Мөлүйүөҥҥэ дураһыйар нэһилиэктэри сүүмэрдээһин саҕаланан эрэр

27.05.2017
Бөлөххө киир:

Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, Ил Дархан дьаһалынан быйыл Саха сирин 100 нэһилиэгэр судаарыстыба бүддьүөтүттэн 1-дии мөл. солкуобай кээмэйдээх көмө үп нэһилиэктэр дьаһалталара кыаммат ыалларын тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн хааччыйалларыгар анаан бэриллиэ.


Бу – бастакы түһүмэх. Көмө түөрт сыл субуруччу оҥоһуллуоҕа. Ылбыт нэһилиэктэр иккистээн кыттыбаттар. Ол эбэтэр түөрт сыл устатыгар тыа сирин 400 нэһилиэгэ 1-дии мөлүйүөннээх көмөҕө тиксиэҕэ. Биллэн турар, солкуобай суолтата түстэҕинэ, ким эрдэ ылбыт барыстаах хаалыаҕа, хойутаабыт – сүүйтэриэҕэ.

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин тыа сирин сайыннарыыга департаменын салайааччыта, миниистири солбуйааччы Николай Ильич Петров иһитиннэрбитинэн, быйылгы куонкуруска барыта 282 сайаапка киирбит, оттон сүүмэрдиир куонкурус ыам ыйын 29 күнүттэн, кэлэр бэнидиэнньиктэн, саҕаланар. Онон, сайаапкалаах нэһилиэктэр баһылыктара, сүүмэрдиир хамыыһыйа хаһыска, хас чааска үлэлиир графигын болҕойон ааҕыҥ:

Ыам ыйын 29, 30 күннэригэр уонна бэс ыйын 1 күнүгэр күнүс 2 чаастан киэһэ 6 чааска диэри, оттон ыам ыйын 31 күнүгэр сарсыарда 9 чаастан киэһэ 6 чааска диэри. Онон, эр дьон баһылыктар быйыл сайын андылыын быраһаайдаргытыгар тиийэҕит. Таарыйара-таарыйбата биллибэт көтөр дуу эбэтэр халлаантан бэйэтинэн кэлэн түһэр “босхо” мөлүйүөн дуу?!.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0