Биллэрин курдук, өссө түөрт сыллааҕыта сүөһүнү эспэт туһуттан, хотугу уонна бырамыысыланнай улуустарга субсидияны ыанар ынахха (судургутук эттэххэ, “төбөҕө”) көрүү олохтоммута.
edersaas.ru
Итиннэ хапсан, Ленскэй улууһун хаһаайыстыбалара бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, ыанар ынахтарын ахсын 10 тыһыынча солкуобайы ылар буолбуттара.
Ааспыт сылтан улуус дьаһалтата олохтоох бүддьүөттэн харчы көрөн, “төбө” субсидията 20 тыһыынча солкуобай буолбута, оттон үүт туттарааччыларга киилэ үүккэ 70 солкуобай быһа тиэрдиллэрэ олохтоммута. Инньэ гынан, сыл устатыгар биир ынаҕыттан икки тыһыынча киилэ үүтү ыабыт ыал 200 тыһыынча солкуобай дохуоту ылар кыахтанна, хороҕор муостааҕын эспэт санааҕа киирдэ.
Санатан эттэххэ, бу улууска биир куорат, икки оробуочай бөһүөлэк уонна аҕыс нэһилиэк баар. Тыа хаһаайыстыбатын чэбдигирдии бырагырааматынан “Батамаайытааҕы” ХЭУо, Бэчинчэ нэһилиэгэр “Аартык” кэпэрэтиип уонна дьоҕус бааһынай хаһаайыстыбалара үһүс сылын дьарыктаналлар. Сопхуостар эстиэхтэриттэн сүөһү ахсаана быстар аҕыйаан, билигин ынах сүөһү ахсаана 1,4 тыһыынча, ол иһигэр ыанар ынах ахсаана 450-ча буолан турар. Бу – киин улуус биир нэһилиэгин сүөһүтэ.
Дьаһалта болҕомтотун ууран, сопхуос эстиэҕиттэн аан бастаан ааспыт сылга үс нэһилиэккэ саҥа хотон тутулунна. Ол курдук, Орто Наахараҕа эдэр бааһынай Алексей Гуляев 25 ынах турар хотонун, Бэтинчэ нэһилиэгэр “Аартык” кэпэрэтиип 120 ынахха анаммыт толору хааччыллыылаах сүөһү иитэр комплексын туттан үлэҕэ киллэрдилэр.
“Батамаайытааҕы” хаһаайыстыба астыыр кэмбинээтэ сыыры оҥорууга ылыста, нэһилиэктэргэ астыыр сыахтар сөргүтүллэн эрэллэр. Улуус дьаһалтатын баһылыга Жумарт Абильманов дьаһалта 2019 сыллааҕы үлэтин-хамнаһын отчуотун нэһилиэнньэҕэ туруорарыгар бу хайысханан салгыы үлэлиибит диэтэ, нэһилиэктэр олохтоохторун Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагыраамаларыгар көхтөөхтүк кыттарга ыҥырда.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru