Леонид Филиппов: «Кыайыыбын төрөппүттэрбэр аныыбын!»

Бөлөххө киир:

Быйылгы «Дыгын оонньууларыгар» Амма Болугуруттан төрүттээх 30 саастаах Росгвардия үлэһитэ Леонид Филиппов кыайыы өрөгөйүн биллэ.

Кыайыылаах Леонид Филиппов күрэхтэһии кэнниттэн санаатын үллэстэр:

— Быйыл ыарыы туран, олус ыарахан сыл ааһан эрэр. Ол эрээри, этэргэ дылы, куһаҕан үчүгэйдээх. Мин кыайыахтаахпын диэн ностуруойдаах күрэхтэһиигэ кытынным. Бэҕэһээҥҥи түһүмэхтэр кэннилэриттэн сааһыламмытым.

Мас тардыһыытыгар анаан саала суох буолан улаханнык эрчиллибэтэҕим. Баҕар, ыйааһыным эбиллэн үчүгэй көрдөрүүлэммитим буолуо дии саныыбын.

Мин Росгвардияҕа үлэлиибин. Бииргэ үлэлиир дьонум миигин куруук өйүүллэр, дьарыктанарбар усулуобуйа баар. Үлэбинэн ирдэнэр буолан эппин-хааммын тута сылдьабын.

Кими даҕаны ордук күүстээх диэн чорбоппоппун, кыттыбыт 12 уол бары күүстээхтэр.

Кыайыыбын төрөппүттэрбэр, бииргэ үлэлиир дьоммор аныыбын. Миигин өйүүр-өйдүүр биир дойдулаахтарбар махтанабын!

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0