Леонид Адамов — тустуу дьиҥнээх фаната

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Леонид Адамовы соҕуруунан-хотунан тустуу күрэхтэһиилэригэр өрүү көрөбүн. Тустуу дьиҥнээх, бэриниилээх ыалдьааччыта эбит диэн сыаналыыбын. Тыа сириттэн дьону батыһыннаран бөлөҕүнэн тиийэн араас күрэхтэһиилэри көрөр, саха бөҕөстөрүгэр ыалдьар. Бу сырыыга кинини кытта билсэн, спорду таптааччыларга анаан сырдатарга холоннум.

Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ”, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

-Мин Чурапчыга төрөөбүтүм, Чурапчыга улааппытым, интэрнээт-оскуолаҕа үөрэммитим, — диэн саҕалыыр бэйэтин кэпсээнин Леонид Адамов. – Билигин бааһынай хаһаайыстыбаҕа үлэлиибин, сылгы иитиитинэн дьарыктанабын. Спорду оҕо эрдэхпиттэн сэҥээрэбин. Чурапчылар буоларбыт быһыытынан, спорт ханнык баҕарар көрүҥэр биһиэхэ элбэх ыалдьааччы да, күрэхтэһээччи даҕаны баар буолааччы. Чурапчы – спорт туоната диэн мээнэҕэ этиллибэт. Спорду таптааччылар бэйэбит тэриллиилээх бөлөхтөөхпүт. Спорду өйүүр, сэҥээрэр дьоннордоохпут. Ким баҕарар, хачыгаар буоллун, боростуой үлэһит буоллун, бөлөхпүтүгэр араас араҥа барыта баар, саамай кырабыт 7-с кылаас оҕото. Аныгы үйэ сайдыытын туһанан батсаапка бөлөхтөөхпүт, онно кэпсэтэбит, ырытыһабыт. Биир дойдулаахтарбытын өйүүргэ, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын хабарга, санаа үллэстэргэ дьулуһабыт. Ханна даҕаны тиийдэхпитинэ, дьоммутугар-сэргэбитигэр сонуну түргэнник тиэрдэ сатыыбыт.
Оттон ол хайдах барарбыт-кэлэрбит туспа кэпсээн. Дьиэ кэргэн бюджетыгар охсуута суох гына, бары оҕолоох-уруулаах, үлэлээх-хамнастаах дьон буоллахпыт. Инньэ гынан, ким хайдах кыалларынан айаммыт ороскуотун быһаарынабыт. Биһиэхэ командировочнай эҥин диэн суох, хамнас төлөөбөттөр. Онон сылы быһа аттарынаммыт, саамай эппиэттээх күрэхтэһиилэргэ: Иван Ярыгин турнирыгар уонна Россия чөмпүйэнээтигэр тугу үлэлээбиккинэн ордорунан, уурунан бара сатыыбыт. 2014 сыллаахха Ташкеҥҥа көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтигэр эмиэ сылдьыбыппыт.
Бөлөхпүт дьонугар наада тирээтэҕинэ социальнай олохторугар тиийэ көмөлөһөбүт.Тэрээһиннээх аата – тэрээһинээх.

-Соторутааҕыта Красноярскайга Иван Ярыгин аатынан турнирга хайдах быһыылаахтык айаннаан тиийдигит?
-Быйыл, чэппиэргэ Нерюнгриттан көттүбүт. Билиэппитин эрдэ атыыласпыт буолан, субсидияланан Иркутскайынан таарыйан айаннаан барыта 16-17 тыһ. солк. буолбута. Оттон төннөрбүтүгэр бэнидиэнньиккэ быһа көтүү. Бэһиэ буолан бензиҥҥэ харчы бырахсыбыппыт. Чурапчыттан Нерюнгрига диэри 1000 килэмиэтир. Бэйэм чааһынай массыынабынан. Кэлэрбитигэр эмиэ оннук айаннаан кэлбиппит. Итинник айанныыр табыгастаах эбит. Суол үчүгэй, киһи 12 чааһынан тиийэр. Биһигини тэҥэ атын улуустартан эмиэ күрэхтэһиилэргэ өрүү сылдьар дьону кытта билсэбит. Холобур, Горнай тустууну таптааччыларын кытта.
Антах тиийэн, эрдэ үлэспиппит быһыытынан, күрэхтэһии буолар сириттэн чугас кыбартыыра уларсан олоробут. Аспытын-үөлбүтүн тиэнэ сылдьабыт. Холобура, куобах, убаһа эттэрин, собо балык… Барыахпыт инниттэн кэргэннэрбитин түбүгүрдэн, барытын астатан бэлэмнэнэбит. Дьиэбититтэн тахсаат, ытык сирдэргэ тохтоон, алаадьыбытын уурбутан барабыт. Аспыт син тиийэр, онон наһаа остолобуойдарга, кафеларга сылдьыбаппыт. Ити курдук тэринэн, балаһыанньаттан тахса сатыыбыт.

