Лизаҕа айан

Ааптар:  Александр ДУНАЕВ
25.09.2024
Бөлөххө киир:
pxhere.com

Биир улахан тэрилтэ профкомун эппиэттээх үлэһитэ аатыран, күһүн, саас хортуоппуй, хаппыыста булар түбүгү быйыл эмиэ сүгэр буоллум.

Ол курдук, өр сылларга үлэлээн уопутурбут, автобаза биир дьоһун, ытыктанар суоппарынаан Афанасий Афанасьевичтыын, Нам Хамаҕаттатыгар бииргэ үлэлээбит уолбунаан, үлэһиттэрбитигэр сүүрбэ куул хаппыыстаны тиксэртиир сорудаахтаахпыт. Төрөөбүт-үөскээбит Хамаҕаттабыт биир кырдьаҕас агрономуттан, тыыл бэтэрээниттэн, нэһилиэккэ
убаастанар «Анна Михайловна дуо?» дэтэр киһибититтэн чэпчэки соҕус сыанаҕа биэрэрин истэн ылбыппыт. Бүгүн киэһэ дьиэлэри кэрийэ сылдьан испииһэк быһыытынан тарҕатыахтаахпыт.
Дьэ, ол курдук дуогабар быһыытынан сыалбытын ситиспит дьон үөрэ-көтө дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар бириэмэни билбэккэ элээрдэн кэлэ оҕустубут…
Үлэһиттэрбит олорор дьиэлэрэ барыта аҕыстыы-тоҕустуу этээстээх дьиэлэр. Сахалар муҥар биэс этээстээх дьиэҕэ төрдүс, бэһис, тоҕус этээстээх дьиэҕэ сэттис, ахсыс, тохсус этээстэргэ
олороллор. Лаппа хойутаан кэлэммит, дьиэлэрбит иһэ сорохторо нэһиилэ кылайар уоттаахтар, сорохторо ньим хараҥанан көрөн тураллар.
Тиһэҕэр, тоҕус этээстээх дьиэҕэ олорор бииргэ үлэлиир киһибитигэр, эдэр, сэмэй Елизавета Петровнаҕа, сэттис этээскэ үс куул хаппыыстаны таһаарыахтаахпыт. Саатар, Горькай уулуссатыгар үүт-үкчү, игирэ оҕолор курдук бэйэ бэйэлэригэр майгыннаһар араҕас кырааскалаах дьиэлэртэн биирдэстэригэр олорор. Аны дьиэлэрбит нүөмэрдэрэ суох. Баар да
буоллаҕына, кырааскалара баран, чуолкайа суохтар. Урут биирдэ сылдьыбытым да, өйдөөбөт эбиппин, хайа дьиэтин. Сэрэйэн, бу дьиэҕэ быһыылаах диэн хоту өттүттэн бастакы дьиэҕэ биир куулу сүгэн киирдим. Суоппарым дьиэбит чуолкайа суох буолан, «иккис сырыыга киирсиэм» диэн массыынатыгар хаалла. Киирбитим, доҕоор, хабыс хараҥаҕа дьон күлсэллэр, эмиэ да этиһэр-айдаарсар саҥа иһиллэр, ханна эрэ ырыа-тойук дьиэрэйэр. Буолумуна, элбэх киһи олорор дьиэтигэр.
Дьэ доҕоор, олох сэрэйэн, харах симсэ оонньуур кэриэтэ, аҥар илиибинэн далбаатаан, сороҕор истиэнэҕэ, дьоҥҥо кэтиллэн, ол аайы дэлби тиритэн, дьэ сэттис этээскэ нэһиилэ таҕыстым диэн буолла… Атаҕым салҕалас, бэйэм аҕылас бөҕө буолан, бэргэһэбин көннөрөн, уоскуйа сатыыбын да… Урут сылдьыбыт буолан, сэрэйэн, 140 №-дээх кыбартыыра
бу буолуо дии санааммын, биир тимир ааны тоҥсуйдум. Куорат ыала ырыынак кэлэн бары икки хос тимир ааннаахтар. Ким да эппиэттээбэт. Арай илиим иминэн тутан көрбүтүм, электрощит буолан биэрдэ. Салгыы истиэнэни имэрийэн биир ааны буллум. Тоҥсуйдум. Эмискэ биир эдэр киһи суостаах куолаһа: «Кимий?» диэтэ. Мин сэрэнэн дорооболостум. «Лиза…Лиза…Петровна баар дуо?» – диэн истэхпинэ: «Манна ханнык да Илииһэ суох! Манна мин эрэ баарбын! Өйдөөтүҥ дуо, мужик!» диэн ордоотоото.
Салгыы айанныыбын. Илиим иминэн, эмиэ истиэнэнэн сирдэтэн, өссө биир ааны тоҥсуйабын. «Бу 139-с кыбартыыра ээ. Аһара кэлбиккин», — диэн эдэр дьахтар нарын
