Лиза Эверстова: “Аттыгар баары кэрэхсээ” (ВИДЕО)

Ааптар: 
21.10.2021
Бөлөххө киир:

Сэттэ сыллааҕыта биир үтүө күн эдэркээн кыыска олох көстөр эрээри, киһи эрэ бары өйдөөн көрбөт өрүттэрин Ютуб ханаалга таһаарар санаа көтөн түспүтэ. “Идиэйэбин бэрт уһуннук иитиэхтии сырыттым, тута олоххо киллэрбэтэҕим. Баҕа санаам ыам ыйыгар дьэ ситтэ”, — диэн юрист, блогер, “Көстүбэт сир кистэлэҥэ” ютуб ханаал ааптара Елизавета Эверстова кэпсээнин саҕалыыр.

edersaas.ru

 

ЮРИСТ, БЛОГЕР, УОПСАСТЫБАННЬЫК…

Елизавета туһунан билиһиннэрэ түстэххэ, 2009 сыллаахха ХИФУ юридическай факультетын бүтэриэҕиттэн Ил Түмэҥҥэ, Дьокуускай куорат мээрийэтигэр, Юстиция министиэристибэтигэр, “Саха” НКИХ, арыгыны хонтуруоллуур управлениеҕа үлэлээбитэ. Ону сэргэ, бэйэтин баҕатынан араадьыйаҕа рубрикалааҕа, “Забота-Арчы” хаһыакка босхо юрист сүбэлэрин биэрэрэ. 2018 сыллаахха РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын академиятыгар медиа бэлиитикэ уонна уопсастыбаннай сибээс идэтин баһылаабыта. Билигин – фрилансер, блогер, олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) уонна тэйиччиттэн (онлайн) юридическай өҥөнү оҥорор.

ХАНТАН? ХАЙДАХ?

— Саха сирэ олус киэҥ, кырасыабай. Бэйэм Бүлүү улууһун Халбаакытыттан төрүттээхпин. Төрүөхпүттэн дэриэбинэҕэ улааппытым. Тыа сирин уратытын көрдөрөр санаа киирбитэ быданнаата эрээри, кэмин кэтэһэн сылдьыбыта эбитэ дуу… Дьаҥ тарҕанан, кэлин тыа сирин, айылҕаҕа көҥүл күүлэйдиири ордук сыаналыыр, өрө тутар буоллубут. Араас биэриилэри көрө-көрө киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин, дьонун-сэргэтин букатын уратытык көрдөрүөм этэ диэн санаалааҕым. Баҕа санаам хаһан эмэ олоххо киириэ диэн чопчу былааннаабат этим. Биир күн кафеҕа дьүөгэбин кытта көрсүбүтүм, кини дьүөгэтин илдьэ кэлбит этэ. Көннөрү кэпсэтии быһыытынан “маннык идиэйэлээхпин” диэн эппиппэр, саҥа билсибит кыыһым, үчүгэй бырайыак эбит, олоххо киллэрэр буоллаххына, өйүөм диэбитэ. Кини көмөтүнэн бырайыак олоххо киирдэ, — диэн Елизавета кэпсиир.

НАМҤА, НЬУРБАҔА, ГОРНАЙГА, БҮЛҮҮГЭ…

Сороҕор аттыбытыгар баар кэрэни өйдөөн көрбөккө, атын дойдуга талаһар, туох эрэ сонуну көрдүүр түгэннэрдээхпит. Дьиҥэр, ол кэрэ көстүү адьас чугас буолуон сөп эбээт. Ютуб ханаалга “Көстүбэт сир кистэлэҥэ” бырайыак ол кэрэни киэҥ араҥаҕа көрдөрөр соруктаах. Бу киин тэлэбиидэнньэҕэ көстөр “Орел и решка” биэриини тута санатар. Аныгылыы көрүүлээх, туох даҕаны хааччаҕа суох, судургу, сэргэх, кылгас…

Ааптар бастакы бырайыагын чугастыы Нам улууһун Маймаҕа уонна Бөтүҥ нэһилиэктэриттэн саҕалаабыта ылбычча буолбатах.

