Бүгүн СӨ Дьахталларын Сойууһун иһинэн тэриллибит Лиидэр кыргыттар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ тэриллибитэ биир төгүрүк сылын туолар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru
Былырыын олунньу 12 күнүгэр араас улуустартан, киин куорат бары тэрилтэлэриттэн, уопсастыбаннай түмсүүлэртэн норуот хаһаайыстыбатыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, доруобуйа харыстабылыгар, быһата, араас эйгэҕэ барытыгар сыһыаннаах, олоххо көхтөөх кыргыттар мустан, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиидэр кыргыттар VII форумнарын тэрийэн ыыппыттара.
Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи VIII форум олунньу 25 күнүгэр ХИФУ базатыгар ыытыллаары турар. Бу туһунан Лиидэр кыргыттар түмсүүлэрин салайааччыта, эдэр учуонай Нинель МАЛЫШЕВАНЫ кытта кэпсэтэбит.
— Туох санааттан лиидэр кыргыттар түмсэргэ сананныгыт?
— Өрөспүүбүлүкэҕэ, сүрүннээн, олохторугар барытын ситиспит: анал идэлэммит, ыал буолбут дьахталлар түмсүүлэрэ бааллар. Кинилэр араас тэрээһиннэри ыытан түмсэллэр. Оттон олоххо саҥа хардыыны оҥорон эрэр ыччат кыргыттар бэйэлэрин ыырдарыгар эрэ сылдьан, киэҥ аартыкка тахса сатыыллар. Ол иһин кыргыттар кэскиллээх үлэни-хамнаһы ыытаары сэттэ төгүл түмсэн форум тэрийэр буоллахтара.
Суолталаах толкуйдар олоххо киирэллэрин туһугар ааспыт сылга ыытыллыбыт форум бэрт улахан хамсааһыны таһаарбыта. Тэрээһиҥҥэ 300-тэн тахса ыччат-кыргыттар мустан, тус-туспа сылдьан барыны бары ситиһэ сатаабакка, биир сомоҕо буолан олохпутун тупсарыахха, бэйэ-бэйэбитин өйөһүөххэ диэн биир санааҕа кэлбиппит. Бэрт үгүс сонун этии киирбитэ. Үөрүөхпүт иннигэр, ол баҕа санаа үксэ олоххо киирдэ. Форумҥа СӨ Дьахталларын Сойууһун иһинэн үлэлиир Лиидэр кыргыттар түмсүүлэрин тэрийбиппит. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Ыччат сыла биллэриллибитинэн сибээстээн уонна икки сыл буола-буола форум тэриллиитэ тэтимнээх олохпутугар сөп түбэспэт эбит, бытаарыы тахсыыһы диэн санаанан салайтаран, аны тэрээһиммитин сыл аайы ыытар буолуохпут.
— Буолаары турар форумҥа анаан Дэкээдэ ыытан эрэр эбиккит дии?
— Биллэн турар, биир күн иһигэр былааннаммыт тэрээһини баҕаҥ хоту ыытан кэбиспэтиҥ чахчы. Ол иһин форумҥа бэлэмнээн, суолталаах тэрээһин ыытыллыан уон хонук иннинэ анал хайысхаларга арааран, олоххо көхтөөх кыргыттары мунньан аһаҕас кэпсэтии, санаа атастаһыытын ыытабыт.
Ол курдук, олунньу 11 күнүгэр “Бэйэ айар дьоҕурун уһугуннарыы уонна дьахтар дьарыга” диэн бэртээхэй тэрээһини ыыттыбыт. Олунньу 14 күнүгэр “Дьиэ кэргэн – дьол төрдө”, олунньу 15 күнүгэр «Аныгы үйэҕэ кыыс анала», олунньу 18 күнүгэр “Хайдах эдэр мөссүөнү харыстыахха” диэн кыыс-дьахтары интэриэһиргэтэр тиэмэлэргэ киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтиилэри тэрийиэхпит. Бу тэрээһиннэри социальнай хабааннаах буолан, түмсүүбүт иһинэн үлэлиир “Фокус” бөлөх сүрүннүүр.
