Лена Маркова — «сэттэ мэтириэтэ» (бэстибээл күннүгүттэн)

Бөлөххө киир:

Биһиги, сахалар, үйэлэргэ сүппэт улуу айымньылардаахпытынан киэн туттабыт. Патриархальнай-феодальнай олоҕу көрдөрөр биир уһулуччулаах айымньыны Роман Дорофеев туруорда. Бу – “Хаарыан хампа” Х бэстибээлгэ «бастыҥ режиссер” номинацияҕа киллэриллибит Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ” испэктээк.

edersaas


Бастатан туран, испэктээк Саха тыйаатырын кыра саалатыгар буолла. Иккиһинэн, моно-испэктээк. Сэттэ дьахтар мэтириэтин саха тыйаатырын артыыската, “Дьахтар бастыҥ оруола” номинацияҕа киирбит Елена Маркова кыайа-хото тутта.
Бу айымньыга ааптар өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха дьахтарын ыарахан олоҕун, дьылҕатын көрдөрөрүн саха тыллаах бэркэ билэр. Өксөкүлээх Өлөксөй бу айымньытыгар дьахтар олоҕун араас өттүттэн көрөн, кини майгытын-сигилитин, олоххо көрүүтүн, кыһалҕатын, өйүн-санаатын уу харахха суруйан хаалларбыта күн бүгүҥҥэ диэри биир бастыҥ айымньы буола сылдьара да туоһулуур. Манна бэйэ бэйэлэригэр майгыннаспат, хатыламмат дьахталлар көстөллөр. Ол да буоллар, кинилэри биир ситимниир – көҥүл бырааптара суох.

Бу- ураты айымньы. Кини тыла-өһө, ис хоһооно сахабыт тыла кэрэтин, баайын толору көрдөрөр. Режиссер ону сөпкө тайанан, хас биирдии дьахтар мэтириэтин ааптар тылын-өһүн уларыппакка, хайдах баарынан көрдөрбүтэ наһаа махталлаах. Улуу Өксөкүлээх тыла-өһө сүппэт. Бу испэктээк тухары көрөөччү сэргэх олорор: дьоруойдары кытта тэҥҥэ күлэр, үөрэр, санааргыыр, мунчаарар уонна аһынар. Быһатын эттэххэ, көрөөччү иэйиитэ сэттэтэ уларыйар. Сюжет хамсааһына түргэн, тэтимнээх.
Артыыска оруолун олус бэркэ, итэҕэтиилээхтик оонньоото, кыайа тутта, көрөөччүлэрдиин биир эйгэҕэ киирдэ. Маннык уустук оруолу артыыс эрэ барыта кыайара буолуо дии санаабаппын, туох да диэбит иһин, күүстээх оруол. Бу – улахан талаан, маастарыстыба!

Испэктээк тыаһа-ууһа эмиэ ураты, норуот инструмена оонньуур буолан, дьикти, дьиҥ сахалыы тыыны биэрэр, алааска сиэтэн илдьэр.
Маннык улуу дьоммут урукку олоҕу дьиҥ чахчытынан, хайдах баарынан көрдөрөр уһулуччулаах айымньыларынан туруоруу кэрэхсэбиллээх, аахпатах да дьон ааҕыах санааҕа киирэр. Мин хаһыс да төгүл көрөбүн, ол тухары салгыбаппын, өссө да көрүөм этэ. Хас көрүүм ахсын суруйааччылыын алтыһар курдук сананабын, атын харахпынан көрөбүн. Оннук бэйэтигэр абылыыр күүстээх айымньы, туруоруу.

Көрөөччү эмиэ чахчы астынна, дуоһуйда. Оннооҕор биллиилээх театральнай кириитик Антон Хитров этэринэн, бу биир бастыҥ туруоруу буолар. Сахалыы, норуот тыынын илдьэ сылдьар тыйаатыр хаһан баҕарар үрдүкү, инники күөҥҥэ сылдьар. Өссө да тапталлаах тыйаатырым күүстээх туруорууларынан көрөөччүлэри үөрдэ турарыгар саарбахтаабаппын.

Ольга СТЕПАНОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Надежда ЕГОРОВА түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0