“Хаҥалас хапсаҕайа” өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүлгэ үөрүүлээх аһыллыытыгар биллиилээх бөҕөс, Азия чөмпүйүөнэ, аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса призера, икки Олимпиада кыттыылааҕа, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Леонид Спиридоновы улахан спортан атаарыы буолла. Санатан эттэххэ, соторутааҕыта Леонид Николаевич Саха сиринээҕи Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатын дириэктэрин бастакы солбуйааччынан анаммыта.
Бүгүн, кини — биһиги ыалдьыппыт.
Петр Павлов, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Үлэбин үрдүктүк сыаналаабыттарыгар махтал!
-Леонид Николаевич, чэ бастатан туран, төрөөбүт улууһуҥ эйигин чиэстээһинэ-бочуоттааһына ситиһиилээхтик ааспытынан эҕэрдэлиибин! Эн бэйэҥ эмиэ астыммыт буолуохтааххын. Уопсайынан, ити тэрээһин “буруйдааҕын” быһыытынан тугу этиэххин сөбүй?
-Улахан спортан атаарыы диэн уруккуттан олохсуйбут үгэс. Мин бэйэм эмиэ аҕыйах киһини спортан атааралларын көрбүтүм. Ол эрээри, миигин наһаа оннук гымматтар ини дии саныырым. 2012 сыллаахха, тустан бүппүппүн кэннэ атаарыы оҥоробут дуо, диэн ыйыппыттарыгар, сөбүлэспэтэҕим. Ол гынан баран, биир дойдулаахтарым туруорсаннар, олох күүстэринэн кэриэтэ диэххэ сөп, тэрийэн, сүүрэн-көтөн ыыттылар.
Бастатан туран, төрөөбүт Дьөппөнүм дьоно, тустууга сүгүрүйээччилэрэ, ыаллыы олорор киһибит Руслан Юрьевич Егоров сүүрэн-көтөн үчүгэйдик, улахан таһымнаахтык тэрийбиттэриттэн мин үөрэбин. Бэйэм итинник буолуо дии санаабатаҕым. Кырдьык, наһаа үчүгэйдик тэрийбиттэр. Мин үлэбин үрдүктүк сыаналаатылар. Хас да сыллаах үлэм түмүгэ буоллаҕа дии.
Миигин ааттаабыттарыгар дьон-сэргэ сүһүөхтэригэр туран сүгүрүйбүттэрэ – бу буоллаҕа дии, саамай үрдүк махтал. Ону көрөн баран, бэйэм сүрдээҕин ис-испиттэн долгуйбутум. Ол иһин барыларыгар, тэрээһиҥҥэ кыттыспыт дьоҥҥо — спорт управлениетыгар, улуус баһылыгар, Покровскай куорат мэригэр, 2-с Дьөппөнүм баһылыгар, дьонугар-сэргэтигэр уонна тус бэйэм чугас дьоммор улахан махталбын тиэрдэбин.
Дьиҥинэн ылан көрдөххө, атаарыы диэн дьикти баҕайы тыл. Итини инникитин хайдах эрэ атыннык ааттыахха наада эбит дии саныыбын. «Улахан спортан атаарыы» диэбэккэ эрэ, бэйэм санаабар, «спорка олоҕо ситиһиилээх буолбутунан чиэстээһин» диэх курдук оҥороллоро эбитэ буоллар, үчүгэй буолуо этэ. Ити бэйэм баҕа санаам. Ол гынан баран, үчүгэй эбит, манныгы тэрийэллэрэ. Дьон-сэргэ кырдьыктыы бэйэлэрин уолларын көрөннөр, махталларын тиэрдэллэрэ астык бөҕө буоллаҕа дии.
