Улуу Өксөкүлээх –сырдатааччы, бөлүһүөк, саха уус-уран ли тературатын төрүттээччи, уопсастыбаннай диэйэтэл, туохтааҕар даҕаны, сахатын дьоно-сэргэтэ үөрэхтээх, кимтэн да итэҕэһэ суох сайдыылаах, дьоллоох буолуон баҕарара. Кини ыра санаата туолла дуо?
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Өксөкүлээх Өлөксөй уола Реас Алексеевич Кулаковскай “Аҕам олоҕо” сэһэнигэр, Өлөксөй ийэтэ Настааччыйа, “уҥуох тутуоҥ, бииргэ олор, маннык уччут сылдьыма, үөрэхтээх оҕоломмуппун тугунан билэбин…”, — диэбитигэр: “Ийээ, хайдах биир балаҕан иһин кэтээн, өтөхпүттэн өнүйбэккэ бүгэн сылдьыамый? Син элбэҕи билэн, өйдөөн эрэр курдукпун. Ол билиибин кэччэгэй баай курдук хам баттаан кэбиһиэм дуо? Оччоҕо бар дьоммор туох көдьүүстээх киһи буолуомуй? Суох ийээ, өйүм хоторунан, күүһүм тиийэринэн, бар дьоммор наадалаах киһи буоларга кыһаныам…”, — диэн хардарар.
Бу күннэргэ бары бүттүүн, норуот духуобунай лиидэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылын бэлиэтиирбитинэн, кини сиэнинээн, филологическай наука кандидата, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй институтун дириэктэрэ Людмила Реасовна Кулаковскайалыын сэһэргэһэбит.
— Кэнники 5 сыл иһигэр кини урут бэчээккэ тахса илик үлэлэриттэн ханныга дьонугар-норуотугар тиэрдилиннэ, бэчээттэннэ?
— Киһи бэйэтин оҕотуттан элбэҕи эрэнэ кэтэһэр буоллаҕына, итэҕэстэрин өйдөөн көрөр дии… Ол курдук мин эмиэ бу боппуруоска киритиичэскэй соҕустук сыһыаннаһабын. Өксөкүлээх үбүлүөйүн бэлэмнээн ыытыыга ыйаах тахсыбыта, хамыыһыйа тэриллибитэ. Дьэ, оттон, билигин анааран көрдөхпүнэ, дьыала үксэ, олус элбэҕэ, судаарыстыба үлэһиттэриттэн тутулуктаах эбит. Нууччалыы эттэхпинэ, “от персональной ответственной и добросовестной работы госслужащих.” Миигиттэн тутулуктааҕа кыра эбит. Онон, Өксөкүлээҕи үйэтитиигэ киһи астынар үлэтэ барбакка турар, диэх кэриҥнээхпин.
140 сылыгар кириисис кыпчыйан, үп-ас көрүллүбэккэ, тахсыахтаах кинигэлэр кыайан таҥыллыбатылар. Тэлэбиидэнньэҕэ, биллэн турар, уруккулар бааллар, саҥа анал биэрии соччо суох курдук. Өксөкүлээх “Хомус” хоһооно куосумас куйаарыгар тахсан ааҕыллыбыта даҕаны анаан үчүгэйдик, ситэ-хото сырдатыллыбата дии саныыбын.
Саха оскуолатын бырагырааматыгар, 5-7 кылаастарга Өксөкүлээх биирдии-иккилии хоһооно баар. Тохсус кылаастарга “Ойуун түүлэ” син балачча киллэриллибит, ол үчүгэй. Оттон “Оттоку олук алгыһа”, алҕаһаабатах буоллахпына, кылаас таһынан бэйэ ааҕыытыгар көрүллүбүт. Баҕар аах, диэбит курдук. Оттон, дьиҥэр, бу айымньыта — саха ыччатыгар сүрүн Алгыһа эбээт! “Норуоккар халыҥ дурда-хахха буол, санаатын астыннаран, саргытын салай…”, диэн…
— Мин истэрбинэн, 10-11-с кылаастарга оҥоһулла сылдьар саҥа бырагыраамаҕа Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха интеллигенциятыгар суруга” киллэриллэр эбит. Дириҥник ырытыллан, киэҥник үөрэтиллиэ турдаҕа, дьэ…
— Оннук буоллар, үчүгэй этэ!
— Өскөтүн Эн учуутал эбитиҥ буоллар, Людмила Реасовна, Өксөкүлээҕи үөрэтиини туохтан саҕалыаҥ этэй?
— Олох, оҕо саадыттан саҕалаан, систиэмэлээхтик үөрэтиэм этэ. Оҕолорго аналлаах “Сэмэнчик”, “Куоска”, “Кутуйах”, о.д.а. хоһоонноро элбэх.
