Ленскэй, Мирнэй, Өлүөхүмэ, Бүлүү бөлөх улуустарга электроэнергия уотунан ититиигэ көстүлэр

08.11.2016
Бөлөххө киир:

220 кВ үрдүк күүрүүлээх уот ситимэ тутуллуоҕуттан Ленскэй, Мирнэй, Өлүөхүмэ, Бүлүү бөлөх улуустарын сорох олохтоохторо оһохторуттан аккаастанан, электроэнергия уотунан ититиигэ көстүлэр. Бу кииннэммит ититиини уонна гаас ситимин тардан киллэрэрдээҕэр ороскуота уонна төлөбүрэ быдан чэпчэки.

Уотунан ититиигэ холбонуу гааһы киллэттэрэрдээҕэр быдан судургу. Онон гаас ситимигэр холбонооччуларга курдук чэпчэтии, көмө көрүллүбэт. Иккиһинэн, Бүлүү сүнньүгэр олорооччулар уоттара уунан барар. Уу сөргүтүллэр ресурса. Уу куруук баар. Онтон гааһы хостоон нэһилиэнньэҕэ тириэрдии ыарахаттардаах. Ол гынан баран ыйдааҕы төлөбүргэ Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Сунтаар, Ньурба, Өлүөхүмэ улуустарыгар чэпчэтиилээх тарыыптар бигэргэтиллибиттэрэ. Онон Бүлүү бөлөх уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар биир мэндиэмэннээх дьиэҕэ олорооччулар 1 кВт иһин 55 харчыны, икки мэндиэмэннээххэ олорооччулар 68 харчыны төлүүллэр.

Уотунан ититиини киллэттэрии сыаната олорор дьиэ иэниттэн, итиэннэ электроконвекторы, биитэр бойлеры туруортараргыттан тутулуктаах. Өссө сорох дьон «сылаас муосталары» тэлгэтэллэр эрээри, бу баһаарынай өттүнэн ордук сэрэхтээх. Эбиитин «сылаас муоста» кыһыҥҥы өттүгэр уокка ороскуота улаатыан сөп.

Бойлер ититии ситимигэр холбонон ууну сылытар. Оттон конвектор ититии ситимнэрэ да суох буоллахтарына, анал батареяларынан сылытар. Бу тэриллэр сыаналара араастаһаллар. Уот ороскуотун кыччатар инниттэн аныгы счетчигы туруортарар барыстаах. Бу счетчик уоту күнүскү, түүҥҥү диэн арааран ааҕар, ый аайы манан көрөн төлүүгүн.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0