Ленскэй оройуонугар үүт субсидиятын улаатыннардылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бырамыысыланнай тэрилтэҕэ үлэлиирдээҕэр тыа сиригэр хамнас аахсар судургу буолла. Ленскэй оройуонун дьаһалтата өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар уонна сүөһү көрөр дьоҥҥо дьоһун бэлэҕи оҥордо. Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга үүтү туттарыы иһин субсидияны 35 солкуобайтан икки төгүл улаатыннаран, 70 солкуобайга тиэрдэр туһунан быһаарыы ылынна. Онон тыа сирин дьоно дохуот аахсар кыахтаннылар.


Ленскэй оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улууска улахан болҕомто ууруллар. Быйыл “Батамайдааҕы” ХЭТ тэрилтэҕэ уларытыылар киириэхтэрэ. Дириэктэр эбээһинэһин толорооччунан Анатолий Наумов ананна. Тэрилтэ нэһилиэнньэттэн үүтү тутууну улаатыннарар баҕалаах. 2018 сылга “Батамайдааҕы” ХЭТ 531 туонна үүтү туппута. 2019 сылга бу сыыппара үрдүөҕэ.

Биһиги нэһилиэнньэттэн үүтү тутууну 35 солкоубайтан 70 солкуобайга диэри улаатыннардыбыт. Бу тыа сирин олохтоохторугар олус көмөлөөх дьаһал, — диэн этэр Ленскэй оройуонун баһылыгын солбуйааччы Артем Артемьев. – Өскөтүн үүтү баалабайынан ыаһын биир ынахха сылга ортотунан 2212 киилэ буоллаҕына, биир киилэ үүт иһин 70 солкуобайынан аахтахха, тыа сирин олохтооҕо биир ынахтан сылга 155 тыһыынча солкуобай кэриҥэ дохуоту аахсыаҕа. Бу үбү оройуон дьаһалтата төлүөҕэ. Манна эбии   биир киилэ сиикэй үүт иһин сүөһүлээх киһи “Батамайдааҕы” ХЭТ-тэн 10 солкуобайы эбии ылыаҕа – бу сылга өссө 22 тыһыынча солкуобай. Маны сэргэ биир ыанар ынаҕы көрүүгэ субсидия 10 тыһыынчаттан 20 тыһыынчаҕа диэри үрдээтэ. Биир ынах сылга 197 тыһыынча солкуобай дохуоту, ыйга 16,5 тыһыынча солкуобайы биэрэр. Үс ынахтаах киһи ый ахсын 50 тыһыынча солкуобай дохуоттаныаҕа”.

Маннык дьаһаллары ылынан, оройуон салалтата дьон тыа сиригэр тардыһыа диэн эрэнэр. “Хаһаайыстыба тэринэргитигэр ыҥырабыт, 3-4 ынахтаах буоллаххытына, дьоһун дохуоттаныаххыт”, — диэн эбэн эттэ Артем Артемьев.

Бу уларыйыылары нэһилиэнньэ сэргээтэ. Холобур, Бэчинчэҕэ пууҥҥа бүгүҥҥү туругунан 17 киһи үүтү туттарар. Биэс ынахтаах Людмила Попова үүтү тутуу дьоһуннук төлөнөр буоллаҕына, сайдыахпыт диэн эрэнэр.

“Батамайдааҕы” ХЭТ дириэктэрин э.т. Анатолий Наумов субсидия үрдээтэҕинэ, оҥорон таһаарыыбыт улаатыа диэн эрэллээх. Билигин бу тэрилтэ күҥҥэ 500 лиитэрэ үүтү батарар буоллаҕына, бу сыыппара 700-800 лиитэрэҕэ диэри үрдүүрэ күүтүллэр.

Ленскэй оройуон тыатын хаһаайыстыбата сайдар кэскиллэннэ. Билигин былааспыт кэлимсэ сайыннарыы суолун тутуһар. Быйыл Батамай сэлиэнньэтигэр хочуолунайы уонна ититэр тиһиги саҥардыыга 10 мөл солкуобай, 1,5 мөл – инженернэй-тэхиньиичэскэй үлэһиттэр дьиэлэрин тутууга көрүлүннэ, билигин уопсай дьиэни өрөмүөннүүргэ симиэтэ оҥоробут. Сотору кэминэн саҥа хотону тутуу боппуруоһа быһаарыллыаҕа”, — диэтэ Анатолий Наумов.

Маннык уларыйыылары Батамай эрэ буолбакка, атын нэһилиэктэр эмиэ күүтэллэр. Ол курдук, Бэчинчэҕэ, Чамчаҕа, Орто Наахараҕа хотоннору тутууга үп көрүлүннэ, ону сэргэ, урукку үүт собуотун уларытан оҥорууга. Ону тэҥэ, фермердэргэ уотурбаны кииннээн атыылаһаллар, — диэн пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

Хаартыскалар: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0