Кинини киһи, лиичинэс быһыытынан, сахатын дьонун туһугар олорбута, өйүн-санаатын, күүһүн-уоҕун барытын онно анаабыта, эр санаалаах, хорсун уонна дьону олус таптыыр буолан, ыраах айаҥҥа туруммута, диэн, ыччаттарга бары өттүнэн идеал, холобур оҥорон, итэҕэтиилээхтик кэпсииргэ, тиэрдэргэ дьулуһуом этэ.
Былыргы сахалар бэйэ-бэйэлэрин өйөһөр, харыстаһар философиялара киниэхэ иҥмит эбит. Хоту дойду дьонун хоргуйууттан быыһаабыта ахтыыларга, докумуоннарга үгүс.
Уонна кини номохторо, үһүйээннэрэ, өс хоһоонноро, ырыалара-хоһоонноро өссө да чинчийиини, үөрэтиини эрэйэллэр.
Дьикти дии, эһэм үйэтин тухары хоһоонунан саҥарарын сөбүлүүр эбит ээ. Ол дьон ахтыытыгар баар.
Бу, холобура, 1909 сыллаахха Өймөкөөҥҥө сылдьан оҕо-киһи Егор Сивцевкэ көмөлөһө киирбитигэр:
“Эриэн көнтөспүнэн
Элэмэс соноҕоспун
Эрбэххэр эрийэҥҥин
Эр бэрдэ
Элитэн аҕал эрэ!”,— диэн хоһоонунан наадатын эппит .
1897 сыллаахха Федор Сивцев диэн табаарыһыгар анаан эппитин Амма Аччыгыйа суруйан турар. Нууччалыы. Барыта кыл түгэнинэн —экспромтом буоллаҕа.
“Приезжай скорей,
Прилетай быстрей!
У одноглазого Саввы
Погуляем на славу…”, — диэн тыллардаах.
Уопсайынан, Өксөкүлээххэ үөрэтиллэ илик олус элбэх. Аҥардас, кини оҕолорун да хайдах ааттыыра интэриэһи тардыан сөп.
Уолаттарыгар Иасон, Реас диэн великомучениктар ааттарын биэрбит. Холобур, Реас – Нерон муҥнаабыт киһитэ. 64 киһи олоҕун быыһаары, кыл да саҕаны ынчыктаабакка өлөр өлүүнү көрсүбүт…
— Реас Алексеевич оҕолоругар бэйэтин аҕатын, эһиги Улуу эһэҕит туһунан тугу кэпсиирэй?
— Оо, үгүс буоллаҕа… Киэһээ 9 чааска “отбой”биллэриллэн, барыбытын утута сытыартаан баран, “остуоруйа бардаа…”, — диир уонна дьэ, аҕата ханна-ханна сылдьыбытын, туох сирдэринэн-дойдуларынан хайдах айаннаабытын, тугу гыммытын, киириилээн-тахсыылаан, уустаан-ураннаан, остуоруйалаан, сэһэргиир да сэһэргиир… Ол гынан баран, биһигини харыстыыра бэрт буолан, биллэр уустук кэмнэргэ Өксөкүлээх Өлөксөйгө сыһыан туһунан тугу даҕаны кэпсээбэт этэ. Көннөрү, аҕатын Өксөкүлээҕи таптыыра, кэриэстиирэ бэрт буолан, кини тугу гынарын барытын биһигинэн оҥорторо сатыыра. Холобура, өрөбүллэргэ испэктээктэри туруортарара, араас кэнсиэрдэри, куонкурустары тэрийтэрэрэ. Дуобат, саахымат, тыксаан, хабылык-хаамыска туһунан этэ да барыллыбыт. Бары үчүгэйдик оонньуурбут.
Аҕам 12 саастааҕар тулаайах хаалаахтаатаҕа. Онон, дьиэ кэргэн бэйэ-бэйэлэригэр сыһыанын, ийэ-аҕа оҕону иитэр уопутун билбэтэр да, интуициятынан, оҕолорун доруобуйатын наһаа көрөрө. “Товары—почтой” диэн баара, онон тиис суунар бороһуогу, эликсири, баттах суоккатын, араас бириитибэни, парфюму – одьукулуону эҥин суруйтаран ылара. Ис-иһиттэн олус ыраастык-чэбэрдик туттара.
