Үлэни-хамнаһы көҕүлээбит сокуон

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Уһук Илиҥҥи гектар» сокуонун чэрчитинэн, дьон сир учаастагын босхо ылан, үлэ-хамнас араас көрүҥүн тэринэр.

Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук састаабыгар киирсэр Арассыыйа Федерациятын субъектарын сиригэр-уотугар судаарыстыбаннай итиэннэ муниципальнай бас билиигэ баар сир учаастактарын гражданнарга биэрии уратытын уонна Арассыыйа Федерациятын сорох сокуоннарын актатыгар уларытыылары киллэрии туһунан” сокуон 2016 с. киллэриллибитэ.

Судургутук «Уһук Илиҥҥи гектар» диэн аатынан биллибит сокуон чэрчитинэн, гражданнарга сир учаастагын биэрии үс түһүмэҕинэн киллэриллибитэ. Бастакыта 2016 сыл бэс ыйыттан, иккиһэ алтынньыттан саҕаламмыта. Бу кэм устата Уһук Илин эригийиэн (Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Приморскай, Хабаровскай кыраайдар, Еврей аптаныамынай, Амур, Магадан уобаластарын, Камчатка, Сахалин, Чукотка) олохтоохторо эрэгийиэннэрин иһигэр сир учаастагын ылар бырааптаммыттара. Кинилэр ылан бүппүттэрин кэнниттэн, 2017 сыл олунньутуттан сокуон үһүс түһүмэҕэ саҕаламмыта, дойду хайа баҕарар муннугар олорор киһи сир ылара көҥүллэммитэ. 2019 сыллаахтан бу сокуоҥҥа Бурятия Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Забайкалье кыраайа хабыллыбыттара.

Уһук Илини уонна Арктика сайдыыларын корпорациятын чахчытынан, бу сокуон чэрчитинэн, 94,5 тыһыынча киһи сир учаастагын ылбыт. Ол иһигэр саамай элбэх киһи Приморьеҕа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ылбыттар. Барыта холбоон 65 тыһыынча гектар сир учаастага туһаҕа таһаарыллыбыт. Сир учаастагын ылбыт дьон 42 %-нара олорор дьиэ-уот туттубуттар, 36 %-нара тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын тэриммиттэр, 7 %-нара туризм эйгэтигэр туһаммыт, 10 %-нара маҕаһыын, кафе, техническэй киин уо.д.а. арыммыт, 5 %-нара экологияҕа, наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ сыһыаннаах үлэҕэ-хамнаска туһаммыттар.

Аны – дойду хотугу эригийиэннэригэр

Быйылгы сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн гектар сокуона Карелия, Коми өрөспүүбүлүкэлэригэр, Красноярскай кыраайга, Архангельскай, Мурманскай уобаластарга, Ненец уонна Ямал-Ненец аптаныамынай уобаластарыгар эмиэ үлэлээтэ. Онуоха маҥнайгы алта ыйга сир учаастага олохтоохторго бэриллиэхтээх, 2020 сыл олунньу 1 күнүттэн ким баҕалаахха барытыгар, ол иһигэр атын эрэгийиэннэр олохтоохторугар итиэннэ кыраныысса таһыгар олорор дьон дойдуларыгар көһөн кэлэллэригэр көмөлөһөр судаарыстыбаннай бырагыраамма кыттыылаахтарыгар бэриллиэҕэ.

Саха гектара

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр “Уһук Илиҥҥи гектары” таһынан “Саха гектара” диэн баар. Бу бырайыак Ил Дархан Егор Борисов 2016 с. Анал этиитинэн быраҕыллыбыт сири чөлүгэр түһэриигэ, ыраах учаастактары туһаҕа таһаарыыга туһаайыллан оҥоһуллубута. Онон кэтэх ыалларга “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр гражданнар кэтэх хаһаайыстыбаларын туһунан” сокуон чэрчитинэн 2,5 гектар сир, бааһынай хаһаайыстыбаларга Сир Кодексатын 31-с ыстатыйатын 2-с пуунугар олоҕуран, 20 гектар сир бэриллэр. «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааманан үлэлээччилэр саҥа саҕалыыр бааһынайдарга, дьиэ кэргэн пиэрмэлэрин тутууга анаммыт федеральнай бырагыраамаларынан көрүллэр граннарга, сылгы базатын тутуу, лизининэн тиэхиньикэни атыылаһыы ороскуотун сорох чааһын толуйуу субсидиятыгар, биирдэм урбаанньыттарга олохтоох табаары оҥорууга көрүллэр көмөҕө хабыллар кыахтаммыттара.

Декларацияны 18 300 киһи толордо

Сир учаастагын ылбыт киһи дуогабар түһэрсибитэ үс сылын туоллаҕына, боломуочуйалаах уоргаҥҥа сир учаастагын туһаныы туһунан Уһук Илин сайдыытын министиэристибэтинэн бигэргэммит декларацияны толорор. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр маннык декларацияны 18 300 киһи толорбут.

Сир учаастагын биэс сыл туһаммыт киһи ол сирин бас билиигэ эбэтэр уһун болдьохтоох түүлэһиигэ ылыан сөп. Ону таһынан быйылгы сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн кинилэр эбии сир сир учаастагын ылар кыахтаннылар.

Раиса Сибирякова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0