— Тоҕо “Фокус” дэнэрий?
— Ол аата нууччалыыттан “фокус” — элбэхтэн сүрүҥҥэ болҕомто ууруу. Бөлөх сүрүн соруга – талааннаах, бэйэтин кыаҕынан толкуйдаабытын ситиспит ыччат-кыргыттары түмүү, кинилэр нөҥүө атыттары көҕүлээһин.
— Айар хайысхаҕа кимнээх “фокуһунан” буоллулар?
— Бэйэлэринэн кыахтарынан тахсыбыт ааттаах-суоллаах, киһи холобур оҥостор ыччат-кыргыттара: Ирина Сарта — «SARTA» иис оскуолатын тэрийээччи, Жанна Нестерова – таҥас дизайнера, Вера Иннокентьева — «Шерлок-паб» эрэстэрээн шеф-пуобара, Валентина Кэрэли – ювелир-дизайнер, фотограф, Валентина Степанова — режиссер, продюсер, Мария Давыдова – стилист-дизайнер, Любовь Артемьева – эдэр ийэ, кондитер, Майя Поисеева – элбэх оҕолоох ийэ, кондитер, Василена Шарина – Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын артыыһа, импровизатор-хомусчут, «Саҥа ырыа — 2017» ырыа куонкуруһун кыттыылааҕа, Лина Малина – SMM-менеджер, блогер, риэлтор форум Дэкээдэтин бастакы күнүн саҕалаатылар. Ыалдьыттарбыт хас биирдиилэрэ “фокуска” — болҕомтоҕо киирэн, санааларын үллэстэн, тэрээһиммит киэргэллэринэн буоллулар. Ол туоһутунан, көрсүһүүгэ кэлбит кыргыттар арахсыахтарын баҕарбакка, бэрт өр сэһэргэһэн, бэйэ-бэйэлэриттэн төлөпүөннэрин нүөмэрин бэрсэн тарҕастылар.
— Бу кэпсииргин илэ харахпынан көрбүт буолан, бигэргэтэбин. Кырдьык, наһаа истиҥ тэрээһин буолан ааста. Итии чэйи, кофены, минньигэс бурдук астары бэлэмнээн, олус истиҥ дьиэтээҕи эйгэни үөскэппиккитин бэлиэтии көрбүтүм. Сылаас чэйи иһэ олорон кэпсэтэртэн ордук күндү баар үһүө?
— Оннук. Түгэнинэн туһанан, тэрээһиммитигэр спонсордаан өйөөбүт Дьокуускай куораттааҕы килиэп кэмбинээтин салайааччыта Денис Белозеровка уонна “Якутия” ФАПК дириэктэригэр Павел Степановка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бу салайааччылар бэйэлэрэ ыччат лиидэрдэринэн үлэлии сылдьыбыт уопуттаах дьон буолан, биһиги ыытар үлэбитин өрүү өйүүллэр, бары кыахтарынан көмөлөһөллөр. Онон Ыччат сылыгар кинилэр бэйэлэрин тус кылааттарын эмиэ киллэрэллэрин бэлиэтиэххэ наада.
— Дэкээдэ чэрчитинэн буолаары турар тэрээһиннэри билиһиннэриэн дуо?
