Коронавирус дьаҥа, аны, улуустарынан тарҕанан эрэр. Аны Ленскэй уонна Алдан улуустара эбилиннилэр.
edersaas.ru
Кулун тутар 28 күнүгэр Ленскэй улууһугар Арменияттан Москванан кэлбит киһи коронавируска уорбаланан, анаалыһын Новосибирскайга ыыттылар. Манан сибээстээн, бу иннинэ икки улууска (Мииринэй, Нерюнгри) уонна Дьокуускайы кытта Жатайга дьиэҕэ олорууга толору хааччах биллэриллибит буоллаҕына, билигин Ленскэйи кытта Алданы холбоон, түөрт улууска итинник дьаһал олоххо киирдэ.
Мин Ленскэйгэ улуус дьаһалтатын пресс-сэкирэтээрэ Наталья Беспалованы кытта кэпсэтэн, балаһыанньаны билсэ сырыттым.
— Коронавирустаах киһини кытта алтыспыт 20 киһини буллулар. Кинилэри барыларын обсерваторга киллэрдилэр. Улуус баһылыга Жумарт Абильманов: «Маннык балаһыанньа буолуохтааҕын эрдэттэн сэрэйэн олорор буолан, бары салааларынан, дьаҥы бохсор үлэҕэ бэлэммит» диэн нэһилиэнньэни долгуйбаттарыгар ыҥырда. Кини күн аайы куораты анаан кэрийэ сылдьан көрөр-истэр. Суһал ыстаапка соторутааҕыта тэриллибит норуот дружината тустаах көмөнү оҥорор, — диэн иһитиннэрдэ Наталья Беспалова.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, ederesaas.ru
Хаартыска — «Ленскэй оройуона» МТ саайтыттан