Ленинградка Фонтанкаҕа олорбут кыракый Люда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Ленинград куорат блокадаттан босхоломмут күнэ.
Мин кылгастык блокада кыттыылааҕа Людмила Васильевна Афонская туһунан ахтан ааһыахпын баҕарабын.

Кини оҕо сылдьан Ленинградка Фонтанкаҕа олорбут. Сэрии кэмин, аччыктыырын, карточканан кып-кыра килиэп тоорохойун ылалларын үдүк-бадык өйдүүр эбит. Ийэтин кытта хоонньоһо сыттаҕына, арай, ийэтэ тымныйан испит, ийэтиттэн сылаас кэлбэт буолбут. Ааннара хатааһыннаах үһү. Кыракый Люданы, ааны алдьатан киирэн, сандружинницалар көтөҕөн таһаарбыттар, атахтара олох хамсаабат буолбут оҕону… Ладоганы бааржанан туораан истэхтэринэ, немецтэр буомбалаабыттар. Кинилэр иннилэригэр устан испит бааржаҕа буомба түспүт. Онно баар оҕолор бары тимирбиттэр. Люда детдомҥа иитиллэн, киһи-хара буолбут. Кэлин учуутал үөрэҕин ылан, Саха сиригэр ананан үлэлии кэлбит. Хоту оройуоҥҥа үлэлии сылдьан , тапталын — саха уолун Афонскай Дмитрий Иосифовиһы көрсүбүт. Уол онно киномеханигынан үлэлиир эбит.
Мин оҕо эрдэхпинэ, ол Дмитрий Афонскай дьонун кытта биир сайылыкка олорбуппут. Ийэлэрбит ыанньыксыт этилэр. Миитээ аҕата Уоһук бостуугунан үлэлиирэ. Оччолорго Сыымахха соҕотох таһаҕас массыыната баара. Айан суола сайылыгы ортотунан ааһар буолан, биһиги , сайылык оҕолоро, ким кэлэрин-барарын барытын көрө сылдьарбыт. Арай биир күн массыына арҕаа диэкиттэн кэлэн, Уоһуктар дьиэлэрин аттыгар тохтоото. Массыына куусабыттан биир улахан эдэр уол ыстанан түстэ уонна сып-сырдык баттахтаах куукула курдук кыыска илиитин биэрдэ, кыыс куусаптан түһэригэр көмөлөстө. Онно мин аан маҥнай нуучча омук кыыһын көрөн турабын. Аҕам ыалыгар тахсан киирэн баран кэпсээбитин онон-манан өйдөөтөхпүнэ, маннык этэ: «Уоһук улахан уола Миитээ хотуттан дойдутугар Мэҥэ  Хаҥаласка көһөн кэлбит, өссө учуутал нуучча кыыһын кэргэн ылбыт». Ол киэһэ Уоһуктар дьиэлэригэр саҥа ыалы көрсүү малааһына буолбута. Сайылык ыала бары  улаханныын-кыралыын мустубуппутун, бырааһынньыктаабыппытын өйдүүбүн.
Ленинград кыыһа блокада кыттыылааҕа саха уолугар эрэллээх кэргэн буолан, уон оҕону төрөтөн, киһи-хара оҥорон, учуутал быһыытынан сүүһүнэн ыччаты үөрэтэн, үрдүккэ-кэрэҕэ сирдээн , уһун дьоллоох, баай ис хоһоонноох олоҕу олорон ааспыта. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар.

Елена Прокопьева,  уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.

Хаартысканы: ааптар тиксэрдэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0