Луҥха суруйааччыта Василий Иванов

27.05.2017
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Суруналыыстарын уонна Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Кэбээйи улууһун бочуоттаах гражданина Василий Иванов ыам ыйын 25 күнүгэр 75 cааһын туолла.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Василий Иннокентьевич Кэбээйи улууһугар кэрэ көстүүлээх Луҥха үрэх тайаан сытар Куокуй нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Бастакы кэпсээннэрин өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан суруйбута. «Күннээх сарсыарда» диэн кэпсээнэ эркин хаһыатыгар бэчээттэммитэ.
Билигин санаатахха, Василий Иванов суруйааччы буоларыгар кинини үөрэппит саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, кэлин суруйааччы буолбут Прокопий Степанов олук уурбут буолуон сөп. Кини оччолорго литэрэтиирэ «Күннээх сарсыарда» диэн түмсүүтүн салайбыта. Бу түмсүүгэ суруйааччылар И.Левин, П.Максимов уонна И.Егоров дьарыктаммыттара. Саха сирин эдэр ааҕааччылара Василий Иванов аатын аан бастаан 1964 с. «Бэлэм буол» хаһыаттан ааҕан билбиттэрэ.

Эдэр киһи эрэдээксийэҕэ ыытар кэпсээннэрин норуот суруйааччыта Амма Аччыгыйа уонна литэрэтиирэ үлэһитэ Николай Прокопьев эрэдэксийэлээн таһаараллара.

В.Иванов оскуоланы бүтэрэн, эмчит буолар санаалаах Саха судаарыстыбаннай университетын медицинскэй факультетыгар киирбитэ. Ол эрэн, манна да сылдьан, айар-суруйар баҕата уостубатаҕа. Литэрэтиирэ биллиилээх кириитигэ Егор Шестаков-Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» куруһуогар көтүппэккэ дьарыктаммыта. Ол туһунан кэлин Николай Винокуров-Урсун: «Көнө уҥуохтаах, хатыҥыр, сырдыктыҥы харахтаах, хайдах эрэ төтүгүрээн түргэнник саҥарар уолу бэлиэтии көрбүтүм», – диэн ахтыбыта. Василий Иванов суруйбут кэпсээннэрин кэлин бииргэ алтыһыахтаах уонна үлэлиэхтээх суруйааччыларыгар Николай Винокуров-Урсуҥҥа, Сэмэн Попов—Тумакка, Василий Васильев—Харысхалга уо.д.а. толлубакка ааҕан иһитиннэрэрэ. 1971 с. кини сэттэ кэпсээнэ эдэр ааптардар «Кустук» уонна «Хомус» хомуурунньуктарыгар бэчээттэммитэ ааптары айар үлэ киэҥ туонатыгар сиэтэн киллэрбитэ. Ааҕааччылар да, суруйааччылар да тыыппалаах эдэр киһиттэн үчүгэй суруйааччы тахсыаҕар эрэммиттэрэ.
Кини 1973 с. университеты бүтэрэн, хирург идэтин ылбыта уонна Хаҥалас улууһун Покровскай с. хирург-бырааһынан анаммыта. Быраас, буолаары буолан хирург түбүктээх үлэтин быыһыгар айар үлэнэн дьарыктаммыта. «Күн уотун туттум» диэн бастакы кинигэтэ 1975 с. бэчээттэниэҕиттэн ыла кини айар аартыга арыллыбыта. Урут кинини обургу оҕолор улахан олоххо үөрэниилэрин уустук өрүттэрин эндэппэккэ билэр уонна оҕо хараҕынан ойуулуур оҕо суруйааччытын быһыытынан билэр буоллахтарына, «Кырдьаҕастар уонна эдэрдэр» диэн сэһэнэ суруллуоҕуттан ыла сиппит-хоппут прозаик тахсыбытын итэҕэйбиттэрэ.
Ааҕааччылар итэҕэллэрин, биһирэбиллэрин ылбыт В.Иванов 1987 с. ССРС Суруйааччыларын сойууһугар киирбитэ.