Дууһа уонна Өй бүппэт мөккүөрэ
-Эн сэмэй киһи быһыытынан этэриҥ саамай сөп. Мин санаабар, ити аҥаардас эйиэхэ эрэ туһуламмыт тэрээһин буолбатах. Бу дьаһал иитэр, үөрэтэр суолталаах. Элбэх биир дойдулаахтарыҥ, эдэр тустууктар, ыччаттар – биллиилээх спортсменнарга маннык сыһыаннаһаллар, маннык сыаналыыллар эбит ээ диэн холобур оҥостуохтарын сөп.
—Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Итиннэ кэлбит эдэр оҕолор, биир дойдулаахтар, ыччаттар көрөннөр, бу кырдьык, спордунан утумнаахтык дьарыктанан, киһи бэйэтин аатын ааттатыан, ситиһиилээх киһи буолуон сөп эбит диэн сыаналаабыттара буолуо диэн өтө сэрэйэбин. Итиэннэ спорка кэлэн, спордунан дьарыктанан, ааттарын оҥостуохтарын сөбүн өйдөөтөхтөрө.
-Спортан атаарыы диэн хайдах эрэ дьиибэ диэн сөпкө этэҕин. Эн былырыын баччаларга көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ буолбутуҥ. Онон спортсмен Леонид Спиридонов атаарыллан баран бүтэн хаалар дуу, эбэтэр биһиги киниттэн тугу кэтэһэбит?
-Ханнык баҕарар улахан спорка сылдьыбыт спортсмен син биир ис-иһигэр күрэхтэһиэн баҕарар. Син биир көбүөрүн ахтар. (Сорохтор иккитэ-үстэ атаарыллан баран, санаалара буолбакка, спорка төннүбүт түгэннэрэ суох буоллбатахтар. – П.П.). Дууһатын ууран эрчиллибит киһи ылла да биирдэ быраҕан кэбиспэт. Дууһа уонна өй мөккүөрэ тахсар.
Дууһата баҕарар, оттон өйө: “Кэмиҥ ааста, доруобуйаҥ кыайбат буолла, атынынан дьарыктаныахха наада” диир. Тоҕо диэтэххэ, кыайыы өрөгөйө, хотторуу хомолтото спортсмеҥҥа наркотик курдук буолан хаалар. Кини ону баҕарар. Ол иһин сорох спортсменнар атаарыллан баран төннөн кэлэ тураллар. Миэнэ улахан спортан атаарыллыы диэн, оттон кыра спорт диэн эмиэ баар буоллаҕа дии (күлэр). Баҕардахпына хаһан баҕарар түһүлгэҕэ киириэхпин сөп. Бэйэм санаабар, турукпун тута, доруобуйабын көрүнэ сылдьабын.
Тустууну хойутаан өйдөөбүтүм
-Тустуу саалатыгар эйигин наар көрөбүн, уолаттары үөрэтэн, сүбэлээн-амалаан, бэйэҥ көбүөргэ үлэлии сылдьаргын. Тустууктары көрөн, күрэхтэһиигэ сылдьан, бэйэҥ көбүөргэ тахсан тустарга кыдьыгыран кэлбэккин дуо? “Оо, дьэ ити түгэҥҥэ мин маннык гыныам этэ” диэбиккэ дылы.
-Оннук түгэннэр баар бөҕө буоллахтара дии. Мин тустан бүтэн иһэн тустуу ис дьиҥин дьэ өйдөөбүтүм. Ол иннинэ дьарык күүһүнэн, сүбэ күүһүнэн сырыттаҕым дии. Оттон 2011-2012 сылларга тустан бүтэрим саҕана тустууну ис хоһоонун сүрдээҕин өйдөөбүтүм. Бэйэм маннык эбит, оннук эбит диэн толкуйдаан баран, ол хамсаныылары, албастары дьарыктарга боруобалаан киирэн барбытым. Ону, баҕар, мин эрчиллибэтим эбитэ буоллар, теория диэм этэ. Оттон мин эрчиллэммин, көбүөргэ туттаммын, бэйэбэр сатанар. Ол иһин тустууну дьэ өйдөөбүт эбиппин диэммин, кыратык хомойобун. Баҕар билигин кэлэн билбитим үчүгэй буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, эдэр ыччаттарга көбүөргэ киирэн быһаара, көрдөрө сатыыбын. Мин билигин билэбин дии саныырбын эрдэ билэннэр, ситиһиилэнэллэригэр баҕарабын. Тустуу сайдыытыгар үлэлэһэр киһи буоларбынан, саалаҕа бириэмэ булан бара сатыыбын. Уолаттар эрчиллиилэрин көрөбүн, сүбэлиибин-амалыыбын, кинилэр тугу саныылларын, тугу толкуйдуулларын билиэххин баҕарар буоллаххына, кинилэри кытта тэҥҥэ сылдьыаххын наада.
