Ленинград блокадатын сэдэх экспонаттара

31.01.2019
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар – Павловтарга сырыттым.


Саха норуодунай артыыһа, тыйаатыр уус-уран салайааччыта Алексей Павлов, тыйаатыр дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ  Матрена Павлова, Тыйаатыр сылынан, айар кэлэктиип бу тохсунньу 31-олунньу 2  күннэригэр Матрена Степановна дойдутугар, Чурапчы улууһугар, гастролга баран эрэллэрин сэһэргээтилэр.

Салгыы ТЮЗ  кулун тутарга диэри илин эҥээр уонна киин улуустарынан гастроллуур былааннаах.

Кэпсэтии быыһыгар Матрена Степановна бэйэтэ үгүс сылларга мунньан, хомуйан, кичэйэн уура сылдьар, испэктээктэргэ туттар историческай малларын – мусуойун көрдөрдө. Манна кини уонна Алексей Прокопьевич дьоннорун, төрүттэрин күндү маллара эмиэ бааллар эбит. Холобур, хос ортотугар турар улахан ыскаап – Бүлүүттэн, Павловтартан кэлбит…

Оттон бу — Ленинград блокадатын кэминээҕи чаанньык уонна эмиэ оннук дьылҕалаах тэриэлкэ. Төһөлөөх ыар күннэргэ хаһаайыттарыгар итиини киллэрэн, олохторун араҥаччылыы сатаабыттара буолла… Бу, бэйэтин аймахтарын иһиттэрин миэхэ МХАТ-ка үлэлиир театральнай кириитик, Арассыыйа госбириэмийэтин лауреата, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Ленинградтан төрүттээх Лидия Богова,  мусуойдаахпын билэн уонна Алексей Прокопьевич  аҕата, бойобуой уордьаннар, мэтээллэр кавалердара, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Бүлүүттэн төрүттээх  Прокопий Алексеевич Павлов Ленинград блокадатын тоҕо көтүү кыттыылааҕа буоларын истэн, махталын бэлиэтигэр ис сүрэҕиттэн бэлэхтээбитэ, — диэтэ Матрена Степановна. 

 

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0