-Леонид, ити баран кэлиигитигэр эһиги чааһынай дьон айаҥҥыт төлөбүрүн хайдах быһыылаахтык быһаарынан сылдьаҕыт?
-Арааһынай диэххэ сөп. Биир бырааппыт быйыл икки убаһалааҕыттан биирин ити сырыытыгар тутунна. Мин борталаах массыыналаах буоламмын, дьоҥҥо таһаҕас таһан, онтон кырыйаммын, ыйга баччаны уурунаммын, айаным ороскуотун быһаарынным. Ити курдук, дьиэ кэргэн бюджетын тыыппакка, бары балаһыанньаттан тахса сатыыбыт.
Биһиги күүлэйдии барбаппыт, бэйэбит уолаттарбытыгар ыалдьа, күүс-көмө, өйөбүл буола барабыт. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри саалаттан тахсыбаппыт. Уолаттары көрсөн сүбэ-ама буолабыт. Онон сынньана буолбакка, үлэлии барабыт. Хаһан баҕарар өйүүр дьон баара спортсмеҥҥа күүһүгэр – күүс, сэниэтигэр – сэниэ биэрэр дии саныыбын. Этэргэ дылы, уолбут партерга аллараа түһэн хааллаҕына дэлби “Стойка! Стойка!!” диэн хаһыытаан туруортараҕын. Судьуйа сыыһа баал биэрдэҕинэ, көрөөччүлэр туруорсан көннөттөрбүт түгэннэрэ да элбэх. Антах тиийэн биһиги баар да буоллахпытына, уолаттар илэ бодолорун тардыналлар.

-Бөлөххүтүгэр саамай көхтөөх дьоҥҥун ааттаталыаҥ дуо?
-Сүрүн састаап баар бөҕө буоллаҕа дии. Холобур, саамай көхтөөх дьонунан Серафим Новгородов, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт институтун ректора Иннокентий Готовцев, Петр Собакин, нэһилиэкпит баһылыга Степан Саргыдаев, спорт управлениетын салайааччы Лукин, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт спорт энциклопедиятынан ааттыыр киһибит Петр Гордеев, бэйэбит бөлөхпүтүгэр куонкурус тэрийбиппитигэр кыайыылааҕынан тахсан Москваҕа путевканан наҕараадаламмыт Егор Капитонов уо.д.а. бааллар. Ити курдук, бары даҕаны тустууну үчүгэйдик билэр, таһымнаах дьон бөлөхпүтүгэр бааллар. Тустуу күрэхтэһиилэрин көрсө куонкурстары элбэхтик ыытабыт. Бирииһи ким эмэ туруорар да, бары көмөлөөн бырахсабыт даҕаны. Этэргэ дылы, тыа сиригэр олорор дьон быһыытынан биир массыына муус, эбэтэр биир массыына оттук мас да буолуон сөп.
Ити кэлэрбитигэр-барарбытыгар өрүү өрөспүүбүлүкэбит уонна улууспут былаахтарын илдьэ сылдьабыт. Бүттүүн саха хамаандатыгар ыалдьарбыт тэҥэ бэйэбит Чурапчы бөлөҕө буоларбытынан, биир дойдулаахтарбытыгар өйөбүл буолабыт.

