Леонид Попов туһунан саҥа кинигэ күн сирин көрдө

07.08.2019
Бөлөххө киир:

Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылын көрсө саҥа кинигэ күн сирин көрдө.
“Хочо хоһуун хоһоонньута” диэн кинигэ ааптара – медицинскэй наука дуоктара, Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Валериан Николаев.

edersaas.ru


Кинигэҕэ ааптар хоһоон киэбинэн суруйбут «Хочо хоһуун хоһоонньута» диэн  сэһэнэ уонна  бэйиэт олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан бэчээккэ тахсыбыт ахтыылар хомуллан, таҥыллан киирбиттэр.
Ааҕааччы саха суруйааччыларын ахтыыларыттан Леонид Попову киһи, бэйиэт быһыытынан билиэҕэ, умнубутун сөргүтүөҕэ, норуокка биллэр ырыалара хайдах суруллубуттарын, ылламмыттарын туһунан сэргии ааҕыаҕа. Манна сыһыаран эттэххэ, ааптар Леонид Попов ырыалара суруллубут устуоруйатын сонордоһон, мелодистар Аркадий Алексеевы, Александр Самсоновы, Трофим Семенов кэргэнэ Сусанна Ермолаеваны кытары тус көрсөн кэпсэтиитэ биир дойдулааҕа Леонид Попов олоҕун үөрэтиигэ саҥа страницалары арыйбыта саарбаҕа суох.
«Хочо хоһуун хоһоонньута» хоһоон киэбинэн сэһэнин ааптар хомуйан оҥорбут кыбытыктарынан, хос быһаарыыларынан байыппыта ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа. Ону сэргэ, бэйиэккэ бэйэтигэр, кини төрөөбүт сиригэр уонна кини поэзиятыгар сыһыаннаах иһитиннэриилэр биир сиргэ түмүллүбүттэрэ элбэх киһи билиитин-көрүүтүн хаҥатыаҕа.
Кинигэҕэ туттуллубут литература испииһэгэ Валериан Николаев, учуонай киһи сиэринэн,  элбэх үлэни хасыһан, чинчийэн үөрэппитин кэрэһилиир.
Кинигэ сааһыттан тутулуга суох саха поэзиятын таптааччыларга, үөрэтээччилэргэ, саха норуодунай бэйиэтин  олоҕун, поэзиятын туһунан билиэн-көрүөн баҕалаахтарга, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуланар.
Саҥа таһаарыы “Дани-АлМас” кинигэ кыһатыгар 300 ахсаанынан таҕыста.

Мантан салгыы кинигэ аан тылыгар ааптар суруйуутун билиһиннэрэбит:

“Саха норуодунай поэта Л.А.Попов туһунан билигин дэбигис көстүбэт буолбут «Орто дойдуну киэргэтэн…» диэн Н.Н.Алексеева уонна А.Н. Шадринова-Суоһааны хомуйан оҥорон, 2006 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэппит бэртээхэй кинигэлэрин аан тылыгар Ангелина Шадринова-Суоһааны маннык суруйбут: «Киһи бу сиргэ биирдэ бэриллэр олоҕун иккитэ олорор. Бэйэтэ олорор олоҕор уонна суох буолбутун кэннэ дьоҥҥо хаалларар өйдөбүлүгэр. Бу кинигэ биһиги биир дойдулаахпыт, саха народнай поэта Леонид Андреевич Попов бу сиргэ хаалларбыт өйдөбүлэ ааспыт кэм сиэркилэтиттэн субу баардыы эргиллэн көрөр…
Күн-дьыл аастаҕа. Поэт үрүҥ хопто кылбаҥныы көппүт поэзията ыллаабат буолбута ырааттаҕа. Ол эрэн, үрүҥ хаар быыһынан утары ууммут илиилэр угуйа тардалларыныы, ол хопто ыллаан ааспыт ырыата абылаҥын сүтэрбэт. Дьиҥнээх поэзия кистэлэҥэ, күүһэ оннук буоллаҕа. Дорҕоонноохтук саҥарбакка сүрэх санаатын эттэххэ итинник.
Ааҕааччы, эн Поэты кытта бу кинигэҕэ саҥалыы көрсүһүөҥ. Кини биир дойдулаахтарын, төрөппүт оҕолорун, чугас аймах дьонун, доҕотторун ахтан-санаан кэпсиир кэпсээннэригэр, урут бэчээккэ тахсыбыт суруйууларга хайдах баарынан хааллаҕа.
Хайа баҕарар сир-дойду бэйэтин ааттаппыт талааннаах чулуу дьонун өйдүүр-саныыр сүрэхтээх. Айылҕа бэлэҕин, маанытын быһыытынан. Оттон биһиги кэлэн ааһар көлүөнэлэр ону ытыктыыр, үйэтитэр ытык иэспит …».
Толору, үчүгэйдик этиллибит. Эбэр, көҕүрэтэр суох.
Леонид Андреевич Попов оскуола сааһыттан хоһоон суруйбут. Бастакы хоһооҥҥо холонуулара «Бэлэм буол» хаһыакка тахсыбыттар. Поэзияҕа дьиҥнээхтик ылларыыта, поэзиянан эрэ олоруута, бэйэтин курдук эдэр, эмиэ суруйар доҕоттордонуута 1936 сыллаахха Дьокуускай куоракка кэлиэҕиттэн саҕаламмыт. Оччолорго суруйар, бэчээттэниэн баҕарар киһи элбэх кэмигэр Леонид Попов хоһоонноро «Эдэр большевик», «Кыым» хаһыаттарга тахсан, Сунтаар түгэҕиттэн кэлбит эдэр киһи инникилээҕэ биллэн-көстөн барбыт.
Кини педагогическай рабфакка бииргэ үөрэнэр кэмигэр Сэмэн уонна Софрон Даниловтары кытта ыкса доҕордоспут, бары бииргэ литературанан «ыалдьыбыттар», өтөрүнэн «үтүөрбэт» туруктаммыттар.
Ол түмүгэр 1943 сыллаахха Л.А. Попов хоһооннорун бастакы хомуурунньуга «Күүтэбин көрсүһэр күннэри» тахсыбыт, 1944 сыллаахха Суруйааччылар сойуустарыгар ылыллыбыт, эдэр санныгар элбэх эппиэтинэстээх, инньэ гынан добуочча ыарахан суруйааччы буолуу сүгэһэрин сүкпүт. Ити барыта уоттаах сэрии бара турдаҕына эбээт! Арҕаа Ийэ дойдуну көмүскүүр кырыыстаах кыргыһыгар күннэтэ хаан тохторо, эчэйии, өлүү-сүтүү буола турара, тыылга фрону хааччыйан оҕо-дьахтар, оҕонньор сэриигэ барбыттары солбуйан, үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьаллара. Суруйааччы сытыы бөрүөтэ өстөөҕү өһөрөр сытыы кылыска тэҥнээҕэ. Бу ыарахан кэмҥэ Леонид Попов сэбиэскэй суруйааччылар биир ньыгыл кэккэлэрин хаҥаппыта эмиэ биир туһунан хайҕаллаах хардыы, сэбиэскэй тутул хайа да өстөөххө кыайтарбат кыахтааҕын, өрөгөйдүүр-сайдар аналлааҕын көрдөрөр көстүү, өһүөннээх өстөөҕү кыайарга олук охсуу этэ.
Сэрии бүтэн, эйэлээх олох эргиллибитигэр Леонид Андреевич кэргэннэнэн ыал буолбута, ону тэҥэ поэт быһыытынан өрөспүүбүлүкэ, сойуус да иһигэр биллэн-көстөн барбыта. Хоһуйар тиэмэтэ биллэ кэҥээбитэ. Манна поэт таптал диэн хайа да омукка-өһүккэ аптаах тыл киэҥ өйдөбүлүн хабан, сырдатан, сайыннаран, хаһан даҕаны сүтэн-өһөн хаалбат поэтическай уобарас оҥорон таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Дойду уоттаах сэриигэ ылбыт баастарын оһорунара, дьон-сэргэ күргүөмнээх үлэҕэ туруммута. Сэбиэскэй литература иннигэр саҥа соруктар туруоруллубуттара. Манна эйэлээх олох, таһаарыылаах үлэ-хамнас, эйэ-дэмнээх сыһыан, эйэргэһии эрэ буолбатаҕа көстүбүтэ. Ордук литература эйгэтигэр олоҕо суох кириитикэлээһин, сэмэлээһин, сойуолааһын, буруйдааһын курдук айар-суруйар киһини санаатын-оноотун алдьатар, кутун-сүрүн тоһутар, этин-сиинин айгыратар дьайыылар бааллара.
Ити бутуурдаах, буккуурдаах биэс уонус сылларга Леонид Попов «Поэт сүрэҕэ» диэн хоһоонугар оччотооҕу кэми ойуулаабыт, онно поэт миэстэтин, тугу оҥоруохтааҕын анаарбыт, олоҕор, үлэтигэр сыал-сорук туруоруммут. Ону кини маннык сүгэ-балта тыллара толору туоһулууллар:

«Сүрэх эрэ буолларгын,
Тулуй оннук дьылҕаны,
Тулуй бары буурҕаны,
Тулуй бары долгуну!»

Поэт бу хоһоонугар бэйэтин бүгүҥҥү түһүүлээх-тахсыылаах, эмиэ да өрө көтүүлээх, үөрүүлээх-көтүүлээх, дьол сылааһа уйалаах олоҕор, сырдык сарсыҥҥытыгар эрэнэрэ көстөр, өспөт төлөн сүрэҕиниин эн-мин дэһэн кэпсэтэр. Кини поэт күннэтэ «Ийэ дойду, дьон сэргэ олоҕунан» олорорун, онно «ыарахан үлэ, охсуһуу, кыайыы-хотуу, хотторуу, үөрүү-көтүү, хомолто» сүгэһэрдээҕин этэр. Поэт сүгэһэрэ ыараханыгар үҥсэргээбэккэ, чиэс-бочуот эрэйбэккэ, үлэлээн-хамсаан оспот суолу солонор. Ону кини дьиҥнээх поэт, дьиҥнээх киһи «Албан аакка баҕарбат, Албын дьолго тардыспат!» диэн туллубат гына тоһоҕолоон кэбиһэр”.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

(Кинигэни Орджоникидзе, 31 аадырыска Бэчээт дьиэтин 226 кэбиниэтигэр кэлэн атыылаһыахха сөп)

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0