“Алмаасэргиэнбаан” салайааччыта Людмила Николаева иллэрээ күн үлэтиттэн баҕа өттүнэн уурайарын туһунан иһитиннэрдэ. Сураҕы истээт, сорохтор: “Сөп ээ, СӨ бырабыыталыстыбата бас билэр баанын Ил Дархан ойоҕо бэйэтинэн салайан олорорун сөп диэбэппит чахчы”, — диэн интернет ситимигэр тута суруйа оҕустулар.
“Алмаасэргиэнбаан” сыала үрдүк
“Алмаасэргиэнбаан” — Саха сирин сүрүн баана. Баан 80,29 % СӨ бырабыыталыстыбата (Баай-дуол, сир сыһыаннаһыытын министиэристибэтэ) бас билэр. Баан 1993 с. “Эргиэн” диэн аатынан тэриллибитэ. 1994 с. “Алмаасэргиэнбаан” диэн аатын уларытан биэрбитэ. Билигин баан Дьокуускай куораты таһынан үгүс улууска, атын регионнарга филиалларын, бэрэстэбиитэлистибэлэрин үлэлэтэр. Людмила Николаева баан салайааччытын быһыытынан 2014 с. үлэлиир. Кини дуоһунаһыттан тохтуурун туһунан баан мунньаҕар маннык быһаарар:
— Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Айсен Николаев Ил Дархан дуоһунаһыгар киирбитэ. Ол иһин бэйэбэр быһаарыныы ылынан, “Алмаасэргиэнбаан” бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыттан уурайарга сананным. “Алмаасэргиэнбаан” – Саха сирин биир тутаах института. Баан иннигэр билигин сүрдээх улахан сыал-сорук турар. Кэлиҥҥи түөрт сыл иһигэр биһиги баан үлэтин хаҥаттыбыт. “АЭБ Капитал”, “СЭЙБИЭМ”, “АЭБ Партнер”, “АЭБ Айти” курдук баан тэрийбит тэрилтэлэрэ билигин ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Биһиги судаарыстыба уонна чааһынайдар бииргэ үлэлээһиннэринэн улахан бырайыактары олоххо киллэрсэбит. Холобур, улуустарга оҕо саадтарын тутууга. Ону сэргэ, баан сылы эргиччи үлэлиир “Саюри” теплицаҕа, “Хаҥалас” индустриальнай паарка иһинэн үлэлиир ювелирнай, алмааһы кырыылыыр кластерга сүрүн инвестор буолбута. Баан билигин үлэлии сылдьар кэлэктиибэ салгыы да ситиһиилээхтик үлэлиэҕэр, сайдыыга иннин хоту дохсуннук хардыылаан иһиэҕэр бүк эрэллээхпин, — диэн этэр кини.
“Уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанарын күүтэбит”
Людмила Николаева салгыы тугунан дьарыктаныаҕай? Үгүс дьон кинини уопсастыбаннай үлэнэн күүскэ дьарыктаныаҕа диэн күүтэр. Манна даҕатан эттэххэ, Людмила Валерьевна Саха сирин художественнай гимнастикатын федерациятын салайарын таһынан, бэйэтэ олус үчүгэйдик үҥкүүлүүр. Кини – “Кыталык” үҥкүү народнай ансаамбылын выпускнига. Билигин да сыанаттан түспэккэ үҥкүүлүүр.
Саҥа бэрэссэдээтэл Саҥа дьыл иннинэ биллиэҕэ
Людмила Валерьевна саҥа салайааччы ананыар диэри бэрэссэдээтэл эбээһинэһин толорооччунан үлэлиэҕэ. Санатан эттэххэ, акционернай уопсастыба сокуонунан уонна баан устаабынан, салайааччыны акционердар уопсай мунньахтарыгар куоластаан быһаарыахтаахтар. Барыллаан ааҕыынан, бу мунньах болдьоҕо ахсынньы 17 күнүгэр сөп түбэһэр. Мунньах буолуон биир ый инниттэн 2 %-тан элбэх акцияны илдьэ сылдьар дьон бэйэлэрин кандидатураларын туруоруохтарын сөп. Бу кандидатуралар баан Кэтээн көрөр сэбиэтигэр көрүллүөхтэрэ. Ол эрэ кэннэ мунньахха дьүүлгэ тахсыахтара. Талыллыбыт кандидат Киин баантан сөбүлэһиннэрии ылыаҕа.
Ыспыраапка: Николаева Людмила Валерьевна
1969 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ;
1993 с. Санкт-Петербурдааҕы экономика уонна үп университетын экономист идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитэ;
2005-2010 сс. “Алмаасэргиэнбаан” ААУо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-корпоративнай бизнес департаменын салайааччыта;
2010-2014 сс. “Алмаасэргиэнбаан” бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы;
2014 с. “Алмаасэргиэнбаан” бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ.
Манна даҕатан эттэххэ
Прасковья Борисова – Саха сирин бастакы Ил Дархана Егор Борисов ойоҕо Прасковья Петровна “Россия ийэлэрэ” Бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын салайар. Оҕо иитиитигэр, дьиэ кэргэн сайдыытыгар ураты болҕомтотун уурар.
Светлана Медведева – РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев ойоҕо Светлана Владимировна Россия биир улахан уопсастыбаннай деятелэ. Духуобунас сайдыытыгар, ыччаты иитиигэ үлэлэһэр. Аһымал акцияларынан дьарыктанар.
Лора Буш – АХШ 43-с бэрэсидьиэнэ Джордж Буш ойоҕо Лора Лэйн Уэлч эмиэ биир биллэр уопсастыбаннай деятель. Кини оҕону кыра эрдэҕиттэн кинигэ ааҕыытыгар уһуйарга, кинигэ таһаарыытыгар, дьиэ кэргэн библиотекатын тэрийиигэ күүскэ үлэлэспитэ. Кэлин бу маны сайыннаран, ааҕыы улахан фестивалларын ыытар буолбута. Ону сэргэ, ийэ, оҕо доруобуйатын харыстааһыҥҥа үлэлэспитэ.
Аграфена КУЗЬМИНА.