Эркиҥҥэ, хас сарсыарда аайы илииһэ быһа тардыллар халандаардаах буоларбыт. Дьэ ону быһан ылан баран сарсыарда аайы, остуолга олорон баран, «политзанятие» ыытара: ол күн аан дойдуга туох буолбутун, хайа улуу киһи төрөөбүтүн, ол киһи тугунан улуутун. Кыра да буоллар, хайаан да позитивнай солуну кэпсээн, оннооҕор “Оо, бытаһыт хаамыытынан күммүт уһаабыт!..”, — диэн хайаан да үөрдэн, харахтара мичилийэн, бүтүн күҥҥэ эрчими биэрэрэ, үлэҕэ-үөрэххэ ностуруойкалыыра.
Биһиги Кулакуоскайдар буоларбытын хаһан даҕаны умнубат этибит… Тус бэйэм олох умнубаппын, куораттан Канаев диэн киһи кэлбитигэр — туох баар үөрэнээччилэри барыларын таһырдьа таһаартаан баран, оскуола олбуоругар кутаа оттон, Өксөкүлээх кинигэлэрин уоттаабыттарын!.. Дьиэбэр кэлбитим – аҕам курданарыгар диэри сыгынньах, тигинэччи умайа турар оһоххо төбөтүн батары баттаан баран, сүр баҕайы ынчыктыы-ынчыктыы баттаҕын сууралыыр. Уолуйаммын улахан баҕайытык сарылаатым. Онно тохтоон хоһугар киирбитэ. Билигин санаатахха, аан дойдуга ким да өрүһүйбэт буолбут киһи муҥуругар тиийэн, Уот Иччититтэн көмүскэс көрдөөбүт эбит. “Оҕолорбун араҥаччылаа, харыстаа…” , — диэн. Кулаковскай аймах араҥаччыта Уот Иччитэ ээ. Мин оччолорго 7 саастаахпын, аҕабын «националист аҕаҕыттан аккаастан» диэн түүрэйдээбиттэрин, тугун-ханныгын дириҥник билбэтэрбин да, барытын өйдөөбүтүм… Ол иһин этэбин, Кулакуоскайдар буоларбытын умнубаппыт, диэн.
— Өксөкүлээх Өлөксөй академическай изданиетын бэлэмнии сылдьаҕын. “Ырыа-хоһоон. Поэтические произведения”— I том таҕыста. II тахсаары сылдьар диэтиҥ. Уонна, академическай диэн, бу ураты таһаарыы буоллаҕа, ким өйүүр, ким үбүлүүр?
— Университет үбүлүүр. “Неизданные произведения” диэн II тому бэлэмнээтибит.. Уопсайа 9 томнаах буолуоҕа. Москва, Санкт-Петербург, Иркутскай уонна, сүрүннээн, Саха сирин архыыптарыгар үлэлээн, хасыһан, Өксөкүлээххэ сыһыаннаах 2000-тан тахса саҥа докумуону булбутум.
Барыта “Наука” изданиеҕа тахсыахтаах, оччоҕуна эрэ научнай таһаарыы диэн буолар. Академическай таһаарыы туох уратылааҕый диир буоллахха, улахан аҥаара – быһаарыы! Чэ, холобура, “Байанай алгыһын” Өксөкүлээх туох дии санаан суруйбутай? Манна историческай комментарий бэриллэр. Комментарий араас көрүҥнээх буолар. “Илиидийэ ырыата” диэн баар. Бу Илиидийэ диэн кимий, кини биографията, хаһан олоро сылдьыбытай, ырыата тоҕо киирдэ? Итинник курдук ыйытыыларга хоруй булан, комментарий суруйуохтааххын. Академическай издание ирдэбилэ оннук. Бу томҥа аҥаардас комментарийа 500-чэкэ сирэйдээх! Дьиҥэр, мин бары томнар айымньыларын талан, наардаан бүтэрбитим. Комментарийдарын оҥоруу наада. Комментарийы оҥоруу, дьиҥнээхтик кыһаллан, хасыһан, барытын тиһэҕэр тиэрдэн үлэлиир киһиэхэ олус уустук, ыарахан, киэҥ хабааннаах, дириҥ үлэ. Этэргэ дылы, академиктар, дуоктардар толорор үлэлэрэ.
Барыта таҕыстаҕына, дьэ, туох буоларын көрүөхпүт… Бу томҥа, холобур, ханна баҕарар “Борокуот Аал” диэн тахса турар айымньы 1-кы варианын Өксөкүлээх Өлөксөй бэйэтэ “Уот тыыннаах улахан оҥочо” диэбит эбит. “Эмээхсин ырыата” рукопиһын булбутум – билигин “Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата” диэн аатынан тахса турар. Итинник холобур элбэх.
Онтон өссө уустук түгэннэр кэлэллэр. Холобур, “Манчаары Бэрт Маарыйаҕа ырыатын” Василий Никифоров суруйбута дии саныыбыт. Онтубут – Ойуунускай, Алампа, Грибановскай, Сыромятников уонна бэйэтин кэмнээҕи дьон устан, суруйан хаалларбыттарынан — Өксөкүлээх хоһооно эбит. Сэмэн Новгородов уонна Өксөкүлээх айар үлэлэригэр эмиэ бутуур тахсыталаабыт чахчылара бааллар. Ол чуолкайданар. Итинник хас да холобуру аҕалыахха сөп. Итиэннэ, ГЧИ архыыбыттан “Табаах ырыата”, “Кыыс оҕо сүктэр ырыата”, “Василий Фомич Артамоновка”, “Уотум кытыытыгар” курдук Өксөкүлээх Өлөксөй үгүс саҥа ырыаларын буллубут.
— Эн кыыстаах-уол оҕолордооххун. Бииргэ төрөөбүттэргиттэн ыччаттар эмиэ үгүстэр. Эдэр көлүөнэ Кулакуоскайдартан Өксөкүлээх баай нэһилиэстибэтин үйэтитиигэ дьоһуннаахтык, олохтоохтук ылсан үлэлиэх баар дуу?
— Чэ, бакаа биллибэт диирим дуу… Ол гынан баран, эдэр Кулакуоскайдар — бэрт үчүгэй көлүөнэ үүнэн эрэриттэн сэмээр үөрэбин. Оттон, бүгүҥҥү туругунан, холобура, архыыпка докумуоннары көрдөөн булууга, чинчийиигэ, эһэм тыыннаах ситимэ буоларым миэхэ көмөлөһөр курдук. Ол докумуоннарга кини туохтан туоххаһыйбытын, сүрэҕэ туохтан аймаммытын, долгуйбутун, геннай таһымҥа өйбүнэн-санаабынан, эппинэн-хааммынан чугастык ылынан өйдүүбүн дии саныыбын.
—Дьэ, чахчы даҕаны, киһи эрэ кэтэһиэх үлэлэрэ эбиттэр…
Оттон, Людмила Реасовна, кэпсэтиибит саҕаланыытыгар төнүннэхпитинэ, 1912 сыллаахха “Саха интеллигенциятыгар суругар” Өксөкүлээх Өлөксөй сахатын киһитин эмиэ да аһынан, эмиэ да сэмэлээн – харчыны кыайан туһаммат, хаартылаан, аһыы утаҕы амсайан, оонньууну-көрү батыһан, үбүн иҥэриммэт, диэх курдук өйдөбүлү этэр. Оттон дьадаҥы сахаҕа сууда биэрдэххэ – үйэ-саас тухары хабалаҕа ылларыан сөп, диир.
Эн санааҕар, саха омук билигин онтон төһө уларыйда?
— Саха үбү-харчыны сатабыллаахтык туттуу боппуруоһугар өссө да үөрэниэн наада дии саныыбын. Ити билигин үгүс киһи “потребительскэй” диэн кирэдьиит бөҕөтүн ылар дии – олох наадата суох. Ама, күннэтэ үлэлиир, тибийэр-табыйар киһи хамнаһыттан ый аайы 3-4 тыһыынча солкуобайы кыайан ордорунан, ол эргэрбит холодильныгын саҥардара, эбэтэр сыл ахсын кэлэр кыһыныгар эрдэттэн бэлэмнэнэн, этэрбэһин бириэмэтигэр мунньунан ылынара сатаммат үһү дуо?! Ааҕыахха-суоттуохха наада. Сыл түмүгэр саҥа миэбэл да ылыннаҕа ол! Итиэннэ, “Улуу Уус байбат” дииллэрэ былыр. Билигин, хата, үйэ уларыйан, киһи да уларыйдаҕа, Улуу уустарбыт сыыйа кыаҕыран, байан эрэллэр диэн көрөбүн. Онон сылыктаатахха, туох да диэбит иһин, үчүгэй өттүгэр уларыйыы баар.
— Кэпсээниҥ иһин махтанабын, Людмила Реасовна. Санаабыт санааҥ туолан истин!
— Махтал. Эһэм Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылынан бу соторутааҕыта 5 сыл устата хамыыһыйа бастакы мунньаҕа буолла. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин бэйэтинэн ыытта. Быһаарыылаах, быыс-хайаҕас булары толкуйдуур салайааччы диэн көрдүм. Кылаабынайа, “суох” диэн кэбиспэт эбит. Онон, Өксөкүлээх кинигэлэрэ бэчээккэ тахсалларыгар, мусуойа тэриллэригэр, айымньылара учуобунньуктарга үчүгэйдик, өссө киэҥник, олохтоохтук киллэриллэллэригэр, онтон да атын кэккэ боппуруостары быһаарыыга, эрэл кыыма баар.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/