Ленскэй улууһун полициятыгар олохтоох киһи эрийэн, киниттэн харчытын былдьаабыттарын уонна массыынатын күрэппиттэрин туһунан тыллаабыт.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Таксист кэпсээбитинэн, киниэхэ түөрт эдэр киһи олорсубут. Бу уолаттар бастаан куорат устун хатааһылыы-хатааһылыы, арыгы испиттэр. Онтон таксист биир сиргэ тохтоон, массыынатыттан тахсыбытыгар, биир уол кини олбоҕор көһөн, уруулга олорбут, оттон иккис уол салоҥҥа ону-маны хасыһан, 16 тыһ. солк. булбутун, ону ылбыттар.
Оперативниктар уорбаланааччылары туттулар — 26 уонна 28 саастаахтар, биирдэрэ урут уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт.
Бу чахчынан «Уоруу» уонна «Массыынаны күрэтии» ыстатыйаларынан холуобунай дьыала тэриллибитин СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Хаартыска: интернеттэн.