Кини сааһын кистээбэт – Саха сирин араас улуустарынан, нэһилиэктэринэн сылдьан ханна да тиийдин – нэһилиэнньэни да кытта көрсүһүүлэргэ, кэлбит тэрилтэтигэр да, түспүт ыалыгар да, быраас буоларын быһыытынан, чөл олох, доруобуйаны хайдах чөлүгэр түһэрии, тугу гыннахха мэлдьи эдэр-сэргэх көрүҥнээх сылдьыы туһунан кэпсииригэр, бэйэтин сааһыгар хас киилэ ыйааһыннааҕын, уһунун кээмэйин эбэһээт холобурга аҕалар. Ол дьоҥҥо, биллэн турар, ордук итэҕэтиилээх буолар. Тоҕо диэтэххэ, уун-утары көрөн олорон, киниэхэ 54 сааһы олох биэрбэккин.
Бүгүн СӨ Үрдүкү спортивнай маастарыстыбатын оскуолатын Спортивнай медицинэ уонна чөлүгэр түһэрии киинин бырааһа, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, хайыһарга Саха сирин спордун маастара Лидия Егоровна Аргунова – биһиги ыалдьыппыт.
Сахалар 100 сааспытыгар тиийиэхтээхпит!
— Лидия Егоровна, “Триумф” спортивнай комплексы — бу тупсаҕай көрүҥнээх баараҕай тутууну ыраахтан үчүгэйин сөҕө көрөр дьон, арааһа, аҕыйаҕа суохпут буолуо… Манна Спортивнай медицинэ уонна чөлүгэр түһэрии киинин үлэтин-хамнаһын, баһаалыста, билиһиннэрэ түс эрэ.
— Бу киин “Триумф” спорткомплекска 2013 сыллаахха тэриллибитэ. Сыалбыт-сорукпут – Өрөспүүбүлүкэ уонна Россия сүүмэрдэммит хамаандаларын чилиэннэригэр олимпийскай резервэ спортсменнарын доруобуйаларын туругун кэтээн көрүү, чөлүгэр түһэрии буолар. Мин манна үлэлиир кэлим научнай бөлөх чилиэнэбин. Спортсменнар доруобуйаларын, туруктарын кэтээн көрөн, араас научнай үлэлэр суруллаллар. Салайааччыбыт – медицинскэй наука доктора Наталья Владимировна Махарова. Биһиги кииммит 4 отделлаах. Ол курдук, спортсменнар доруобуйаларын кэтээн көрүү уонна эмтээһин салаатын сэбиэдиссэйинэн уопуттаах спортивнай быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Наталья Григорьевна Кузьмина, функциональнай чинчийии отделын сэбиэдиссэйинэн медицинскэй наука кандидата Ирина Андреевна Пинигина, физиотерапия уонна чөлүгэр түһэрии салаатын сэбиэдиссэйинэн Кристина Семеновна Гаврильева, клиническэй уонна биохимическэй лаборатория сэбиэдиссэйинэн Россияҕа 100 км марафон 2016 сыллааҕы призера Саргылана Ильинична Неустроева улэлииллэр.
Мин мониторинг салаатыгар, холобура, быйыл 115 тустуугу курациялыыбын, онтон 35-һэ өрөспүүбүлүкэ уонна Россия сүүмэрдэммит хамаандаларын чилиэннэрэ, онтон атыттара резервэҕэ сылдьар эмиэ чулуу спортсменнар.
Бу баараҕай дьиэ – “Триумф” иһигэр баар Спортивнай медицинэ киинэ бэйэтэ гостиницалаах, остолобуойдаах, кафелаах, сауналаах, тренажернай, сүүрэр, дьарыктанар ареналаах, бокса, тустуу саалалардаах, сүүрэр дорожкалаах… Бүтүн Уһук Илин үрдүнэн маннык, норуоттар икки ардыларынааҕы стандартарга толору эппиэттэһэр киин атын ханна да суох.
— Быйыл аан дойдуга улахан айдааны тарпыт допинг-хонтуруол эһиэхэ хайдах тутуһуллар?
— WADA – Бүтүн аан дойдутааҕы антидопинговай агентство итиэннэ Россияҕа “РУСАДА” антидопинговай агентство бааллар. Туох баар саҥа эмтэрбитин кинилэртэн көҥүллээх бирикээһинэн ылабыт. Спортсмеҥҥа ананар эмп 5 исписэлиис нөҥүө ааһар. Ол иһин кэһии тахсыбат. Допины биһиэхэ туттубаттар. Хонтуруол олус кытаанах.
“Суруллубут – суоруллубат!”
— Биирдэ командировкаҕа сылдьан Эн бэйэҥ эмтиир ньымаҥ туһунан түбэһэн истибиттээхпин…
— Уопсайынан, биһиги, сахалар, дьиҥэр, 100 сааспытыгар диэри холкутук тиийиэхтээхпит… Биһиэхэ баар дии, маннык алгыс: “70-ҥар сиэлэ сырыт, 80-ҥар айыкалаама, 90-ҥар торуоскаланыма, 100 сааскар сүүрэ сырыт!” — диэн. Ханнык баҕарар эмтээһиҥҥэ, сүбэҕэ-амаҕа мин сахалыы “Биэс тарбах һокуона” диэни тутуһабын. Ити эбэм үөрэппит үөрэтиитэ. Ханна да тиийиим – барытын 5 чааска араарабын. Холобур, спортсмен ситиһиитэ. Туохтан кэлэр? Бастакытынан – спортсментан бэйэтиттэн тутулуктаах: кытаанах дьиссипилиинэ! Режимэ, аһылыга, талаана, сатабыла, эрчиллиитэ.
