Устудьуон олоҕо диэн үгүс дьоҥҥо саамай дьикти, долгутуулаах кэм. Хас биирдии киһи бу бэриллибит кэми умнуллубаттык атаара сатыыр. Биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут — ХИФУ көхтөөх устудьуоннарыттан биирдэстэрэ, СӨ Нуучча географическай уопсастыбатын ыччат кулуубун салайааччыта, ИЕН үһүс кууруһугар үөрэнэр Людмила Аргунова.
— Людмила, оскуола эрдэхтэн уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанаҕын дуо? Бэйэҥ тускунан кыратык кэпсээ эрэ.
— Мин П.И. Кочнев аатынан Тулагы агро-хайысхалаах орто оскуолатын 2016 сыллаахха кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн көхтөөх позициялаахпын. “Бастыҥ ааҕааччылар” күрэхтэригэр, бырааһынньык аайы сыанаҕа туруорууларга, олимпиадаларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ үөрэ-көтө кыттарым. Бу манна элбэх оҕону кытары билсибитим. Баччааҥҥа диэри сибээстэһэбит. Ону таһынан, 14 сааспыттан сайын аайы биһиги оскуолабыт баазатыгар арыллар “Кэскил” күнүскү лааҕырга үлэлиибин.
— Оҕо сылдьан туох сыаллаах этигиний? Туолбута дуу?
— Оҕо сылдьан, биллэн турар, баҕа санаам элбэҕэ, ол эрэн, чопчу сыал диэн суох этэ. Сэттис кылаас кэнниттэн оскуолам сайыҥҥы лааҕырыгар “ЭйгЭ” экологическэй үөрэхтээһин киинэ тэрийбит этэрээтигэр киирбитим. Уһун Эбэ күөлүгэр араас эспэдииссийэҕэ, аахсыйаҕа сылдьан, маннык үлэттэн астынарбын, дуоһуйарбын өйдөөбүтүм уонна бу эйгэҕэ туһалаах буолуохпун баҕарбытым. Онно эколог идэтин ылыам диэн бэйэбэр сыал туруорбутум. Ол түгэнтэн ыла, чуолаан, экология хайысхатынан күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кыттар буолбутум. Сыалбар бастакы хардыыбын оҥорбутум: М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Естественнэй наукаларын институтун экология уонна айылҕаны туһаныы хайысхатыгар үөрэнэ киирбитим.
— Үөрэҕиҥ таһынан эбии тугунан дьарыктанаҕын?
— Оскуола саҕаттан “ЭйгЭ” экологическэй үөрэхтээһин киинин кытта араас бырайыактары тэрийиигэ уонна олоххо киллэриигэ үлэлэһэбин. Ол гынан баран, 2016 сылтан сүрүн бириэмэбин СӨ Нуучча географическай уопсастыбатын ыччатын кулууба ылар. Ону таһынан айар үлэнэн дьарыктанабын. Университекка ыытыллар тэрээһиннэри салайан ыытабын.
— Ситиһиилэргин кэпсиэҥ дуо?
— 2015 сыллаахха Бүтүн Арассыыйа национальнай юниорскай күрэһэр “Золотая Рыбка” Гран-при, РФ Экология уонна айылҕаны туһаныы министиэристибэтин Сергей Ефимович Донской илии баттааһыннаах Махтал суругун, бэрэсидьиэн В.В. Путин талааннаах ыччаты өйүүр бириэмийэтин лауреата буолбутум. “Будущие интеллектуальные лидеры России” диэн Ярославль куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы форумҥа кыттыыны ылбытым. 2016 сыллаахха Екатеринбург куоракка оскуола үөрэнээччилэригэр экология олимпиадатын кыттыылааҕа буолбутум.
— Олоххор сүрүн сыалыҥ тугуй? Аны биэс сылынан бэйэҕин хайдах көрөҕүн?
— Дьоллоох дьиэ кэргэн буолуу, өрөспүүбүлүкэ экологиятын тупсарыытыгар бэйэм кылааппын киллэрии. 25 сааспар бэйэбин үлэ киһитинэн ойуулаан көрөбүн. Ол эрэн, инникибин оҥорон көрөр миэхэ ыарахан, тоҕо диэтэххэ, олоххо туох баҕарар буолуон сөп! Мин оҕо сылдьан санаан да көрбөтөх буоллаҕым, эколог буолуом диэн.
— Людмила, бу кэлэн иһэр Саҥа дьыллааҕы сүпсүлгэн, эксээмэннэр, уопсастыбаннай үлэҥ быыһыгар бириэмэ булан, көхтөөх олоҕуҥ туһунан кэпсээбиккэр махтанабын. Кэлэр сылга өссө да элбэх ситиһиини баҕарабын!
Лера Львова, ХИФУ суруналыыстыкаҕа салаатын устудьуона.