Тустууну талбыппыттан кэмсиммэппин
-Леонид, эн бастаан тустуук быһыытынан тахсаргар, физико-математическай колледжка үөрэнэриҥ саҕана тустууну таларыҥ дуу, эбэтэр үөрэҕи батыһарыҥ дуу туһунан кэпсэтии баар буола сылдьыбытын истибитим. Ону билигин, ааспытын кэнниттэн хайдах сыаналыыгыный?
-Кыра эрдэхпиттэн, тренердэрим Олег Дмитриевич Лебедев, Валерий Архипович Скрябин такайыыларынан, тустуу миэхэ дууһабар киирэн хаалбыта. Спорт бу көрүҥүн ис-испиттэн сөбүлээбитим. Тустууну киһи сөбүлээтэ да, онтон хайдах да арахсыбат. Оннооҕор ыалдьааччылар бааллар. Мин элбэх доҕоттордоохпун. Кинилэр урут тустууну сэҥээрбэт этибит дииллэр, оттон билигин күрэхтэһиилэргэ сылдьан, уолаттарга ыалдьан киирэн баран, аны сатаан арахсыбаппыт дииллэр. Тустуу оннук угуйар күүстээх, алыптаах. Ол иһин миигин тренердэрим үчүгэй иитэр күүстээх буоланнар, тустууга тапталы иҥэрдэхтэрэ. Тохсус кылааһы бүтэриибэр куоракка кэлэн, физмат оскуолаҕа киирэн үөрэнэ даҕаны сылдьан, син биир испэр тустуохпун баҕарар этим. Кыра эрдэхпиттэн бэйэбэр ыра санааны туруоран кэбиспитим. Олох Олимпиадаҕа тиийиэхтээхпин, улахан тустуук буолуохтаахпын диэн сыал-сорук туруоруммутум. Ол иһин төһө да физматка үөрэнэ сырыттарбын, дьарыкка кэлэ турабын. Инньэ гынан тренер Будимир Григорьевич Яковлевка кэлэн, устудьуон буолан баран, үөрэх дуу, спорт дуу диэн боппуруос турбутугар, бэйэм өйбүнэн-санаабынан спорду талбытым. Кыра эрдэҕинээҕи ыра санаабын толороору…
-Физмат оскуола дириэктэрэ И.И.Шамаев хомойбута буолуо?
-Кини миигин тыыппалаах дии санаан, промышленноска киллэрэр былааннаах этэ. Биһиэхэ промышленноска сахалар аҕыйахтар уонна кыахтаах дьон киирдэхтэринэ, атын омуктары кытта эн-мин дэһэн, үлэлээн, сайдан, сахалар баалларын көрдөрөн, тахсыан сөп диэн толкуйдаан, миигин онно анньа сатаабыта. Ону мин спорка баран хааллаҕым дии. Билигин Иван Иванович миигин сүрдээҕин өйдөөтө. Холобура, олоххо өй эрэ буолбатах эбит диэн, эбэһээт спорт, күүстээх санаа диэн элбэҕи быһаарарын өйдөөтө. Билигин холобура, кини физкултуура учууталынан туста эҥин сылдьыбыт уолу ылыан баҕарар. Оҕолорго оннук санааны тиэртин диэн.
