Поэт, прозаик, драматург, кириитик, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ И.Н. Левин төрөөбүтэ 75 сыла

01.01.2017
Бөлөххө киир:

Иннокентий Наумович Левин Кэбээйи Сангаарыгар төрөөбүт. 1971 сыллаахха Саха Судаарыстыбаннай университетын историческай-филологическай факультетын бүтэрэн Абый, Чурапчы улуустарыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан өр сылларга үлэлээбит.
И.Левин оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан поэзиянан үлүһүйэн,  «Сиппиир» диэн ааттаах  эркин хаһыатын таһаара сылдьыбыт. 1954 сыллаахха улуустааҕы «Саҥа олох» хаһыакка бастакы хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ. «Сааскы үөрүү» хоһооннорун хомуурунньуга 1972, «Айдаар үс түүлэ» кэпсээннэрэ 1990, «Баайык» кэпсээннэрэ 1994 сыллаахха Дьокуускайга бэчээттэнэн тахсыбыттара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0