Куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ үлэлиир-хамсыыр бааһынайдар Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин иһинэн биллэриллэр федеральнай бырагыраамаларга хотоойутук киирсэллэр.
Табаҕа бөһүөлэгин олохтооҕо, сибиинньэни иитиигэ идэтийэр «Түмсүү» бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Ульяна Кириллина иллэрээ сыл дьиэ кэргэн пиэрмэтин тутуу бырагырааматын гранын ылан, саҥа комплексы туттубута. Үлэтин-хамнаһын туһунан Ульяна Гаврильевна маннык кэпсиир.
Раиса СИБИРЯКОВА.
Дьоҕус буойуна наада
Быйыл комплекспытыгар кыайан киирбэтибит. Сири быһаарыыга мөккүөр баара уонна уоппутун киллэриигэ бытаардыбыт. Онон, эргэ хотоммутугар 60 сибиинньэни, 40 кууруссаны, 10 хааһы уонна икки өндүүгү кыстатан турабыт.
Эбии салаа быһыытынан көтөрү иитэбит. Тоҕо диэтэххэ, сибиинньэ төрүү илик эбэтэр боросуонак атыылана илик кырыымчык кэмнэригэр куурусса сымыыта, бройлер этэ атыыга дөбөҥнүк барар буолан, утарынан туттар харчы син хааччыллар. Бройлер табан ииттэххэ, үчүгэй салаа эбит. Сакаастаан аҕалтарбыт аҕыйах хонуктаах чоппуускаларбыт икки-үс ыйынан ситэн, эккэ туттулуннулар. Экологическай өттүнэн ыраас, диетическай эт диэннэр, дьон сыаналыыр.
Сыл устата нэһилиэнньэҕэ 60-тан тахса сибиинньэ оҕотун уонна икки туонна эти атыылаатыбыт. Урукку сыллартан эти биһигиттэн эрэ ылар дьоннордоохпут, онон ырыынакка таһаарбакка сакааһынан батарабыт.
Саҥа киирбит эккэ уонна эт-аска техническэй регламент быһыытынан, анал буойунаҕа эрэ өлөрүллэн астаммыт сүөһү, сибиинньэ этэ атыыланыахтаах. Оттон биһиэхэ буойунабыт суох, сибиинньэни атын сиргэ тиэйэн илдьэн өлөрөрбүт эмиэ кыаллыбат. Бэтэринээрийэ департамена буойуна суох сиригэр хаһаайыстыбалар бэтэринээр көрүүтүнэн-истиитинэн сүөһүнү, сибиинньэни бэйэлэрэ дьаһайалларын быйыл көҥүллээтэ. Кэлэр өттүгэр көһөрүллэ сылдьан туттуллар дьоҕус буойуна сыаҕын атыылаһарга үлэлэһэ сатыахпыт.
Үлэнэн иитии
Киһини үлэ киһи оҥорбута. Киһи дьолун үлэттэн булар. Бу тыллар мээнэҕэ этиллибэттэр. Мин ийэ, эбээ быһыытынан, саха дьахталлара аһыы утахха оҕустаралларын, ускул-тэскил сылдьалларын сүрдээх ыараханнык ылынабын. Кинилэри үлэнэн уонна үчүгэй сыһыанынан көннөрүөххэ, олоххо төннөрүөххэ сөп диэн саныыбын. Ол иһин иккис сылбын “Россия ийэлэрэ” Бүтүн Россиятааҕы хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын кытары кыттыгас социальнай бырагырааманан үлэлиибин. Ускул-тэскил сылдьар, ыарахан дьылҕалаах дьахталлары бэйэбэр олордон, көрөн-истэн үлэлэтэбин, хамнастыыбын.
Ааспыт өттүгэр үлэлээбит дьон аны иһиэхпит-аһыахпыт суоҕа, киһилии олоруохпут диэн барбыттара. Сайын кэлэ сылдьыбыт дьахтардаах эр киһи билигин куоракка хос куортамнаһан, үлэ булан этэҥҥэ олороллор. Билигин икки түөтэ баар, куһаҕана суохтук сылдьаллар, үлэлэрин сөбүлүүллэр. Өссө икки дьахтар Уус Алдантан кэлээри көрдөһөллөр.
Кыыһым, хаһаайыстыбабар туйах хатарааччым Мария Александровна юрист идэлээҕэ сүрдээҕин туһалыыр. Саҥа кэлээччилэри кытары дуогабар түһэрсэн, ол быһыытынан үлэлиир. Итини таһынан, биһиэхэ сороҕор туох да докумуона, таҥаһа-саба суох дьон кэлэрэ кистэл буолбатах, онно сүүрэн-көтөн, кэпсэтиһэн, араас ыспыраапкалары хомуйсан пааспара суох киһиэхэ пааспар оҥорторор, биэнсийэҕэ тахсыбакка сылдьар кырдьаҕаска биэнсийэ анаттарар, таҥаһы-сабы эмиэ быһаара сатыыр. Суут уурааҕынан усулуобунайдаах сылдьар үлэһиккэ УФСИН-ы кытары сибээстэһэр. Аны бырагыраама култуурунай өттүн кэҥэтиэн баҕарар. Ол эбэтэр кэмиттэн кэмигэр киинэҕэ, тыйаатырга сылдьыыны тэрийэри былаанныыр.
“Россия ийэлэрэ” түмсүүттэн ас-үөл уонна кинигэ кэһиилээх кэлэннэр, көрөн-истэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, бэсиэдэ оҥорон бараллар. Ити уопсастыбаттан тэйитиллэ сылдьыбыт дьон олоххо-кэрэҕэ тардысталларыгар тирэх буолар. Сылга түөрт-биэс дьахтары көнөр суолга киллэрдэрбит, чөл олох үчүгэйин өйдөтөрбүт буоллар, үлэбит кэм киһи сэргиир түмүктээх буолуо этэ.
Харчы ахсааны, үлэ отчуоту таптыыр
Саҥа комплексы Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин итиэннэ куорат дьаһалтатын көмөлөрүнэн саҕалаан баран, «Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар сибинньэ иитэр дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы» бырагыраама гранын, үс мөлүйүөн солкуобай харчыны ылан, ситэрбиппит. Онон үлэбитин-хамнаспытын биэс сыл устата отчуоттуохтаахпыт.
Быйылгы отчуоппут үп-харчы өттүн бүтэрдибит, аны бородууксуйаны ылыыга, сибиинньэни элбэтиигэ итиэннэ үлэһиттэрбитигэр түһэриэхпит. Оҥоро үөрэннэххэ, туох да уустуга суох отчуот эбит.
Раиса СИБИРЯКОВА.