Мелатонин диэн киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр гормон киэһээ 10 чаастан түүн 1 чааска диэри күүһүрэр. Онон, киэһээ 10 чаастан сарсыарда 6 чааска диэри утуйдаҕына бу киһи доруобуйатын 100 бырыһыан чөлүгэр түһэрэр. Өскөтүн спортсмен түүн 1 чаастан сарсыарда 5-6 чааска диэри утуйдаҕына доруобуйатын 40-50 эрэ бырыһыана чөлүгэр түһүөн сөп. Оттон 12 чаастан сарсыарда 8 чааска диэри утуйдахха – улахан туһа суох! Өбүгэлэрбит билэр этилэрэ. Тыҥ хатыыта – халлаан хараҥарыыта утуйан баран, күн тахсыыта туран кэлэллэрэ… Ол иһин, мин эдэр спортсменнарга, саҥа кэлээттэрин кытта, маны барытын сурукка тиһэн, хас биирдиилэригэр памятка туттарабын – “суруллубут – суоруллубат!
Иккиһинэн — тренерэ. Үсүһүнэн – салалта эргимтэтиттэн тутулуктаах. Төрдүһүнэн – эмп үлэһиттэриттэн тутулуктаах. Бэсиһинэн – кытаанах санаа уонна Итэҕэл!
Аны – аһылык. Арааран-наардаан аһааһын киһи доруобуйатыгар олус туһалаах. Холобур, миини килиэптээх иһимэҥ, диибин. Тоҕо диэтэххэ, килиэп миини кытта буккуһан килиэй курдук, сосудтары ноҕуруускалыыр. Эти туспа бэйэтин сиир ордук. Спортсменнар сарсыарда белок хайаан даҕаны сииллэр – холобур, буспут сымыыт. Аһыах иннинэ ыраас уу иһэр туһалаах. Аһылык буолуо 30 мүнүүтэ иннинэ уонна аһылык кэнниттэн 1 чаас буолан баран ыраас уу иһиэхтээххин. Холобур, 50 киилэ ыйааһыннаах киһи күҥҥэ 1,5 лиитирэ ууну иһэр. Оттон улаханнык хамсанар-имсэнэр, тыыныы эрчиллиилэринэн (дыхательнай) дьарыктанар киһи – 2,5 лиитирэни иһиэхтээх. Дьоппуон омуктар тыыныы эрчиллиилэрин хото, сөпкө оҥорор буоланнар, орто саастара 80 сыл. Оттон биһиэхэ Россияҕа эр дьоммут орто саастара – 62, дьахталларбыт – 69. Тыыныы бэйэтэ туспа быраабылалардаах, түһүмэхтэрдээх. Холобур, мэйиинэн тыыныы диэн баар. Хааман да иһэн оҥоруохха сөп. Тыыныы эрчиллиилэрэ хас биирдии килиэккэни аһаллар. Онон, үчүгэйдик анаан үөрэтэр уонна дьарыктанар туһата улахан.
Сылайар диэни билимэҥ!
— Аҕыс чаас устата толору утуйар, тыыныы эрчиллиилэрин оҥорор киһи сылайар диэни билбэт. Уһун тыыннаах, киэҥ көҕүстээх киһи буолар. Мин тыыныы эрчиллиилэрин оҥоро иликпинэ сааһырдым дии сананарым. “Оо, наһаа сылайдыым!” диэтэхпинэ эбэм – “Аньыы!” диирэ. Сылайдым, диир киһини таҥара истэр, онон, сынньанар усулуобуйаны оҥорор. Холобур, наар “сылайдым-элэйдим” дии сылдьар киһи алҕас тугун эмэ эчэтэн балыыһаҕа киирэн хаалыан сөп… Эбэм, таҥара олус үөрүнньэҥ уонна өһүргэс, диирэ. Наар үөрэ-көтө сылдьар киһини таҥара сөбүлүүр, диирэ.
Тыыныы эрчиллиитин кэнниттэн растяжка оҥоруллар – Аар Айыыларга, Үрүҥ күҥҥэ — Ыраас ыйга махтал! Үс куппар, Өбүгэлэрбэр махтал!
Бу барыта научнай өттүнэн бигэргэтиллибит чахчылар!
“Омега” диэн функциональнай туругу көрдөрөр аппарат баар. Бу тыыныы эрчиллиилэрин оҥоро иликпинэ ити аппарат миигин 51 сааспар – 60 саастааххын диирэ. Оттон билигин, дьарыктаммытым кэннэ, 54 сааспар – 41-дээххин диир!
Эрилик Эристиин балта
— Эн эбэҥ кимий, Лидия Егоровна?
— Алта оҕолоох, сүүрбэттэн тахса сиэннээх, элбэх хос сиэннэрдээх эбэм 89 сааһыгар бу Орто дойдуттан барбыта. Кини – Ирина Яковлевна Яковлева – суруйааччы Эрилик Эристиин балта. Эрилик Эристиин уонна эбэм аҕата бииргэ төрөөбүттэр. Чурапчы чакырдара. Бу кэлэр сыл тохсунньутугар саха талааннаах суруйааччыта Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сыла туолар. Онно үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ ээр-сэмээр бэлэмнэнэбит.
— Кэпсээниҥ иһин махтал!
Татьяна Маркова.