2010 сыллар саҥаларыгар бииртэн биир кэрэ, талааннара таһынан таһымныы сылдьар айылаах, саҥа үйэ ыччаттара П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар кэлбиттэрэ. Кинилэр ортолоругар бүгүҥҥү дьоруойбут Лена Маркова баара.
edersaas.ru
Щепкини бүтэрэн кэлбит сылларын эһиилигэр, 2003 с. тыйаатыр режиссера Василий Фомин саха классига Николай Мординов-Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” арамаанын сценаҕа туруорбута. Онно Лена Маркова Микиитэни оонньообутун көрөөччүлэр олус сөбүлээбиттэрэ уонна ылыммыттара. Лена Маркованы уонна «Сааскы кэми» кытары тыйаатырга эмиэ атын салгын сайан киирбит курдуга.
Тыйаатырынан «умайыы»
— … Оҕо сылдьан тэлэбиисэргэ биирдэ эмэ сахалыы испэктээк көһүннэҕинэ, болҕомтобун уурар этим. Ити, баҕар, артыыска буоларбар ханан эмэ олук уурбута буолуо. Тыйаатырга тардыыта суох киһи көрүө суоҕун сөп эбитэ буолуо. Тэлэбиисэргэ “Татыйаас” испэктээги наһаа астына көрбүппүн өйдүүбүн. Степанида Ильинична Татыйааһа кэргэн тахсан, дьиэтиттэн арахсаары туран ынахтарын аһынан ытыырын көрөн тэҥҥэ ытаспытым ээ…”,
– диэн Лена кэпсииригэр СӨ норуодунай артыыстара Степанида Борисованы уонна Анатолий Николаевы кытта кэлин биир сценаҕа үлэлиэм диэн ыраланар да кыаҕа суоҕун туһунан этэр. Аан бастаан сценаҕа 5 саастааҕар тахсыбыт кыыс кэлин төһө да ыллаан, үҥкүүлээн сценаттан түспэтэр, артыыс буолар туһунан санаан көрбөт да этэ. Саха тылын уонна литературатын уруогун олус сөбүлүүрэ. Үөһээ Бүлүүгэ гимназияҕа билигин Саха тыйаатырын кэскиллээх режиссера Руслан Тараховскайдыын биир кылааска үөрэммиттэрэ. Лена Яковлева Үөһээ Бүлүү лиссиэйигэр 11-с кылааһы бүтэрэр сылыгар, хас эмэ сыл кэнниттэн Щепкин аатынан театральнай училищеҕа ыччаттары сүүмэрдииллэрин туһунан сураҕы истибитэ. Оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, дойдутугар Маарга кэлбитигэр, история учуутала Евгений Егорович артыыс идэтигэр туттарсарыгар сүбэлээбитэ. Онно Лена: “Ээ суох. Артыыстар тус олохторо суох!” – диэн олус күүскэ этэн кэбиспититтэн, билигин күлэ саныыр.
Оҕолорун курдук сыһыаннаһаллара
Ситии-хотуу аттестатын илиитигэр ылбыт кыыс Дьокуускайга кэлэн докумуоннарын туттарбыта. Тутар хамыыһыйа түмүк таһаарбытынан, Лена 20 оҕо иһигэр кыайан хабыллыбатаҕа. “Уҥуоҕунан кырачаан, уҥуоҕа-иҥиэҕэ кэтит, моонньо кылгас” диэн сыана быһан хомоппуттара. Дьолго, кэлин 5 эбии миэстэни биэрэн, кыыс хомолтото уһаабатаҕа.
“Москваҕа үөрэнэ тиийэн баран көрдөхпүнэ, эмиэ да дьонтон атын кылгас моонньум суох, оннук улахан кэтитим суох курдуга…”,
– диир билигин Саха тыйаатырын биир ураты суоллаах артыыската.
Сэттис кылаастан саҕалаан төрөппүттэриттэн ыраах сылдьан үөрэнэргэ үөрүйэхтээх кыыс, эмиэ төрөппүттэриттэн ыраата барыыта улахан охсуута суох буолуон сөбө. Ол эрэн, хаһан да сылдьыбатах ыраах куораттарыгар Москваҕа кэлбит ыччаттар бары да дойдуларын, төрөппүттэрин олус ахталлара.