-Леонид, эһиги бөлөххүт тустууктарга быһаччы харчынан көмөлөһөр диэни истибитим…
-Быйылгы турнирга бастаан-утаа Владимир Флегонтов кыттыбат диэн баара, оттон киирэр буолбутугар үбүнэн көмөлөспүппүт. Тута истээт, чаас аҥарын иһигэр уонча тыһыынчаны киллэрбиттэрэ. Онон биир дойдулаахпытыгар төһүү күүс буолан, бэйэтигэр эппиэтинэһи биэрэн, кытыннардыбыт. Ити курдук, Егор Пономарев Россия чөмпүйүөнэ буолбутугар бөлөхпүт дьоно харчы бырахсан туттарбыппыт. Онон итинник түгэр үөскээтэҕинэ, бөлөх дьоно сүрдээх көхтөөхтүк кытталларыгар махтаныахха наада. Ону тэҥэ күрэхтэһиилэргэ сылдьан бэйэбит бөлөхпүт аатыттан анал бириистэри туттарааччыбыт. Спорт бэйэтэ чөл, чэгиэн-чэбдик олоххо тардыһыы буоллаҕа.
Быйыл биир бырааппыт, Арыылаах нэһилиэгиттэн ханна даҕаны барбатах-кэлбэтэх, хотонун-сүөһүтүн көрөн олорор уол, солбуйар киһитин булан, Красноярскайга барса сырытта. Убаһатын атыылаан. Сайын миигин батыһан кэлэн Дьокуускайга Россия чөмпүйэнээтин көрбүтэ. Күрэхтэһиини илэ көрөр наһаа да үчүгэй эбит диэн санааҕа киирбитэ. Итиэннэ Ярыгин турнирыгар хайаан да барсыам диэн эрдэттэн бэлэмнэнэн, Красноярскайы көрөн, көтөр аалынан көтөн, санаата көтөҕүллэн кэллэ. Улахан таһымнаах тустууктары көрөн, хаартыскаҕа бииргэ түһэн, ону бөлөх атын дьоно батсаапка көрөн, билигин кэпсии-ипсии аҕай сылдьар буолуохтаах.

-Ити батсаап бөлөххүтүн – спорду таптааччылар кулууптара диэн уларытан оҥорор санаалааххыт дуо?
-Биһиги тыа сиригэр олорорбут быһыытынан наһаа оннук төлө биэрэн тэринэрбит хайдах эбитэ буолла? Дьиҥинэн итинник эбитэ буоллар, мин олох сириэм суох этим. Арыый кыра соҕус усунуос эҥин хомуйан мунньан, кэлэргэ-барарга, бириис туруорарга, бэйэбит былаахтаах, бэйэбит ааттаах кулууп курдук буоларбыт буоллар, үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Ону үчүгэйдик үөрэтэн, сүбэлэһэн баран хамсаныахха сөп. Былааннар бааллар.

-Дьэ, биир тустууну таптааччы буоларын быһыытынан, Красноярскайга уолаттарбыт тустууларын туох дии санаатын?
-Мин исписэлиис буолбатах киһи көрүүбэр, бэлэмнэниигэ кыра тактическай сыыһалар-халтылар бааллар быһыылаах. Кыдьыгыран туран кимиилээхтик тустуу кыаллыбата. Уолаттарбыт хайдах эрэ үксүгэр көмүскэнэ сылдьаллар. Көбүөргэ кыыһырбакка-абарбакка киирэллэр. Этэргэ дылы, бэйэни күөттэнэн киириэххэ наада. Дагестанецтар түһүлгэҕэ тахсалларыгар дэлби ыһыытаан-хаһыытаан, кыыһыран-абаран киирэллэр. Билигин тустуу бириэмэтэ кылгас. Инньэ гынан, биһиги киһибит дьэ уһуктарын саҕана бириэмэ бүтэн хаалар. Уопсайынан, тренердэр бэйэлэрин сыыһаларын-халтыларын көрөн, көннөрүнэллэригэр баҕарабыт. Уолаттар мэтээлгэ чугас сылдьаллар, бэрт кыра тиийбэтэ. Тустуу билигин сүрдээҕин сайдан, хамаандалар икки ардыларыгар тэҥнэһэн турар. Тренердэри киһи үлэлээбэттэр диэбэт. Түмүк туһунан эттэххэ, биһиги арыый элбэҕи кэтэспиппит. Балаһыанньа көнүө диэн эрэнэбит. Үчүгэйи эрэ кэтэһэбит.

Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ”, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0