Ленскэй Орто Наахаратыгар үүммүт үйэ бастакы хотоно тутулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Орто Наахара нэһилиэгин төрүт олохтооҕо Алексей Гуляев орто оскуолаҕа физика учууталынан үлэлиир.

edersaas.ru


Бэйэ этинэн-үүтүнэн хааччынар туһугар ынах сүөһүнү иитиигэ олохтоохтук ылсан үлэлиир наадатын өйдөөн, бииргэ төрөөбүттэрин кытары сүбэлэһэн, дьоҕус хаһаайыстыбаны тэриммитэ. Быйыл ол сүөһүтүгэр анаан 25 ынах турар саҥа хотонун тутан үлэҕэ киллэрдэ.
Урут ыал барыта ынах сүөһүнү, сылгыны уонна сибиинньэни ииттэрэ, — диир Алексей. – Билигин ханна да буоларын курдук, эдэрдэр сүөһүттэн тэйэннэр, ахсааннаах ыал хаһаайыстыбалаах. Биһиги эмиэ аҕыйах ынахтан саҕалаан бараммыт, билигин 27 сүөһүнү, ол иһигэр 14 ыанар ынаҕы кыстатан турабын. Төрүт үгэспитинэн дьарыктанар наада, чахчыта даҕаны бэйэбит сирбитигэр биһиги үлэлээбэтэхпитинэ, ким үлэлиэй диэммит, нэһилиэкпит баһылыга Евгений Саморцев өйөөн, эргэ уһуйаан дьиэтин маһын туттарга көҥүллээн, бу хотоммутун тутуннубут. Кэлэр өттүгэр хаһаайыстыбабытын кэҥэтэн, сиртэн үүнээйини ылыыга ылсыахпытын баҕарабыт. Сопхуос саҕана манна хортуоппуй, хаппыыста бэркэ үүнэрэ. Аны элбэх ынахтаах буоллуҥ да, үүтү астыыр салааҕа ылсар ирдэнэр. Ити курдук бииртэн биир тахсан иһиэхтээх эбит. Бородууксуйаны батарыыга билиҥҥитэ улахан кыһалҕа суох: үүт, сүөгэй уонна иэдьэгэй атыыга хамаҕатык барар, улуус кииниттэн тиийэ үлэһэллэр. Саҕалаабыт дьыалабытын атаҕар туруораары, бу ааспыт икки сыл устата биир мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ харчыны онтон-мантан иэс ылан үлэлээтибит. Чааһынай сирэй быһыытынан кирэдьиит ыллахха, баан бырыһыана олус үрдүк, ол иһин, бааһынай хаһаайыстыба быһыытынан граннарга киирсэргэ докумуоннары оҥорорго өйөбүл наада. Оттон биһиги төһө кыайарбытынан үлэлиэхпит-хамсыахпыт.


Олохтоох дьаһалта баһылыга Евгений Саморцев этэринэн, сопхуос эстиэҕиттэн нэһилиэккэ бу бастакы саҥа хотон буолар. Эчи, “хотон” диэҕи киһи тыла тахсыбат: киэҥ-куоҥ, ыраас, сылаас. Түннүктэрэ улахан буоланнар, күн сырдыга көдьүүстээхтик туһаныллар, онон сырдатарга электроэнергия балачча кэмчилэнииһи. Малааһыҥҥа алгысчыт Людмила Саморцева саҥа хотон сылаас буоларын, сүөһүлэр этэҥҥэ туралларын, үгүс төрүөҕү, өлгөм үүтү биэрэллэрин туһугар көрдөһөн аал уоту оттон Үрдүкү Айыылартан көрдөстө.


Алексей хотонун бэрт кылгас кэм иһигэр тутан үлэҕэ киллэрдэ, — диир тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын начальнига, норуот дьокутаата Родион Зорин. – Сыллата сүөһүтүн ахсаанын элбэтэр, 50-ҥа тиэрдэр былааннаах. Биһиги маннык үлэһит дьону төһө кыалларынан өйүү сатыыбыт. Холобур, 2018 с. от охсор тиэхиньикэни атыылаһарыгар, комбикорм ыларыгар көмөлөспүппүт. Аны даҕаны бииргэ үлэлэһиэхпит. Хаһаайыстыба улаатан-кэҥээн истэҕинэ, нэһилиэккэ саҥа үлэ миэстэлэрэ тахсыахтара, быраҕыллан сыппыт сир-уот туһаныллыа, оттон нэһилиэнньэ сибиэһэй этинэн уонна үүтүнэн хааччыллыаҕа. Ити барыта нэһилиэк сайдарыгар төһүү буолуоҕа. Аны хас да сылынан манна толору хааччыллыылаах комплекс тутулларыгар улуус дьаһалтата көмөлөһөрө буоллар, ситэри үчүгэй буолуо этэ.

Ольга ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0