куолаһа аан нөҥүөттэн хардарда. Иһийэн турдум. Испэр: «Бай! Хайдах хайдаҕый? Ити ордоотообут эрэппэр төннөр буоллаҕым» диэн салла быһыытыйдым. Куулбун түһэрэн, таҥаспын-саппын көннөрүнэн, тириппиппин соттон, уоскуйа түһэн баран, хайыахпыный, сэрэнэн били суостаах ааммын иккиһин тоҥсуйдум. Киһим: «Ким нааданый?» диэн хаһыытаата. «Ээ, мин, мин… мааҕыҥҥы киһибин. Лиза баар дуо? Хаппыыста аҕаллыбыт». «Туох ааттаах арахсыбат киһигиний? Ол Илииһэ диэн дьахтар манна баар буолуо диэн сордуугун дуо? Мааҕыҥҥыттан суох диибин дии! Көссүүгүн атын сиргэ көрдөө!» диэт сутуругунан ааны күүскэ баҕайы оҕуста, маатырылаан сырбатта. Мин арахсыбат киһи буоллум. «Оттон бу 140-с кыбартыыра буолбатах дуо?». Инньэ диирбин кытта, киһим аанын төлө тэптэ эбээт… Арай көрбүтүм, олох эдэр икки эрэт чалбах курдугунан мэндээриччи көрөн тэмтээкэйдии тураллар. Сутуруктарын сууралыыллар. «Мужик! Хатылаа эрэ! Туох диигин!» диэн буолла. «Ээ, оттон…бу үлэһиттэрбитигэрхаппыыста түҥэтэ сылдьабыт. Ону…»… диэмэхтиибин. «Чэ, оччоҕо хаппыыстаҕын манна аҕал!» диэт кэннигэр турар бөдөҥ уҥуохтаах уола хаппыысталаах куулбар түстэ. Тардыалаһыы кытаанаҕа буолла, ол быыһыгар:
«Туох буолбут эдэр дьоҥҥутуй, кимнээх диэҥҥитий?» эҥин диэн тыл бырахсабын. Хаһыы-ыһыы хойунна. Аны иккиэн саба түстүлэр. Ыксал буолла.
Ити судураан кэмигэр хата, дьолго, били 139 №-дээх хостон эдэр дьахтар тахсан айманна. «Хайа бу туох буоллугут? Милииссийэлэри ыҥырдым!» диэтэ. Тоҕо эбитэ буолла, ону истээт да, били эрэттэр хосторугар биирдэ «дьылыс» гынан хааллылар.
Сор диэтэҕиҥ! Ити үтүө дьахтар тахсыбатаҕа буоллар, туох буолуо эбитэй? Таҥаспын тэбэнэн, көннөрүнэн, күүтэн турар эдэр дьахтарга баһыыбалаатым. Аан сырдыгар көрбүтүм, кырдьык да ис киирбэх, сахалыы намыын дьүһүннээх үтүө-мааны дьахтар турар эбит. «Хаһыс кыбартыыраны көрдүүгүн?» диир. Сырдыкка тиксибиччэ кумааҕыбын ороон көрдөрдүм. Киһим күлэн сандаарда. «Бу дьиэ буолбатах ээ. Ортоку дьиэҕэ бараҕын. Бу дьиэ 94 №-дээх, эн наадыйар дьиэҥ буоллаҕына 96 №-дээх эбит. Олох да суох кыбартыыраҕын көрдөөн
хаппыыстаҕыттан мата сыстыҥ дии, чэ кытаат, ыстан», — диэтэ.
Дьэ, сити, оруобуна били «С легким паром!» диэн киинэҕэ майгылыыр түбэлтэҕэ түбэспиппин — үс үүт-үкчү дьиэ, саһархай дьүһүн, биир балаһыанньалаах, нүөмэрдээх, тимир ааннаах кыбартыыралар. Атына диэн – хаппыыста буоллаҕа… «Үтүө майгылаах дьоннор элбээтиннэр»» дии санаат, куулбун төттөрү сүгэн, эрэй, мэһэй бөҕөнү көрсөн түстүм. Суоппарым Оппуонньа Борокуоппайап өссө эбии дэлби сылайан, ньахчайан ахан массыынабар кэлбиппин көрөн бастаан өйдөөбөтө. Онтон кэпсээбиппэр өргө диэри уоскуйбакка, быара ыалдьыар диэри күлбүтэ.
Кэлин «хайа Лизабытыгар аны хаһан хаппыыста аҕалабыт» диэн хаадьылыыр. Миигин аһынан, ол ортоку дьиэҕэ чуолкайданнаҕа,  иккитэ кырынан бэйэтэ киллэртээтэ. Эмиэ саха үтүөкэнэ киһи диэтэҕиҥ… Атын суоппардар киллэрэн бэрт. Бу туһунан Лизаҕа кэпсии иликпин. Сүрэ бэрт! Кыбыстабын даҕаны! Уо, ама да күн-дьыл ааспытын иһин, сыралаах-харалаах хаппыысталар этилэээ-ээр…

Александр ДУНАЕВ, «Саха ыала» хаһыат архыыбыттан

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
2
+1
3