Суруналыыс уонна суруйааччы

Василий Иванов талан ылбыт идэтигэр өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн баран, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева «Саха сирэ» хаһыакка эрэдээктэрдиир кэмигэр кэрэспэдьиэнинэн ылыллыбыта. Хаһыакка ыччат кыһалҕаларын, уларыта тутуу, уопсастыбаннай-политическай олох боппуруостарын, арыгы, табах буортутун уо.д.а. тиэмэҕэ публицистическай матырыйааллара, ыстатыйалара элбэх ааҕааччы интэриэһин тардыбыттара. Өр сылларга хирурунан уонна наркологынан үлэлээбит үөрүйэхтээх  В.Иванов  хаһыат «Саха ыала» сыһыарыытыгар медицина тиэмэтин сырдатыахтааҕа эмиэ үөһэттэн ыйыллыбыт курдуга. Кини доруобуйа харыстабылын тиэмэтигэр суруйбут ыстатыйалара чуолаан, тыа сирин ааҕааччыларыгар, остуол кинигэтинэн буолбуттара.
  Айар киһи хаһыакка үлэлии сырыттаҕына, 2015 с. «Чолбон» сурунаалга миэстэ тахсан, проза салаатын эрэдээктэринэн анаммыта. Онно сааһырдым диэбэккэ, хорутуулаахтык үлэлээбитэ.
Кини туһунан сэргэх суруйуулар үлэлии сылдьар сурунаалыгар хаста да бэчээттэммиттэрэ. Ол иһигэр, суруйааччы Николай Винокуров-Урсун биир идэлээҕэ 70 сааһыгар «Доруобуйаны, дууһаны тупсарыыга» диэн ыстатыйата тахсыбыта. Онтон бу соторутааҕыта, сурунаал 5-с нүөмэригэр Кэбээйи улууһун Мукучу гимназиятын саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр учуутала Екатерина Корнилова “Тыын кыһалҕаны таарыйар айымньы» диэн «Кырдьаҕастар уонна эдэрдэр» сэһэнин туһунан санааларын үллэһиннэ.
Василий Иванов билигин төһө да биэнсийэҕэ олордор, төрөөбүт дойдутун, Кэбээйитин туһунан элбэх кинигэҕэ үлэлээтэ. «Куокуй нэһилиэгэ», «Алаас аатынан, дойду сураҕынан», «Куокуйдар Аҕа дойду көмүскэлигэр», «Куокуйдар төрүттэрэ-уустара» диэн кинигэлэргэ биир дойдулаахтарын кытары үлэлэһэн, төрөөбүт дойдутугар ытык иэһин төлөөтө. Ону таһынан «Ыалдьыт кэллэ», «Бэйэм туспунан бэйэм» диэн ыстатыйаларын хомуурунньуга, эссе-сэһэнэ ааҕааччы болҕомтотун тардаллар.

Айымньыларыгар— сэрии оҕолоро

Суруйааччы үгүс кэпсээннэрин уонна новеллаларын дьоруойдара – Аҕа дойду улуу сэриитигэр барбыт аҕаларын, убайдарын-бырааттарын атаарар уонна күүтэр сэрии сылын оҕолоро.
«Луҥха ырыалара» кинигэтигэр сэрии сылларын оҕолорун оонньоммотох оҕо саастара бу баардыы ойууланар кэпсээннэрэ киирбиттэрэ. Ааптар сорох ойуулааһыннарын Луҥха үрэҕи кытары сибээстээһинэ айымньы уус-уран өттүн байытан биэрбитэ, ааҕааччыга тиийимтиэ буоларын ситиспитэ.
«Кырдьаҕастар уонна эдэрдэр» сэһэнигэр, аатыгар да сэрэйиллэрин курдук, икки көлүөнэ алтыһыыта, кинилэр өйдөспөт сыһыаннара көрдөрүллэр. Ыччаты майгы-сигили өттүнэн иитии боппуруостара таарыллаллар. Ааҕааччы сэһэнтэн Саха сиригэр гаас саппааһа бастакы көстүүтүн, тыа дьоно гааһынан хааччыллыытын маҥнайгы хардыыларын билсэр.
«Биһиги аҕаларбыт» кинигэтигэр ааптар эмиэ сэрии сылларынааҕы оҕо сааска төннөр. Суруйааччы фронтан кэлэр чугас дьоннорун күүтүү хайдах курдук долгутуулааҕын өссө төгүл санатар, аныгы көлүөнэ ааҕааччытын сүрэҕин кылын таарыйар.

ЫСПЫРААПКА:

«Күн уотун туттум» (1975 с.);
«Луҥха ырыалара» (1978 с.);
«Кырдьаҕастар уонна эдэрдэр» (1982 с.);
«Биһиги аҕаларбыт» (2005 с.) кинигэлэрэ бэчээттэммиттэрэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат,edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0