Бүгүн П.А. Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой 50 сылын туолла
Лоп курдук үйэ аҥаарын аннараа өттүгэр – 1970 сыл муус устар 17 күнүгэр Дьокуускайга Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой аһыллыбыта.
edersaas.ru
Кыратык устуоруйатыттан сэгэтэн көрдөххө, өссө 1958 сыллаахха олунньуга, оччолорго Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин э.т. Н.Е.Мординов уонна эппиэттиир сэкирэтээр И.И.Эртюков Саха АССР култууратын миниистирэ Г.В.Поповтан, 1935-1938 сс. Дьокуускайга Ворошилов уул. 18 – Платон Алексеевич Ойуунускай олорбут, үлэлээбит дьиэтигэр кини Мусуой-дьиэтин тэрийэргэ диэн, РСФСР култууратын министиэристибэтигэр хадатаайыстыба түһэрэригэр көрдөспүттэр. Сурукка Платон Ойуунускай олоҕун, үлэтин туһунан ыспыраапканы сыһыарбыттар (СӨ НА Ф.1344. Оп.1.Д.268).
1966 сыллаахха ахсынньы 30 күнүгэр ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин бюрота П.А.Ойуунускай Мусуой-дьиэтин тэрийэр туһунан уураах таһаарбыт. 1969 сыл муус устар 16 күнүгэр Ем. Ярославскай аатынан Саха сиринээҕи кыраайы үөрэтэр мусуой филиалын – “П.А.Ойуунускай мусуой дьиэтин тэрийэр туһунан” САССР Култууратын министиэристибэтин бирикээһэ тахсыбыт.
Ити сыл муус устар 21 күнүгэр П.А.Ойуунускай мусуой-дьиэтин сэбиэдиссэйинэн, Ем. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой иһинэн тахсыбыт бирикээһининэн, В.А.Протодьяконов-Кулантай анаммыт.
1970 сыллаахха Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа (бэрэссэдээтэл Сем. П. Данилов, эппиэттиир сэкирэтээр М.Д. Ефимов) Литературнай мусуой территориятыгар эбии Олоҥхо балаҕанын, П.А.Ойуунускай балаҕанын уонна саха ураһатын тутууларын ыытыыны көҕүлээбитэ.
1972 сыл кулун тутарга Ем. Ярославскай аатынан Саха сиринээҕи кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ уонна Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон Литературнай мусуой саҥа аһыллар салааларын тиэмэ-экспозиция өттүнэн былааннарын оҥорорго сүбэлэһиигэ илии баттаспыттар.
1972 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр, Саха АССР 50 сылын көрсө, мусуой олбуоругар “Ойуунускай балаҕана”, “Саха ураһата” аһыллыбыттара.
Оттон 1973 сыл сэтинньи 11 күнүгэр – Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 80 сылын көрсө, саха ураһатын аттыгар аҕыс муннуктаах Сэргэ туруоруллубут (ааптар архитектор Ю.И. Холмогоров).
1973 сыллааха САССР Култууратын министиэристибэтэ РСФСР Култууратын министиэристибэтигэр филиал «Саха Өрөспүүбүлүкэтээҕи П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой» диэн аатынан туспа мусуой буоларыгар этии киллэрбитэ.
1981 с. балаҕан ыйын 10 күнүгэр Литературнай мусуой таас дьиэтэ (архитектордар И.А. Слепцов, Г.У. Гермогенов) үлэҕэ киирбитэ.
1983с. алтынньы 15 күнүгэр П.А.Ойуунускай мемориальнай дьиэтэ өрөмүөн, реэкспозиция кэнниттэн аһыллыбыта (1983 с. диэри мусуой онно үлэлээбитэ).
1983-1992 сс. – мусуой сэбиэдиссэйэ А.Г. Старостин – Сиэн Кынат.
1991 с. сэтинньи 11 күнүгэр «О преобразовании Литературного музея им.П.А. Ойунского в самостоятельный музей» диэн култуура миниистирин бирикэээһэ тахсыбыта.
1992 сыл тохсунньу 28 күнүттэн П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой дириэктэринэн саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов үлэлиир.
1996 сыл олунньу 9 күнүттэн мусуой “Саха Судаарыстыбаннай П.А.Ойуунускай аатынан литературнай мусуойа” диэн ааттанар.
Аан дойдуга бүгүҥҥү балаһыанньанан сибээстээн, ыраахтан үлэлии олорор мусуой кэлэктиибин, дириэктэр Николай Лугинову бу үбүлүөйдээх дааталарынан СӨ Ил Дархана тэлэгэрээмэнэн эҕэрдэлээтэ.
Айсен Николаев кэлэктиип Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай аатын үйэтитиигэ уонна саха литературатын сайдыытын устуоруйатын көрдөрөр сэдэх, ураты матырыйааллары булуу, түмүү, кэлэр көлүөнэлэргэ анаан кичэллээхтик харайыы дьыалатыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэрин бэлиэтээтэ.
“Литературнай мусуой бүгүн киэҥ аудиторияҕа анаан литературнай тэрээһиннэри көхтөөхтүк ыытар, идэтийбит суруйааччылары эрэ буолбакка, айар үлэни сыаналыыр бар дьону түмэр. Бу, Литературнай мусуой дьиҥнээх норуот мусуойа буоларын кэрэһилиир”, — диэтэ бэйэтин эҕэрдэтигэр Айсен Сергеевич.
Билигин мусуой 3 эбийиэктээх: сүрүн таас дьиэ, Ойуунускайдар дьиэ кэргэттэрин мемориальнай мусуой-дьиэлэрэ уонна Ойуунускайдар балаҕаннарын куопуйата («Таатта» сопхуос оробуочайдара маастар Н.А. Ефремов-Табытал Уус уонна А.Р. Федосеев кыттыылаах 1971 сыллаахха чөлүгэр түһэриллибит).
2015 сыллаахха Арассыыйаҕа Литература сыла биллэриллэн, үлэ ол инниттэн эрдэттэн күүскэ баран, 2016 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр, Саха Судаарыстыбаннай П.А.Ойуунускай аатынан литературнай мусуой хаппытаалынай өрөмүөн кэнниттэн, үөрүүлээхтик аһыллыбыта.
Мусуой бэйэтин пуондатыгар 27345 ахсааннаах экспонаты ууран-харайан туруорар. Онтон ураты сыаннайдара – Былатыан Ойуунускай тус бэйэтин маллара, дьиэҕэ-уокка туттуллубут биридимиэттэр (дьиэ кэргэнин, доҕотторун, үөлээннээхтэрин бэлэхтэрэ); саха суруйааччыларын рукопистара, кинилэр араас дойдулар учуонайдарын, суруйааччыларын кытта суруйсуулара, саха литературатын уонна мусуой сайдыыларын устуоруйатын көрдөрөр тус докумуоннара, хаартыскалара бааллар.
Сылга Литературнай мусуойга 6000-тан тахса киһи сылдьар, 200-тэн тахса экскурсия оҥоһуллар. 2018 сылтан манна «Суруйааччылар төрөөбүт түөлбэлэринэн» бырайыак олоххо киллэриллэр. Суруйааччылар айар түһүлгэлэрэ, литературнай көрсүһүүлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар.
Бэлэмнээтэ Татьяна МАРКОВА.
Хаартыскалар мусуой пуондатыттан.