— Олунньу 14 күнүгэр – Тапталлаахтар күннэригэр “Дьиэ кэргэн – дьол төрдө” тэрээһин ХИФУ бибилэтиэкэтин конференц-саалатыгар 16 ч. буолуоҕа. Онно олохторугар, дьиэ кэргэҥҥэ дьоллорун бэйэлэрэ тобулбут элбэх оҕолоох ыал аҕалара Алексей Егоров-Өркөн – эстрада тыйаатырын дириэктэрэ, артыыс уонна режиссер, Руслан Тимофеев – мэрия иһинэн үлэлиир иһитиннэрэр-көрдөрөр сириэстибэлэр дэпэртээмэннэрин салайааччыта, Айхал Габышев – өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха сирин тутааччыларын сойууһа” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, “Аҕалар лиигэлэрэ” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта кыттыыны ылыахтара. Ону тэҥэ, суруналыыс, элбэх оҕо ийэтэ, актыыбынай олох көҕүлээччитэ Анна Фомина, “Дьокуускай куорат 2007 сыллааҕы бастыҥ учуутала” номинация кыайыылааҕа, элбэх оҕо ийэтэ Степанида Михайлова, урбаанньыт, чэй уонна кофе атыытыгар “УНЦИЯ” хампаанньа Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Ньургуйаана Заморщикова олоххо ситиһии туһунан санааларын үллэстиэхтэрэ.
Оттон олунньу 15 күнүгэр «Аныгы үйэҕэ кыыс анала», олунньу 18 күнүгэр “Хайдах эдэр мөссүөнү харыстыахха” диэн тэрээһиннэр чугаһыылларын саҕана социальнай ситимнэр нөҥүө билиһиннэриэхпит.
— Көрсүһүүлэри университет конференц-саалатыгар ыытаргыт эмиэ төрүөттээх эбит ээ.
— Бу олус табыгастаах саала. Манна мустуубут сүрүн төрүөтэ – интернет нөҥүө улуустары кытта быһа сибээскэ тахсабыт. Холобура, бастакы көрсүһүүбүтүгэр Абый улууһун кытта быһа сибээскэ холбоммуппут. Онно лиидэр кыргыттар үлэлэрин туһунан билсибиппит.
— Улуустары кытта сибээс диэбиккэ дылы, былырыыҥҥы форум кэнниттэн тыа сиригэр ыкса сибээстээх үлэни ыытаргытын билэбин.
— Алта улууска сылдьан Лиидэр кыргыттар түмсүүлэрин тэрийдибит. Бэйэбитин кытта нэһилиэктэринэн гинеколог бырааһы, психологы, сэбэрэни тупсарыы стилиһин уонна таҥас дизайнерын, пуобары, худуоһунньугу, суруйааччыны уонна поэты, суруналыыһы илдьэ сылдьан, босхо маастар-кылаастары, көрсүһүүлэри, санаа атастаһыыларын ыытабыт. Ол иһин улуустарга биһигини анаан кэтэһэллэр, кэлиҥ диэн ыҥыраллар.
— Субуотатааҕы тэрээһиҥҥэ атын улуустартан эмиэ кэлбиттэр этэ дии?
— Тэрээһин иннинэ анал анкета толоттордубут. Ол түмүгүнэн бу көрсүһүүгэ кытта кэлбит кыргыттары кытта сибээс олохтуохпут. “Фокус” бөлөх тэрийбит көрсүһүүтүгэр бэйэлэрэ истэн-билэн, анаан интэриэһиргээн уопсайа 50 ыччат-кыргыттар (орто саастара – 29) кэлэн кыттыыны ыллылар. Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Өлөөн улуустарыттан кэлэн үөртүлэр.
… Ити курдук, 25 чилиэннээх араас хайысхаларга арахсан үлэлиир Лиидэр кыргыттар түмсүүлэрэ Ыччат сылыгар анаммыт олунньу 25 күнүгэр буолуохтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи форумнарын Дэкээдэтэ ситиһиилээхтик саҕаланна. Тэрийэччилэр бу нэдиэлэҕэ буолаары турар көрсүһүүлэр өссө элбэх ыччаты тардыахтара диэн икки бүк эрэнэллэр. Ким баҕалаах, интэриэһиргээбит дьон 89141076164, 89142336742 төл. эрийэн билсиҥ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru