Аҕыйах сыллааҕыта Саха сирин киинэһиттэрэ бэйэ эрэ күүһүнэн үлэлээн, ис көрөөччүгэ эрэ анаан киинэ уһулар этилэр. “Пугало”, “Хара хаар”, “Иччи” курдук киинэлэр олохсуйбут балаһыанньаны уларыта туттулар быһыылаах Арассыыйа киинэ оҥорооччулара Саха сиригэр киинэ оҥоруутугар кыттыыны ылар баҕа санаалаахтарын биллэрэр буоллулар.
Былырыын биллиилээх Арассыыйа режиссера Борис Хлебников (“Аритмия”, “Коктебель” уо.д.а.) салалтатынан Владимир Мункуев (“Уол оҕото”, “Дьол”) “Нуучча” диэн ааттаах Вацлав Серошевскай кэпсээнигэр олоҕурбут хартыынаны устубута.
Оттон Москватааҕы аан дойдутааҕы киинэ бэстибээл биир сүрүн бирииһин ылбыт Любовь Борисова (“Мин үрдүбүнэн күн хаһан да киирбэт”) бу күннэргэ Тааттаҕа киинэ уста бараары сылдьар. Саха сирин маҥнайгы идэтийбит худуоһунньуга Иван Попов атаһынаан Ыстапаан Бэрэсиэкэптиин биир айаннарын туһунан кэпсиир курус кэмиэдьийэни “Сахафильм” хампаанньа Иван Болотников (“Хармс”, “Пальмира”) продюсерскай киинин кытта кыттыһан устарга дуогабардаспыттар.
Хайдах быһыылаахтык бу дьикти ис хоһоонноох киинэ бырайыакка кэлбитин туһунан режиссер кэпсээтэ.
Бэрэсиэкэп —Нөмүгүттэн
Уонча сыл анараа өттүгэр Ykt.ru блогтарыгар «Летаргический сон якутского косаря” диэн бэрт дьикти суруйууну alex02 диэн ааттаах блогер таһаарбытыгар таба тайанан аахпытым. Саха сирин маҥнайгы идэтийбит худуоһунньуга Иван Попов хайдах курдук летаргическай турукка киирбит саха киһитин быыһаабытын, онтон сылтаан доҕордоспуттарын туһунан кэпсээн өйбөр хатаммыта.
Быһаарыы сурук: Летаргия – дириҥ утуйууга майгынныыр турукка киирии, ыарыы көрүҥэ. Аҕыйах чаастан хас да нэдиэлэҕэ тиийэ уһуон сөп. Олус дириҥ летаргия түгэнигэр ыарыһах өлбүт киһиэхэ майгынныыр – тыынара биллэр-биллибэт, тымырын тэбиитэ сүтэр, этэ-сиинэ кубарыйар, күүстээх да ыарыыттан хамсаабат.
- Ыстапаан Бэрэсиэкэп
Сыл анараа өттүгэр “Тиэтэйбит” кэмиэдьийэ премьератын кэнниттэн дьиэбэр айаннаан иһэн бу кэпсээни өйдүү биэрэн, “киинэ устуохха сөп эбит” диэн элэс санаа киирэн ааспыта. Таатта туһунан киинэ сабыдыаллаатаҕа? Ити кэнниттэн, өссө даҕаны бигэ санаа ылына илик этим, Нөмүгүгэ “Саха тылын күнэ” тэрээһиҥҥэ тиийэ сылдьыбытым. Онно Прокопий Романович Ноговицын биир киһини илдьэ кэлэн, “Киинэһиттэр, бу киһини өйдөөн көрүҥ, киинэҕэ уһуллуон сөптөөх, бэрт дьоҕурдаах киһи!” диэтэ. Эргиллэн көрбүтүм… Бэрэсиэкэп бэйэтинэн турар! Мэктиэтигэр, Попов түһэрбит хаартыскаларын саҥаттан арыйан көрбүтүм, олох үүт-үкчү! Ити курдук, киинэм биир сүрүн артыыһын кытта, Александр Чичаховтыын билсибитим.
Быһаарыы сурук: Бу дьиҥнээх буолбут түбэлтэ. Ыстапаан Бэрэсиэкэп (араас ахтыыларга араспаанньата тус-туһунан суруллар – Боросоков, Бересеков, Бөрөсүөкэп) “өлбүтэ” икки хонук ааһан, таҥара дьиэтигэр ыллана сытан, эмискэ титирии-титирии хоруобуттан туран кэлбит. Саалтыыр ааҕа олорбут уол (Николай Попов, Иван Попов бииргэ төрөөбүт инитэ) куттанан куоппут, Ыстапаан чугас турар Иван Попов балаҕаныгар тиийэн худуоһунньуктан көмө көрдөспүт. Сылаас чэй иһэрдэн, ириэрэн баран, Попов “летаргия” диэн тугун быһааран биэрбит. Ол кэнниттэн Бэрэсиэкэп итинник турукка алтата киирэ сылдьыбыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ “Уйбааҥҥа көрдөрөн баран көмөөрүҥ!” диэн куруутун сэрэтэр эбит. Поповтуун бэрт чугас доҕордуу буолбуттар, Бэрэсиэкэп элбэх хаартыскалара бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэлбиттэрэ.
Ити кэнниттэн, “үөһээттэн этии” ылбыт курдук сананан, сценарий суруйуутугар киирбитим. Бэрт элбэх киһини кытта кэпсэппитим, сиэн аймаҕа Люция Саввична Попова олус элбэҕи кэпсээбитэ. Бастаан көрдөөх ис хоһоонноох, чэпчэки сюжет оҥорор санаалаах этим эрээри, Иван Попов биографиятын ааҕа олорон, кини ыар дьылҕатыгар баттатан, курус баҕайы сценарий суруйбутум. Ону салайааччыбытыгар Дмитрий Шадриҥҥа “көр, сыаната быс” диэн биэрбиппин, үргүлдьү Москваҕа ыыппыт. Онно суруйуубун сэҥээрбиттэр, хас да түһүмэх кэпсэтии, питчинг кэнниттэн “Студия “Автор” ХЭУо диэн Иван Болотников продюсерскай киинин кытта холбоһон киинэтэ оҥоруохха диэн буолбута.
- Иван Болотников
Көрдөөтөххө, бэйэтэ кэлэр
Киинэм сэһэнэ трагедияҕа майгынныыр буоларын бэйэм сөбүлээбэтэҕим. Ону кытта Арассыыйатааҕы партнердарбыт эмиэ сөбүлэспиттэрэ. Юлия Клименко диэн кыыс миэхэ хос ааптар быһыытынан анаммыта. Бастаан онлайн суруйсубута, соччо таһаарыыта суох үлэ этэ, онтон сааһыары манна кэлэн кыттыспытыгар, дьэ уубутугар-хаарбытыгар киирэн үлэлээбиппит. Биирдэ Эргэ куорат устун куораты көрдөрө, күүлэйдии сылдьыбыппыт. Арай остуруок башнятын аанын биир киһи арыйа турар эбит уонна биһигини ыҥыран далбаатыыр. Тиийбиппит, Александр Дьяконов эбит (били alex02 диэн аатынан Бэрэсиэкэп туһунан суруйбут киһи. Кини дьоҥҥо биллэр кыраайы үөрэтээччи, киэҥ билиилээх, өйдөбүнньүктэри харыстыыр уопсастыба салайааччыта). Бастакыбын ити тутууга киирбитим, үөһээнэн-аллараанан экскурсия курдук ыытта, арай истиэнэ аайы Иван Попов хаартыскалара, хартыыналара кырыы кырыынан ыйанан тураллар эбит! Александр Васильевич үлэбитин сэҥээрбитэ, бэрт элбэх туһалаах сүбэлэри биэрбитэ. Киинэбит научнай экспиэрэ буолбута. Дьэ тоҕо кини уулуссанан хааман иһэр билбэт дьонун ыҥырбыта буолуой?
Иван Попов — Литваттан
Бырайыак саҥатыгар Иван Болотников миэхэ эрийэн, ирэ-хоро кэпсэппиппит. Ол кэнниттэн, үлэлэһиэхтээх киһибин чугас соҕустук билээри, “Хармс” диэн ааттаах уус-уран киинэтин көрбүтүм. Арай, киинэ биир сыанатыгар Иван Поповка майгынныыр киһи Яков Друскины оонньуу сылдьар. Дариус Гумаускас диэн ааттаах Литва артыыһа эбит. Артыыс портфолиотын хаһыстым, туох да мөккүөрэ суох, мин худуоһунньугум бэйэтэ бэйэтинэн сылдьар эбит. Өссө биир үтүө бэлиэ курдук ылынным, мессенджер нөҥүө суруйсан, артыыһы кытта билсибитим. Киһибит сценарийы ааҕан баран үөрүүнү кытта сөбүлэспитэ. Биллэн турар, сахалыы саҥарбат киһи, онон итини дубляж нөҥүө көннөрүөхпүт, Попов уу сахалыы саҥарар киһи буоллаҕа дии. Аныгы киинэҕэ итини сөптөөхтүк ситиһэр ньымалар бааллар, саҥатын кытта уоһа тэҥҥэ хамсыыр гына оҥоруохпут.
- Дариус Гумаускас
- Иван Попов
Улахан бырайыак – туспа сыһыан
Бүтэр уһугар киинэм сэһэнэ бэйэм ис турукпар сөп түбэһэр буола уларыйда. Биир сайын Попов Бэрэсиэкэп аргыстаах этнография матырыйаалын хомуйар айанын туһунан кэпсээн. Көр-күлүү да баар, курус түгэннэр да бааллар. Биллэн турар, “өлбүтү” уһугуннарыы түгэнэ эмиэ баар, билигин бырайыак үлэ аата “Не хороните меня без Ивана” диэн ааттана сылдьар. Улахан устуудьуйаны кытта үлэлиир биир өттүнэн эппиэтинэстээх, биир өттүнэн үлэни олуһун диэн тупсарар эбит. Аҥаардас сценарий суруйуутугар бэриллибит кэм уһуна сэһэммитин ымпыгар-чымпыгар тиийэ ситэрэрбитигэр олуһун көмөлөстө. Кыһыҥҥыттан саҕалаан сүүнэ улахан үлэ барда, билигин реквизит оҥоһулла турар, киинэни устарга сөптөөх миэстэлэр көһүннүлэр. Оннооҕор Хадаайыга тиийэн, Иван Попов “тиэргэнигэр” хортуоппуй олордубуппут (Попов өссө биир өҥөтө – Боотуруускай улууска оҕуруоттааһыны саҕалаабыта буолар).
От ыйын 10 күнүгэр Тааттаҕа тиийэн устан барыахтаахпыт. Бу киинэни толкуйдуохпуттан көстүбэт күүстэр көмөлөһөр, сөптөөх туһаайыы диэки үтүрүйэр курдуктар. Барыта этэҥҥэ ааһан, киинэ тыйаатырдарыгар кэмигэр тахсыа этэ буоллаҕа!
Ааптар уонна Иван Попов хаартыскалара, уонна Кинопоиск саайтан.