Ленскэй нэһилиэктэригэр «Ыраас уу» бырагырааманан улахан үлэ ыытыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Орто Наахара нэһилиэк киинигэр, Чамча сэлиэнньэтигэр, иһэр ууну ыраастыыр дьоҕус комплекс аһылынна.

Оройуон «Ыраас уу» диэн бырагырааманан хас нэһилиэк ахсын биирдии мөлүйүөн солкуобайы көрбүтэ. Ол харчыга тирэҕирэн, чамчалар ууну ыраастыыр ситими бастакынан үлэҕэ киллэрдилэр.

Комплекс аһыллыытыгшар анаммыт үөрүүлээх күҥҥэ оройуон баһылыга Жумарт Абильманов, кини солбуйааччыта Евгений Саморцев, Орто Наахара нэһилиэк баһылыга Алексей Тартыев уонна нэһилиэкэ олохтоохторо кыттыыны ыллылар.

Быйылгы 2021 сыл Ленскэй оройуонугар Тыа нэһилиэктэрин сайыннарыы сылынан биллэриллибитэ. Онон нэһилиэктэргэ оройуон бүддьүөтүттэн араас хайысханан көмө көрүллэр. Кэскиллээх былаан элбэх, холобур, ханнык баҕарар нэһилиэккэ тутуллар кыахтаах алта массыына киирэр харааһын бырайыага оҥоһулунна, биэс нэһилиэкэ суотабай сибээс вышката туруоруллуохтаах уо.д.а. диэн Ленскэй оройуонун дьаһалтатын пресс-киинэ биллэрэр.

Раиса Сибирякова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0