэригэр олугу уурбута. Билигин хоту сиргэ тиийдэххэ хастыы да мэндиэмэннээх быраҕыллыбыт үгүс дьиэлэр тулаайахсыйан туралларын көрөн, киһи дьиксинэр.

Бүлүү улуустара

Бүлүү өрүс кытылынан олорор улуустар нэһилиэнньэлэрин ахсаанын биир кэминэн тутан олороллор. Улахан уларыйыы, халбаҥнааһын суох. Үөһээ Бүлүүгэ олохтоох ахсаана 1989 сылы (20 626) кытта тэҥнээтэххэ, төттөрүтүн элбээн 21 180 буолбут.

Саамай элбэх нэһилиэнньэлээх улууһунан Бүлүү буолар. Манна билиҥҥитэ 25 тыһыынчаттан тахса, оттон Бүлүү куоракка 11 649 киһи олорор.

Бүлүү умнаһын улуустара урут уруккуттан тыа хаһаайыстыбатын өрө тутар буоланнар эбитэ дуу, киин сиргэ талаһааччы аҕыйах. Эбиитин “Бүлүү” федеральнай суол тутуллан, киин сири кытта сылы эргиччи айан-сырыы олохтонон, бу эркин олорооччулар урукку курдук, айаннарыгар улахан харгыстары көрсүбэт буоллулар.

Айан-сырыы баар буоллаҕына, сайдыы баар, дьон олохсуйар. Холобур, хоту сиргэ суол-иис боппуруоһа тыын суолталаах. Үгүс кырыы сытар учаастактарга, нэһилиэктэргэ сайынын бөртөлүөт биирдэ эмит көтөр. Аны Дьокуускайтан Черскэйгэ, Уус Куйгаҕа, Тиксиигэ сөмөлүөт сыаната Москватааҕар икки бүк ыарахан. Онон, маннык тыйыс, кытаанах усулуобуйаҕа олоруон баҕалаах дьон сыллата аҕыйаан иһэрэ чуолкай.

Куораттарга

Саха сиригэр билиҥҥитэ 13 куорат баар, ол иһигэр Алдан, Верхоянскай, Бүлүү, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Покровскай, Орто Халыма, Томмот, Удачнай уонна Дьокуускай.

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын аахсыбатахха, саамай элбэх нэһилиэнньэлээх куоратынан Нерюнгри буолар. 1960‑с сыллар бүтүүлэригэр таас чоҕу хостооһун саҕаланан, Нерюнгрига дойду араас муннуктарыттан тыһыынчанан дьон үлэлии, олохсуйа кэлбиттэрэ. 1975 сыллаахха баара-суоҕа 2000 киһи эрэ олорор буоллаҕына, билигин куоракка нэһилиэнньэ ахсаана 53 тыһыынчаттан таҕыста. Нерюнгрига салгын тырааныспара, массыына суола баарын таһынан, тимир суолунан дойду үгүс куораттарыгар тиийиэххэ сөп. Суол-иис хаайбат, килиимэтэ да арыый сымнаһыар буолан, олохсуйааччы ахсаана сыллата элбиир.

Саха сирин үһүс улахан куората — Мииринэй күн бүгүн 34 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх. 1950‑с сыллар бүтүүлэриттэн алмааһы хостооһун саҕаланан, куорат нэһилиэнньэтин ахсаана сыыйа улаатан барбыта. 1959 сыллаахха баара-суоҕа 5695 киһи олороро.

Киин, илин эҥээр

Дьокуускайы кытта дьукаахтаһа олорор улуустарга нэһилиэнньэ ахсаана эбиллэ турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ саамай кыра сирдээх-уоттаах Мэҥэ Хаҥалас улууһа отуттан тахса нэһилиэктээх уонна саамай элбэх нэһилиэнньэлээх. 1975 сылга — 25 210, 1989 сылга — 31 623, 2021 сылга — 33 298 киһи баара бэлиэтэммит. Мэҥэ Хаҥалас өрөспүүбүлүкэ киин куоратын нөҥүө кытылыгар итиэннэ Аллараа Бэстээххэ тимир суол станцията баар буолан, манна кэлиҥҥи сылларга үлэлии, олоро кэлээччи дьон үксээтэ.

Киин куораттан 84 килэмиэтирдээх сиргэ баар Нам улууһун нэһилиэнньэтин ахсаана кэлиҥҥи сылларга лаппа элбээтэ. Холобур, 1989 сыллаахха 18 244 киһи олорбут эбитэ буоллаҕына, билиҥҥитэ 25 тыһыынчаттан тахсыбыттар. Чугастааҕы ыалга тахсар курдук, Дьокуускайга күнүнэн киирэ-тахса сылдьаллар. Суол-иис, сибээс кыһалҕата суоҕун кэриэтэ.

* * *

Бүлүү умнаһын, киин, илин эҥээр улуустарыгар нэһилиэнньэ ахсаана кыралаан да буоллар эбиллэ турар. Ону оҕо төрөөһүнэ элбээбитин итиэннэ тыа сирин сайыннарыыга араас судаарыс-

тыбаннай бырагыраамалар үлэҕэ киириилэрин кытары сибээстиэххэ сөп. Холобур, “Тыа сирин учуутала”, “Тыа сирин дуоктара”, “Тыа сирин ипотеката” бырагыраамалар үлэлээн, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо өйөбүл оҥоһуллан, тыа сиригэр олохсуйууга ордук эдэр дьоҥҥо төһүү күүһүнэн буолла. Ол гынан баран, ыраах хоту улуустарга олохсуйааччы ахсаана сыллата аҕыйыы турар. Сайдыы улаханнык барбат, ас-үөл сыаната киин сирдээҕэр хас да төгүл ыарахан, суол-иис кымньыылыыр кыһалҕа буолан, эдэр дьон хоту сиргэ хайыһан да көрбөт. Мөлүйүөннээх кирбиигэ хаһан тиийэбит? Нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтиигэ өссө туох үлэ ыытыллыан нааданый?..

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0