Мин Гаврил Заболоцкайы оҕо эрдэхпиттэн билэбин. Оҕо сааһыттан туспа толкуйдаах, боччумнаах Ганялыын куруук хаһыат, киинэ туһунан кэпсэтиһэр, ырытыһар буоларбыт. Оробуочай идэтиттэн бэйэ дьыалатын тэриниигэ айаннаан тиийбит Гавриллыын бүгүн кэпсэтиибин билиһиннэрэбин.
ХИФУ-га оробуочайынан киирбитим
— Мин Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Мин үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. 2002 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран Одьулууннааҕы лиссиэйгэ киирэн алмаас кырыылааччы уонна докумуону оҥорооччу идэтин баһылаабытым. 2006 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическэй кэллиэскэ учуутал идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Үс сылынан төрөөбүт дойдум ыаллыы нэһилиэгэр учууталынан ананан тиийбитим. Эһиилигэр ХИФУ саха култууратын институтугар туризм өҥөтүн социальнай култуурунай салаатыгар кэтэхтэн үөрэххэ киирбитим. Ити үөрэнэр сылларбар ХИФУ-га хаһаайыстыбаннай чааска тас үлэһитинэн уонна оробуочайынан үлэлээбитим. Ол сыл университет тас үлэһиттэрэ, муоста сууйааччылара бары аутсорсиҥҥа көспүппүт. Биһигини Николай Потапов салайааччылаах «Фокс» клининговай хампаанньа үлэҕэ ылбыта. Дьэ, онно үлэлии сылдьан мин аутсорсинг үлэтин хайысхатын, хайдах буолуохтааҕын сыныйан үөрэппитим уонна маннык тэриниэххэ баар эбит толкуй киирбитэ.
Кыраттан саҕалыахха наада
— Киһи хайаан да үлэлиэхтээх диэн санаанан салайтарабын. Ол эрээри киһи үлэлиир эйгэтэ, хамнаһа киһини кынаттыахтаах. Сөбүлээбэт үлэҕэ үлэлээһин киһини иһиттэн сиэн сөп. Ол аата, мин саныахпар, бэйэни албыннаныы буолар. Ис сүрэххиттэн үлэҕин, үлэлиир кэлэктиипкин сөбүлүүр буоллаххына, барыта сатанар, табыллар. Мин ХИФУ-га оробуочайынан үлэлээбит кэмнэрбин истиҥник саныыбын. Дьоно-сэргэтэ судургута, аһаҕаһа бу күүстээх санаам олоххо киирэригэр төһүү күүс буолбута буолуо. Онуоха кэргэним сүбэтэ-амата уонна аймахтарым өйөбүллэрэ туһалаабыта. Мин бииргэ төрөөбүт убайым кэргэнэ Ольга Заболоцкая урбаанньыт. Кини көмөтүнэн «Ситис» диэн тэрилтэ тэриммитим. Ол сайын Дьокуускай куорат сынньалаҥ пааркатыгар «Виртуальнай чахчы» диэн аттракционнары арыйан үлэлэппитим. Ити үлэлии сылдьан бэйэ дьыалатын арынан үлэлиир туһалааҕын, туох барытыгар бэйэҕиттэн тутулуктааҕын өйдөөбүтүм. Клининговай хампаанньа тэринии туһунан толкуйбун ыһыктыбатаҕым. Хайдах эрэ ити санаа куруук миигин үүйэ-хаайа тутар этэ. Ол иһин 2019 сыллаахха ХИФУ тиэндэрин куонкуруһугар кыттан, түөрт эбийиэккэ кыайаммын, үлэбин саҕалаабытым. Билигин аҕыс эбийиэктээхпин. Маннык куонкурустаах тиэндэрдэр сыл ахсын ыытыллаллар. Үлэ тэрийиэн баҕарар киһи сыл да аайы кыттар.
Үлэни тэрийиии – ситиһиигэ айан
— Ханнык баҕарар үлэни тэрийэн үлэлэтии уустуктардаах. Биһиги үлэбит хайысхатыгар сөптөөх быһаарыныыны түргэнник ылынар, дьон туһугар эппиэтинэһи сүгэр улахан оруоллаах. Ону таһынан, түргэн-тарҕан, дьону кытта уопсай тылы булуу – бу салайааччы киһи сүрүн хаачыстыбата буолуохтаах дии саныыбын. Мин үлэ алын кирилиэһиттэн саҕалаан салайар үлэҕэ тиийбит буоламмын, дьону кытта табан сыһыаннаһарга дьулуһабын. Үлэбитигэр араас кыһалҕалаах дьон кэлэр. Ким эрэ оҕотун хаалларар сирэ суох, ким эрэ олорор сирэ суох. Ол эрээри бу дьон бары үлэлээн дохуоттаныахтарын баҕараллар. Мин дьоҥҥо хаһан да сэнэбиллээхтик сыһыаннаспаппын. «Киһи күннээх, балык ыамнаах» диэн өс хоһоонун тутуһабын. Ол да иһин дьон кыһалҕатынан көрөн, үлэ кыраапыгын аттаран биэрэбин. Үлэбит сүнньэ – ХИФУ үөрэх тэрилтэлэригэр сууйуу-сотуу, ыраастааһын үлэтин тэрийии. Аутсорсинг дьоҥҥо табыгастаах үлэ диэн бэлиэтиэм этэ. Холобур, киһи иккис дохуот быһыытынан үлэлээн, бэйэтигэр табыгастаах кэмҥэ үлэтин толорон барар. Онон аныгы олох тэтимин ыһыктыбакка, салгыы үлэлииргэ-хамсыырга бэлэммит.
Олоххо тутуһар санаам
— Олоххо тутуһар санаам – киһи өрүү дьарыктаах буолуохтаах. Бу уустук, аныгы кэмҥэ ускул-тэскил сылдьыбакка, саха ыччата үлэлээн-хамсаан иһиэхтээх. Ол да иһин, баҕалаах дьону өйөөн үлэлэтэбин. Киһи санаатын хаһан да түһэриэ суохтаах. Хараҥа ыарахан кэмнэргэ сулустар суолу чаҕылхайдык сырдаталлар дии саныыбын.
Ульяна Захарова, edersaas.ru