«Мөлүйүөн ахсааннаах буоларга эрэлим күүһүрэр»

Бөлөххө киир:

«САССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһин кэрэхсэбиллээх. Үбүлүөй диэн тугу үлэлээбиппитин, туох буолбутун сыаналааһын эрэ буолбатах, ол оннугар сыллааҕы былаантан саҕалаан, сүүс сыллаах былааҥҥа тиийэ торумнааһын буолар», -– диэн өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Айсен Николаев сыллааҕы түмүктэри таһаарар пресс-кэмпэриэнсийэҕэ иһитиннэрдэ.

Айсен Сергеевич кэлэр сыл өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй олоҕо  үчүгэй уларыйыылардаах буоларыгар, пандемията суох сыл үүнэригэр эрэлин биллэрдэ.

«Хоромньуну сыаналаан көрдөххө: олус элбэх киһи олоҕо былдьанна, биһиги элбэхтик куһаҕаны эрэ саныыр буоллубут, ол оннугар үчүгэйи өйдөөн көрбөппүт, бэйэ-бэйэбитин кытары чугастык алтыспат буоллубут. Остуол тула олорон көннөрү кэпсэтэр да күндүтүн урут сыаналаабатах эбиппит… Тугу эрэ, кими эрэ сүтэрдэхпитинэ эрэ, аттыбытыгар баар дьоммут доруобай сылдьалларыттан ордук үөрүү баарын дьэ, өйдүүбүт.
Хоруона вируһа олох сүтэн хаалыа суоҕа. Ол гынан баран, 2020-21 сылларга курдук буолбатыгар олус эрэнэбин. Саха сирин нэһилиэнньэтин 70 бырыһыана быһыы бастакы компоненын ылла. Бу ыарыы ахсаана эмискэ түһэригэр көмөлөстө.

Мин сыалым-соругум -– Сахам сирин дьоно дьоллоохтук уонна кыахтаахтык олоруулара. Саха сирин олохтоохторун дохуоттарын үрдэтии -– арааһа, мин күн аайы быһаарыахтаах саамай ыарахан соругум. Ол да буоллар, бу хайысхаҕа, санаа хоту түргэнник да буолбатар, үлэлиибит, -– диэтэ Айсен Сергеевич.

2021 сылга төрөөбүт оҕолорго 100 тыһыынчаны биэрэр туһунан Ил Дархан быһаарыыта оҕолоох ийэлэри харчынан эрэ өйөөһүн буолбатах. Ону таһынан кырачааннар кыһалҕаларын быһаарарга, ийэлэри, дьиэ кэргэни харыстыырга көҕүлээһин.

— Эһиил биһиги киһи ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тириэрдиэхпитигэр эрэлим күүһүрдэн күүһүрэн иһэр. Урут бу сыыппараны ситиһэр тоҕо уустук этэй? Тоҕо диэтэххэ, былырыыҥҥа диэри өрөспүүбүлүкэттэн барыы ахсаана элбэх этэ, кэлэр дьоннооҕор кинилэр ахсааннара баһыйа турара. Онтон бу сыыппара төрөөһүн элбээһининэн толуйуллан барбыта. Биһиэхэ былырыын саамай элбэх дьон кэлиитэ (өрөспүүбүлүкэттэн барардааҕар) сэбиэскэй кэм кэнниттэн аан бастаан бэлиэтэммитэ. Төрөөһүн эмиэ өлүү ахсаанын баһыйар. Онон, бу икки үчүгэй көрдөрүү холбоһон, былырыын нэһилиэнньэ ахсаана 18 тыһыынчанан эбилиннэ, -– диэн Ил Дарзан демография боппуруоһа инники сайдыыны кэрэһэлиирин тоһоҕолоон эттэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0