Ленскэйгэ «Ыраас уу» бырагыраама үлэлээтэ

Бөлөххө киир:

Ленскэй оройуонугар, Чамчаҕа, үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Ыраас уу» бырагырааманан иһэр ууну ыраастыыр блочнай-модульнай комплекс аһылынна.

Эбийиэк оройуон иһинээҕи бырагыраама чэрчитинэн тутулунна. Манна анаан биир мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Онон Чамча маннык бырагырааманан үлэҕэ киллэриллибит тутуулаах биир бастакы нэһилиэгинэн буолар. Аһыллыы тэрээһинигэр оройуон баһылыга Жумарт Абильманов уонна нэһилиэк олохтоохторо ыалдьыттаатылар. Бэлиэтээн эттэххэ, 2021 сыл Ленскэй оройуонугар тыа сирин сайыннарыы сылынан биллэриллибитэ.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0