“Быйыл ыам ыйын сынньалаҥнарыгар оҕолорбун илдьэ аймахтарбар Нам улууһугар хонон-өрөөн, сынньанан кэлэн иһэн улуус харахха биллэр гына уларыйбытын, сайдыбытын бэлиэтии көрбүтүм. Нам улууһун көрдөрүөххэ сөп эбит диэн санаа көтөн түспүтэ, дьэ ол кэнниттэн дьүөгэбин кытта көрсүбүтүм, спонсорбыт өйүөм диэбитэ. Доҕотторбор этээппин кытта, тута биһирээбиттэрэ, өйөөбүттэрэ. Ити курдук, бырайыак бэрт кылгас кэм иһигэр “төрөөн” таҕыста.

Аны 152 киһилээх эрэ нэһилиэккэ барытыгар спортивнай сааланы туппаттар. Маймаҕаҕа ус­пуорт сааланы былырыын үлэҕэ киллэрбиттэр. Онтон Бөтүҥ нэһилиэгэ бэйэтэ туспа уратылаах. Нам улууһун дьоно-сэргэтэ да олус ыалдьытымсах, ураты дьарыктаах”, — диэн кылгастык билиһиннэрэр.

Ити бастакы биэриилэрэ Ютуб ханаалга тахсан, көрбүт дьон кэмэнтээрийдэригэр, кынаттыыр тылларыгар угуттанан, салгыы устарга быһаарыналлар. Ол курдук, бу сырыыга биллэр видеограф, КВНщик Андрей Егоров ыҥырыытынан бөлөх аны Ньурба улууһугар тиийэр. “Ньурбалар олус үчүгэй пааркалаахтар эбит. Тус бэйэм олус соһуйа, үөрэ көрдүм. Үгүстэр Ньурбаҕа итинник кэрэ паарка баарын да билбэттэр. Антоновка нэһилиэгин ыччата иллэҥ кэмигэр тугунан дьарыктанарын, кикбоксиҥҥа ССРС бастакы чөмпүйүөнэ Александр Иванов туһунан сырдаппыппыт”, — диир. Ньурбаттан кэлэн иһэн Бүлүү улууһун видеоҕа устан үйэтитэргэ быһаарыналлар. Бүлүү улууһугар кэпсиэх сир үгүс. Онтон саамай ордуктарын, суолталааҕын талан куорат устуоруйатын, “Эргэ куораты”, “Хомустаах” ыһыахтыыр сири, Бүлүү эбэни, эдэр урбаанньыттары, “VZD” вокальнай-инструментальнай ансаамбылы, оннооҕор эскалаатардаах атыы дьиэтин…

“Уочараттаах биэриибит тахсыбытын кэннэ көрөөччүлэрбит: “Төрөөбүт сирдэригэр-уоттарыгар хаалан улуустарын сайыннара сылдьар маладьыас ыччат” диэн ис хоһоонноох үгүс санааны суруйбуттара”, — диэн этэр. Салгыы ыҥырыынан Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр тиийэн репортаж бэлэмнээбиттэр. Дьиэлэрэ уокка былдьаммыт дьону кытта илэ көрсөн итиэннэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн баҕаларынан (доброволец) кэлэн көмөлөһө сылдьар эдэр дьону кытта кэпсэппиттэр.

Устар бөлөх чугастааҕы кэмҥэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар барыахтаах. “Уопсастыбанньыктар буолан, ханна ыҥырар нэһилиэктэригэр тиийэрбит табыгастаах. Көрсөллөр, бэлэм олорор буолаллар”, — диир Елизавета.

