М.К. Аммосов стипендиата — психолог Петр

Ааптар: 
20.06.2017
Бөлөххө киир:

«ЭДЭР СААС»-ка  М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет психология үнүстүүтүн 4 куурсун устудьуона Петр Кычкин ыалдьыттаата. Быйыл Петр билимҥэ ситиһиитин иһин Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр М.К. Аммосов аатынан бириэмийэ стипендиата буолбут.

— 2013 сыллаахха ХИФУ психология институтугар, социальнай-гуманитарнай технология хаапыдыратыгар туттарсан киирбитим. Туйгуннук үөрэнэбин. Үөрэммит сылларбар өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, аан дойду таһымнаах билим кэмпириэнсийэлэригэр, ону таһынан грант, проект көмүскүүр күрэхтэргэ кытынным. Үлэлэрим II уонна III истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэммиттэрэ, бэчээттэнэн тахсыбыттара. Ордук киэн туттарым диэн,  устудьуоннар аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэлэригэр Новосибирскай куоракка ситиһиим. 2014 сыллаахха «Психология институтун мистера» буолбутум, институтум иһинэн тэриллэр бары тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттабын, тэрийсэбин. Устудьуоннуур сылларбар университет Ороһооспотооҕу путевкатытыгар тиксэммин, Москва куоракка баран кэлбитим. М.К. Аммосов аатынан университетка үөрэммиппинэн киэн туттабын.


Ыспыраапка: Психология хаапыдыратыгар туттарсарга нуучча тылыгар уонна историяҕа биир кэлим эксээмэннэри (ЕГЭ) ситиһиилээхтик туттарыы баала ирдэнэр. Оттон орто үөрэх кыһатын бүтэрбиттэр (СПО) ХИФУ иһинэн ыытыллар эксээмэни туттараллар.

Психология институтун хайысхалара:

-бакалавр: «Психология», «Психология и педагогика девиантного поведения», «Социальная работа»;

— специалитет: «Клиническая психология»

-магистратура: «Социальная работа с различными группами населения», «Прикладная конфликтология», «Социально-психологическая реабилитация уязвимых категорий населения».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0