Сунтаар Элгээйититтэн төрүттээх, эдэр суруйааччылар мунньахтарын, «Тобуруокап көмүс күһүнэ» улахан түһүлгэ кыттыылааҕа Лиана Ю үс бастакы кинигэтэ күн сирин көрдө.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Бастакы «Аҕа, ийэ күнэ-ыйа» кинигэтигэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах сахалыы хоһооннор киирбиттэр. Кинигэ уус-уран айымньыны сэргээччилэргэ, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго, иитээччилэргэ уонна төрөппүттэргэ ананар. Киирии тылга саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева:
«Эдэр суруйааччылар мунньахтарыгар кыргыттар аҕыйаҕа суох буолааччылар. Кинилэр үксүгэр таптал туһунан суруйбут хоһооннорун илдьэ кэлээччилэр, ол бааламмат да буоллаҕа – эдэр саас иэйии уһуктар кэмэ… Кинилэр ортолоругар Лиана Ю туспатык көстүбүтэ – кини оҕолорго анаан суруйар эбит этэ уонна дьиктитэ диэн икки тылынан – нууччалыы да, сахалыы да.
Лиана хоһоонноро оҕоҕо олус чугастар, оҕо бэйэтэ суруйбутунуу судургулар, ыраастар. Лиана бэйэтэ майгытынан хорсун киһи.
… Мин ааҕааччыга этиэм этэ – ааҕыҥ, көрүҥ, баҕар, бу кэнэҕэски кэмнэргэ улахан прозаик буолар, биитэр оҕолорго анаан айбыт-суруйбут саха биир чулуу поэтын Константин Туйаарыскайы санатар киһи буолан тахсыа», – диэн истиҥ санааларын суруйбут, алгыс тылларын эппит.
Бу кинигэ оҕо ааҕа олорон араас өҥүнэн кырааскалыан да сөп гына таҥыллан оҥоһуллубут. Ол курдук, өҥнөр тустарынан хоһоону оҕо дорҕоонноохтук ааҕа олорон, кырааска эгэлгэтин түһэрэ оонньууһу.
«Мотылек, Дракоша и другие …» диэн иккис кинигэтигэр: «Нас, односельчан, Лиана Ю удивила еще выразительным прочтением сказки о Дракоше, выступление которого так ошеломил зрителей, что почти все поверили, что Дракоша где-то там в Африке не может уснуть», – диэн хоһоонньут, прозаик Анатолий Кириллин-Тоlicus биир дойдулааҕын билиһиннэрбит. Маны ааҕан баран, мин эмиэ ааттыын да дьикти кыыс быйыл Үөһээ Бүлүүгэ «Тобуруокап көмүс күһүнүгэр» бэйэтин хоһооннорун артыыстартан итэҕэһэ суох дорҕоонноохтук, ылыннарыылаахтык ааҕан соһуппутун уонна сэргэхсиппитин өйдөөн кэллим.
«Тастан киирэр ыалдьыттан
Кини ким диэн ааттааҕын,
Кимтэн кииннээх эбитин,
Хантан хааннаах буоларын
Сураһа тоһуйуллар,
Ыйытан билсиһиллэр.
Ол сиэринэн мин эмиэ
Бэйэм туспунан кэпсиэм.
Кэриэй омук кэрэтэ,
Эбэҥки эриэккэһэ,
Татаар омук талбата,
Урааҥхайтан Одуна,
Баскыыр омук бастыҥа,
Улуу нуучча лөчүөгэ
Доҕордоһон, ыаллаһан
Уруурҕаһан, холбоһон,
Оҕо гынан оҥорон,
Киһи гынан төрөтөн,
Бу Күн сирин көрдөрөн,
Дьылҕабыттан ыйдаран,
Төлкөбүттэн төлкөлөөн,
Айыы сирин ыйаннар,
Бу дойдуну булларан,
Иитэн, көрөн-харайан
Бүгүн тыыннаах эбиппиэн…», – диэн ааптар «Оҕо сааһым сарсыардата» үһүс кинигэтигэр бэйэтин билиһиннэрэр. Манна оскуола алын, орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр аналлаах хоһооннору, «Саһыл кэпсээннэрэ» диэн остуоруйаны ааҕыахха сөп.
Оҕо эрэ болҕомтотун тардыах элбэх уруһуйдаах, сахалыы тыыннаах кинигэлэри Юлияна биир дойдулааҕа, эдьиий кэриэтэ убаастыыр киһитэ Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ эрэдээксийэлээбит.
Дьокуускайга «Айар кут» бөлөх чилиэннэрэ мустан, Лиана Ю кинигэтин сүрэхтээтилэр, ааҕааччыларга билиһиннэрдилэр. Айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕаран туран, үтүө алгыстарын анаатылар.
ЫСПЫРААПКА:
Лиана Ю 1984 c. Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
2005 с. И.И.Фадеев аатынан Дьокуускайдааҕы үп-экономика колледжын бүтэрбитэ, казначей идэлээх.
1994 сылтан айар үлэнэн дьарыктанар. Оҕолорго аналлаах хоһооннору сахалыы, нууччалыы тылынан суруйар. Айымньылара өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэнэллэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru