Дьокуускай Ньурба икки ардыгар 812 км. бу хайысханан күннэтэ такси арааһа сылдьар. Бүлүү бөлөх улуустарыгар соҕотох АТП Ньурба иһигэр уонна чугастааҕы нэһилиэктэр икки ардыларыгар, ону таһынан, Дьокуускай куоракка дьону, таһаҕаһы тиэйэр биир улахан тэрилтэ.
edersaas.ru
«Ыраах айаҥҥа диспетчер уонна ГАИ интернет ситиминэн суоппар биир чааска хас км төһө түргэнник барбытын, ханна сылдьарын эндэппэккэ булан ылар кыахтаахтар. Федеральнай трассаҕа суол төһө даҕаны аспаалламмытын иһин суоппардар 70-80 км/чааска тахсыа суохтаахтар. Бачча чаас айаннаан баран уруулу тутан иһэр киһи булгуччу сынньаныахтаах. Утуйаары гыннаҕына сэрэтэр тэрил тыаһаан барар, оччоҕуна уруулга иккис суоппар олоруохтаах. Оптуобустар сылга иккитэ техническай көрүүнү бараллар. Сокуон ирдэбилинэн, тиэйэр дьоммутун барыларын страховкалыыбыт», — диэн салайааччы Александр Иванов кэпсиир.
Олоххо сонун көрүүлээх эдэр кэлэктиип биир ”ПАЗ”-игы «Custom bas» диэн ортотугар уһун остуоллаах, караокелаах, суоппартан туспа быыстаах, күлүмүрдэс уоттаах экскурсионнай оптуобус оҥорбуттар. Оҕолор иһигэр киирэн, уаай лимузин дэһэллэр. 15 киһилээх бөлөх мустан, корпоративка сакаастыахтарын, эбэтэр Ньурба пааркатын, ыһыахтыыр сирин, сквердэрин, фонтанын, кэрэ көстүүлээх айылҕатын көрө, сынньана барыахтарын сөп. Мангал баар, шашлык да оҥоруохха син.
“Үлэбитин бизнес курдук көрөбүт, төһө да судаарыстыбаннай тэрилтэ буолбутун иһин, 9-18 ч. диэри олорон баран барбыт киһи диэн санаабаппыт, тугу эрэ саҥаны, интэриэһинэйи толкуйдаан, эбии дохуот киллэрэн, тэрилтэбитин сайыннарар интэриэстээхпит. Оптуобуска олорсо сылдьан, дьон санаатын үөрэтэн, кинилэр баҕаларын хоту Ньурба иһигэр общественнай тырааныспар сайын киэһэ 21ч. диэри сылдьар”, — диэн этэллэр үлэһиттэр.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru