Үлэтэ суох буолууга босуобуйа үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

РФ Үлэҕэ, социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтэ үлэтэ суох буолууга босуобуйаны үрдэтэр туһунан сокуон барылын оҥоро сылдьар.


Сокуоҥҥа уларыйыылар киирдэхтэринэ, босуобуйа алын уонна үрдүк кээмэйэ үрдүөҕэ, ону тэҥэ гражданин “үлэтэ суох” диэн статуһун билинии усулуобуйатын судургутутуохтара.

Счетнай Балаата бэрэссэдээтэлэ Татьяна Голикова этэринэн, босуобуйаны ылыы уустук уонна кээмэйэ кыра буолан, дойду үрдүнэн үлэтэ суох дьон ахсаана дьиҥнээх балаһыанньаттан кыра курдук көстөрө. Ол курдук, үлэтэ суох дьонтон хас бэһис киһи эрэ кэлэн регистрацияланар, босуобуйаны ылар эбит. Арассыыйа үрдүнэн дьиҥнээҕэ 4 мөл. үлэтэ суох киһи баарыттан, 800 тыһыынча эрэ киһи учуокка турар диэн аахпыттар.

Үлэтэ суох буолууга босуобуйа икки кээмэйдээх: алын уонна үрдүкү. Билигин Арассыыйаҕа босуобуйа алын кээмэйэ – 850 солк., муҥутуур үрдүк кээмэйэ 4900 солк. тэҥнэһэр. Хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) – 9489 солк., ыам ыйыттан үрдээн 11 163 солк. буолуо.

Оттон Саха сиригэр босуобуйа кээмэйэ арыый үрдүк.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ: үлэһит киһиэхэ – 17 586 солк., оҕоҕо – 17 023 солк.

Хамнас алын кээмэйэ (МРОТ): 23 723—26 569 солк. (коэффициенынан көрөн).

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр орто хамнас — 59 014 солк. (алтынньы ыйга).

Үлэтэ суох буолууга босуобуйа алын кээмэйэ (Дьокуускайга) — 1 190 солк.

Үлэтэ суох буолууга босуобуйа муҥутуур үрдүк кээмэйэ (Дьокуускайга) — 6 860 солк. Кангаласс бөһүөлэгэр — 7 350 солк.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0