ОЛОҔУ ХАЙДАХ БААРЫНАН ЭБЭТЭР…

“Дьон билигин олоҕу хайдах баарынан дии-дии омсолоох эрэ өрүтүн көрөн суруйар, кэпсиир буолла. Олох күлүк өттүн сэргэ, ама, үчүгэй өрүт суох дуо? Баар бөҕө. Тустаах бырайыакпынан тыа сиригэр олорор дьону, сирдэри көрдөрөр соруктаахпыт. Күн тура-тура Дьокуускай эрэ иһин, биллэр-көстөр дьону, бэлиитиктэри, “сулустары” сырдаталлар. “Көстүбэт сир кистэлэҥин” уратыта – нэһилиэк олоҕун, дьонун-сэргэтин, ыччатын арыйыы“, — диэн санаатын үллэстэр.

“Кириитикэ даҕаны суох буолбатах, баар. Олохтоох кириитикэни ылынабын. Сорохтор бэйэлэрэ тугу даҕаны хамсаммакка сылдьан сэмэлиир, ити мөлтөх, бу мөлтөх диир дьону букатын ылыммаппын. Маҥнай бэйэлэрэ ылсан, оҥорон, хамсанан көрдүнэр, олоххо киллэрдинэр”, — диэн эмиэ аныгы олоххо баар көстүүнү уот харахха этэр. “Эбэтэр сылдьыбыт “улуустаргыт үтүө эрэ өрүттэрин сырдатаҕыт, уу-нуурал олох ойууланар” диэччилэр эмиэ көстөөччүлэр, хайаан даҕаны кыһалҕа баар буолуохтаах, ол хаарыллыахтаах диэн толкуйдаахтар. Биллэн турар, биһиги төһө да үөрэ-көтө уһулларбыт, кыралаан кыһалҕалары таарыйабыт. Ол эрээри, биһиги дьоҥҥо кэрэни, үтүөнү, сырдыгы көрдөрөр “миссиялаахпыт” дии саныыбын. Тоҕо? Медиа эйгэҕэ олус элбэх нууччалыы эттэххэ “негативнай”, сымыйа, дьону долгутар, кыйахыыр, кыыһырдар информация тарҕанар. Саатар Саха сиригэр үтүө, сырдык бырайыагынан бу эйгэҕэ бэйэбит кылааппытын киллэрээри, дьоҥҥо сабыдыаллаары гынабыт.

Иккиһинэн, бүгүҥҥү ыччат хаһыаты, уһун ахтыыны аахпат, араадьыйаны истибэт, олохтоох тэлэбиисэри көрбөт. Кинилэр кылгас, түргэн информацияны эрэйэллэр. Ол иһин иллэҥ биэрэмэлэрин Ютубка, Тик-Токка, Пикабуга атаараллар. Онон олохтоох ыччакка анаан Сахабыт сирин туһунан аҕыйах мүнүүтэ иһигэр элбэҕи кэпсииргэ дьулуһабыт. Бу биэриилэрбитинэн биир даҕаны ыччакка үтүө сабыдыалы оҥордохпутуна, сорукпут көдьүүстээх курдук сананыахпыт.

Бырайыак оннун булан эрэр. Кылгастык нэһилиэк устуоруйатын, төһө киһи олорорун билиһиннэрэбит, үтүө дьонун сырдатабыт…” — диэн ааптар кэпсиир.

СҮРЭХ БАҔАТЫНАН, СҮҺҮӨХ УЙАРЫНАН

“Көстүбэт сир кистэлэҥэ” бырайыакка биэс киһи үлэлэһэр. Номнуо дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэн эрэр. Сорох улуустар бэйэлэрэ сибээскэ тахсан ыҥыраллар. Этэргэ дылы, сүрэхтэрин баҕатынан, сүһүөхтэрэ уйарынан үлэлииллэр. Салгыы КСК ханаал үүнүөн-сайдыан, ыраах, хоту сытар улуустары эмиэ хабыахтарын баҕараллар. “Анал идэм суох, ол эйгэҕэ хаһан даҕаны холонон көрбөтөҕүм, табыллыа, дьон ылыныа суоҕа диэн санааны киэр илгиҥ, барытыгар куттаммакка, түргэн-тарҕан соҕустук ылсан иһиҥ”, — диэн бырайыак ааптара Елизавета Эверстова түмүктүүр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0