Үлэтэ суох хаалбыттар анал босуобуйаны хайдах ылыахтарын сөбүй?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үлэтэ суох хаалбыт киһи бастакы уочаратынан олорор сиригэр баар нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутун хааччыйар киинигэр учуокка туруохтаах. Учуокка хайдах туруллар? 

— дистанционнайдык —   «Работа России» портал көмөтүнэн;

— бэйэ тиийэн —  олорор сиргэ баар нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутун киинигэр.

Учуокка турбут кэнниттэн уон күн иһинэн үлэ вакансиятын билиһиннэриэхтэрэ. Өскөтүн, билиһиннэрбит вакансияларыгар сөбүлэспиккитин кэнниттэн үлэни биэрээччи аккаастыыр түгэнигэр, эйигин үлэтэ суоҕунан ааҕаллар уонна босуобуйа ананыллар:

— 3 ый устатыгар, өскөтүн, эһиги бу иннинэ үлэлээбэтэх эбэтэр алта ыйтан кыратык үлэлээбит буоллаххытына, ыйдааҕы босуобуйа кээмэйэ 1500 солк. буолар;

— алта ый устатыгар, өскөтүн, бүтэһик сылларга алта ыйтан ордук үлэлээбит буоллаххытына, үс ый устатыгар босуобуйа быһыытынан 12792 солк уонна салгыы 5000 солк. төлөнөр. Оттон биэнсийэҕэ барыахтааҕа 5 сыл хаалбыт киһи үлэтэ суох хааллаҕына, тустаах посуобуйа 12 ый кэриҥэ төлөнүллүөн сөп, ол ыйдааҕы төлөбүрэ 12792 солк. буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0