Олохпут сайдан иһэрин билэҕит. Омуктары кытта алтыһыы улаатан иһэр. Кэлии-барыы элбээтэ, манна биһиэхэ даҕаны араас омуктар кэлэллэр. Онно барытыгар ситиһиилээх киһи – күүстээх санаалаах киһи. Күүстээх санааны, эт-хаан өттүнэн сайыннарыыны билиҥҥи күрэстэһиилээх кэмҥэ өрө тутуохха наада. Маны, бастатан туран, ийэлэр өйдүөхтэрин наада. Тоҕо диэтэргит, биһиги оҕолорбутун эт-хаан, күүс-уох, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах дьон быһыытынан иитэн таһаарарбыт таһынан, күүстээх санаалаах буолалларыгар такайыахтаахпыт. Бэйэм санаабар, ити национальнай бэлиитикэ.
Покровскайга Тустуу саҥа саалата тутуллар буолла
-Леонид, эмиэ чиэстээһиммитигэр төннүөххэ, элбэх кэскиллээх санаалар этиллибиттэр. Тренериҥ Будимир Григорьевичтан, Покровскайга Леонид Спиридонов аатынан тустуу саалата аһыллар буолла диэн үөрүүлээх сонуну истибитим.
-Улахан спорка сылдьар кэммэр миэхэ биир дойдулаахтарым – хаҥаластар, сүрдээх элбэх киһи көмөлөспүтэ, өйөбүл буолбута. Ол иһин, тустан бүтэн баран, хайаан даҕаны төрөөбүт дойдубар туох эмэ туһаны аҕалыахтаахпын диэн толкуй баара. Тустуук буоларым быһыытынан, бастатан туран, тустуу саалата баар буолуохтаах дии саныыбын. Хаҥаласка тустууну сайыннарыахпын баҕарабын. Ити санаабын улуус баһылыгар, Покровскай куорат мэригэр эппитим, ону кинилэр өйөөннөр, оруобуна ити чиэстээһин кэмигэр бэйэлэрин былааннарын быктардылар.
Билигин ханна тутуллар сирин быһаарса сылдьабыт. Ил Түмэн дьокутаата Алиш Забитович Мамедов Хаҥалас улууһун тустууга федерациятын салайааччыта. Кини, аныгылыы толкуйдуохха наада диир. Чиэстээһиҥҥэ кини тугу да биэрбэтэҕэ, ол оннугар мин бэлэҕим — ол буолуо диэн тылын биэрбитэ. Кини биһиэхэ тирэх буолбута сүрдээх үчүгэй. Онон хайаан да быйыл тутууну саҕалыахпыт. Ити кыаллар дьыала, кылаабынайа, улахан баҕа наада.
Бары биир санаанан үлэлиэххэ
-Леонид Николаевич, аны тустуубут туругар киирдэххэ, билиҥҥи балаһыанньабытын хайдах саныыгыный?
-Биһиги бары сүбэлэһэн үлэлиибит. Биир киһи баҕатынан буолбат. Дьиҥэ, ити хотторуу кэнниттэн тустууну таптааччылар үөхсэллэрэ сыыһа. Биһиги сүбэлэһэн үлэлии сатыыбыт. Хас биирдии киһи Саха сирин тустуута сайдыан баҕарара өйдөнөр. Салайааччы да буоллун, боростуой үлэһит да буоллун, тыаҕа олорор киһи да буоллун, бары ситиһиини баҕараллар. Ылан көрдөххө, оннук куһаҕан көрдөрүү буолбатах. Россия хамаандатыттан уон биир уолбут туһунна. Онтон атыттар бэйэлэрин харчыларыгар, спонсордар үптэринэн кытыннылар. Үлэ бара турар. Сүрүн сыалбыт-сорукпут — тустууктарбыт Олимпиадаҕа тиийэн мэтээл аҕалыахтаахтар. Онон үөхсүбэккэ хайаабакка, кэтэһиэххэйиҥ. Бэйэҕит этиилэргитин биһиэхэ киллэриҥ. Бары биир санаанан үлэлиэхтээхпит.
