Леонид Филиппов: «Дьарыкпын быспатаҕым оруолу оонньоото»

06.12.2020
Бөлөххө киир:

«Дыгын оонньуулара-2020» турнирбыт түмүктэннэ. Сэттэ көрүҥ түмүгүнэн Амма ыччата Леонид Филиппов бастыҥын дакаастаан, кыайыылаах үрдүк аатын ылла.

Леонид күрэхтэһии хаамыытын, бэлэмин, былааннарын туһунан кылгастык edersaas.ru саайтка кэпсээтэ:

— Леонид, кыайыам диэн эрэллээх этиҥ дуо?

— Кыайыам диэн эрэл баара. Ол эрээри, турукпун 100 % билбэт этим. Бүтэһиккэ диэри, куулбун быраҕан да баран, кыайдым диэн санаа кэлбэтэҕэ. Күрэхтэһии боротокуолун көрөн баран, дьэ кыайбыппын итэҕэйбитим.

— Күрэхтэһии болдьоҕун көһөрдөр көһөрөн испиттэрэ. Маныаха хайдах бэлэмнэммиккиний?

— Дьарыкпын быспатаҕым, бу оруолу оонньоото дии саныыбын. Атырдьах ыйыттан быһа ити буолар, бу буолар диэн күүтэн, баччааҥҥа диэри дьарыктанан кэллим. Быыһыгар, биллэн турар, сынньаммытым.

Аҕыйах сыллааҕыта «Өрөгөй» успуорт киинигэр күрэхтэһэ сылдьан илиибэр улахан эчэйиини ылбытым. Онно тохтуу сылдьыбытым. Ол эчэйиим мэһэйдээбэт, ол эрээри улахан үөрэҕи ылбытым. Оччолорго дьарыкпын сыыһа аттарбыт эбиппин. Билигин дьарыгым бэрткэ табылынна.

— Ханнык көрүҥҥэ кыайыам диэн эрэллээх этигиний?

— Оҕунан ытыыга, сүүрүүгэ бастыҥнар истэригэр киириэм диэн билэр этим. Төһө даҕаны хапсаҕайга дьарыктаммытым үрдүнэн халбас харата хайдах буолара биллибэт буоллаҕа. Мин күүспүнэн улахан ыйааһыннаах уолаттартан баһыйтарар буоламмын, иккис нүөмэринэн үлэлээтим.

— Бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түс эрэ.    

— Мин Амма улууһун Болугур нэһилиэгиттэн сылдьабын. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан тустуунан дьарыктаммытым, устудьуоннуур сылларбар атах оонньуутугар көспүтүм. Бастакы кууруска номнуо маастар нуорматын толорбутум. Үһүс кууруска хапсаҕайынан дьарыктанан саҕалаабытым. Ол сылдьан аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим. Билигин «Росгвардияҕа» үлэлиибин. Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпут.

— Салгыы туох былааннааххыный?

— Эһиил икки күрэхтэһии күүтэр — «Манчаары оонньуулара» уонна «Дыгын оонньуулара». Иккиэннэригэр кыттарым буолуо. Ол эрээри, бииригэр сүрүн күүспүн ууруом.


ЫСПЫРААПКА:

Леонид Филиппов Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр 1990 сыллаахха төрөөбүтэ.

Национальнай многоборьеҕа уонна атах оонньууларыгар Саха сирин успуордун маастара.

Бастакы улахан кыайыытынан 2016 сыллаахха Аммаҕа ыытыллыбыт «Сахаачча оонньууларыгар» буолар. Ол иннинэ 2008, 2015 уонна 2018 сылларга үрүҥ көмүс призер буолбута.

Ол сылга бастакытын «Дыгын оонньууларын» сүүмэрдиир түһүмэҕэр кыттыбыта, ол эрээри ааспатаҕа.

2017 сыллаахха «Чөмпүйүөн куубагар» төрдүс буолбута, «Дыгын оонньууларыгар» ситиһиилээхтик кыттыбыта.

2018 сыллаахха сборга сылдьар буолан «Дыгын оонньууларын» көтүппүтэ.

2019 сыллаах «Чөмпүйүөн куубагын» уонна «Дыгын оонньууларын» боруонса призера.

Виктория Бястинова, edersaas.ru

Хаартыска — sportyakutia.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0