Үлэтэ суохтарга үрдэтиллибит босуобуйа оннунан хаалла

Бөлөххө киир:
Үлэтэ суох дьоҥҥо босуобуйа муҥутуур улахан уонна алын кээмэйэ оннунан хаалла. Бу туһунан РИА ааҕыныстыба суруйар.
Ол курдук босуобуйа муҥутуур улахан кээмэйэ 12 130 уонна алын кээмэйэ  1500 солкуобайга тэҥнэһэр. РФ Бырабыыталыстыбатыгар этэллэринэн, үлэлэрин сүтэрбит дьон бастакы үс ыйдарыгар хамнастарыттан 75% төлөбүрү ылаллар. Ол гынан баран, бу босуобуйа муҥутуур үрдүк кээмэйиттэн улаатыа суохтаах.
Санатан эттэххэ, былырыын кулун тутарга босуобуйа муҥутуур улахан кээмэйин 8000 солкуобайтан  12 130 солкуобайга диэри үрдэппиттэрэ. Бастаан утаа бу үрдэтиини пандемияны кытары сибээстээбиттэрэ.
Хаартыска https://ria.ru
edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0