-Красноярскай кэнниттэн элбэх киһи кэпсэтиһэр, ырытыһар уонна Леонид Спиридонов тренер быһыытынан хамаанданы салайан үлэлиирэ буоллар, диэн баҕаралларын этэллэр. Ону эн бэйэҥ хайдах көрөҕүн?
-Итиннэ мин маннык этиэм этэ, Саха сирин тренердэрэ — мөлтөх тренердэр буолбатахтар. Мин бэйэм эрчиллэ да сылдьан көрөбүн, саха тренердэрэ сүрдээх үлэһит дьон. Билигин тустууну сүрүннээһиҥҥэ үлэлэһэр киһи эрчиллиилэргэ сылдьарым, үлэ былаанын кылаабынай тренери кытта бииргэ оҥорорум быһыытынан, хамаанда билиҥҥи туругун быһаччы хонтуруоллуу сылдьабын. Онон мин син биир хамаандаҕа баарбын.
Киһи тустан бүтээт даҕаны, тута кылаабынай тренер буолар кыаҕа атын дии саныыбын. Бастаан көннөрү тренер быһыытынан үлэлиэн, бэйэтин көрдөрүөн, кими эрэ иитиэн, буһуон-хатыан наада. Психологияны, медицинаны билиэххин наада, арааһынай хараахтардаах дьону кытта сатаан үлэлэһэр буолуохха наада. Тренеринэн үлэлиир эмиэ ыарахаттардаах. Кылаабынай тренер диэн, сүрүннээн, тэрийээччи эрэ курдук буолар. Ол иһин көбүөргэ үлэлээн, идэтин ис хоһоонун үчүгэйдик билэн эрэ баран, кылаабынай тренеринэн үлэлээтэҕинэ, туһаны аҕалыан сөп.
Аҕабыт сөпкө да ииппит эбит
-Бүтэһиккэ тус олоҕуҥ туһунан. Күрэхтэһиилэргэ уолаттаргын батыһыннара сылдьаргын көрөн, тус бэйэм сүрдээҕин астынабын. Былырыын өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр тустаргар уолаттарыҥ секунданнаабыттара, бэйэҕин кытта пьедесталга тахсан турбуттара…
-Уолаттарым кыралар. Үчүгэйдик иитэбин диэн улаханнык этиммэппин. Улааттахтарына көстүөҕэ. Ол гынан баран, аҕа быһыытынан оҕолорум иитиитигэр кыһалла сатыыбын. Сахаларга, сааһырдаххына, олоҕуҥ оҕолоргуттан көстөр, хайдах ииппиккинэн диэн баар. Уолаттарбын өй эрэ өттүнэн буолбакка, күүстээх санаа өттүнэн, спордунан иитэбин. Ол иһин кинилэри күрэхтэһиилэргэ илдьэ сылдьабын. Кинилэр бэйэлэрэ тустуунан дьарыктаналлар. Оҕолорбор болҕомто уурабын. Булка илдьэ сылдьабын, дьиэ ис-тас үлэтигэр такайабын. Биһигини аҕабыт сөпкө да ииппит эбит, үлэ нөҥүө олоххо үөрэппит. Ону толкуйдаан тураммын, билигин бэйэм уолаттарбын үлэлэтэ сатыыбын.
-Леонид Николаевич, толору ис хоһоонноох хоруйдарыҥ иһин махтал! Эн тустуук быһыытынан Сахаҥ сирин аатырдыбытыҥ, аны билигин бэйэҥ тустууну сүрүннүүр салайааччы быһыытынан үлэҕиҥ саҕалаатыҥ, бу үлэҕэр ситиһиини баҕарабын. Ситиһии баар буоларыгар эрэнэбин, өскөтүн эн курдук идэлэрин толору баһылаабыт дьон хамаандаҕа, салалтаҕа баар буоллахтарына, диэн кэпсэтиибитин түмүктүүбүт.
Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ”, www.edersaas.ru