“Бастакы кууруска дьоммун кытары төлөпүөнүнэн кэпсэтэрбэр саҥаларын истэн баран, долгуйан бөтө бэрдэрбиппин, ол эрэн, кинилэргэ ону биллэрбэт буола сатаабыппын өйдүүбүн. Атын хос кыргыттара: “Кыргытта-ар, ытыыбыт дуо?” – дэһэн баран, хосторугар ытаһан, ахтылҕаннарын таһаарар этилэр. Оттон мин биирдэ эмэ хараҥа муннугу булан эмиэ кистээн ытаан ыларым…”,
– диэн маннык ахтылҕаннаах күннэр наһаа уһаабатахтарын туһунан этэр. Тоҕо диэтэххэ, национальнай устуудьуйа ыччаттарын үөрэтэргэ тус олохторун да анаабыт преподавателлар хас биирдии устудьуоҥҥа оҕолуу истиҥ, кыһамньылаах сыһыаннаахтара.
Эдэр эрдэххэ, ханнык да оруолу кыайыах курдуккун…
— Уопсайынан, эдэрбэр оҕустаран эбитэ дуу, ханнык баҕарар оруолу кыайыах-хотуох курдук сананар этим. Кэлин ол санаа арыый уларыйбыта. Преподавателлэрбит: “Үлэлии бардаххытына, араас интириигэлэр, устугас түгэннэр баар буолуохтара”, – диэн сэрэтэр этилэр. Олох буоллаҕа дии. Кылаабынайа, Саха тыйаатырыгар киһиэхэ киһилии сыһыан баар. Оруоллар тустарынан эттэххэ, устудьуонннуу сылдьан үчүгэй оруол бэриллибит дьүөгэлэрбитигэр, доҕотторбутугар ымсыыра, испитигэр ордугургуу саныырбыт эбитэ буолуо да, билигин оннук суох. Тоҕо диэтэххэ, ким ханнык оруолу кыайыан сөбүн, ким ханнык уобараска сөп түбэһиэн сөбүн билэбит, бэйэ-бэйэбитигэр сүбэ-ама бэрсэбит”,
– диэн Лена тута боччумура түһэр.
Сэттэ мэтириэт
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Лена Маркова Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха дьахталларын сэттэ мэтириэтэ” айымньытынан испэктээккэ ис кыаҕын толору арыйбыта. Роман Дорофеев режиссер быһыытынан холоммут бастакы үлэтигэр икки эрэ кылаабынай оруол баар, ол эбэтэр Лена Павел Колесовтыын эрэ оонньообуттара. Дьэ, манна эдэр артыыска сэттэ мэтириэти соҕотоҕун арыйарыгар сүрүн тирэҕинэн кини поэма хомуһуннаах тылларын ис-иһиттэн эҥсэн ааҕыыта, кылыһахтаах тойуга уонна араас уобараска түргэнник уларыйар маастарыстыбата буолбута. Артыыска көстүүмнэрин да уларыппакка, сирэйин кыратык харандааһынан сотторон ыла-ыла, сэттэ мэтириэккэ табыгастаахтык “көһөн” оонньообута. 2018 с. Ньурбаҕа ыытыллыбыт “Сата” бэстибээл Лена Маркова чахчы кыайа-хото туппут “Саха дьахталларын сэттэ мэтириэтинэн» аһыллыбыта уонна Л.Маркова “дьахтар бастыҥ оруолун” аатын ылан, Москваҕа стажировкаланан кэлбитэ мээнэҕэ буолбатах.
Мааркаптар
“Мин бу орто дойдуга кыыс оҕо буолан ананан кэлэн, ийэ буолар дьолу билэрбэр кэргэн буолуохтаах күндү киһим Дмитрий Федорович Марков диэн ааттааҕын төрөппүттэрим тута сөбүлүү истибиттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, Дмитрий Федорович диэн олус үтүө санаалаах таайдаах этим.
Мин бастаан кэргэним эбээтэ Ирина Минкарованы кытары билсибитим ээ. Димам – мин дьүөгэм Ильяна Павловалыын аймахтыылар. Биир күн Ильянаны көһөрө тиийбиппитигэр, Ирина Тимофеевна Ильянаттан мин доҕордоохпун дуу, суоҕун дуу сураспыт этэ. Ильяна “суох” диэн чап гыннарбытыгар олус үөрбүт уонна “Диманы кытары билиһиннэриэххэ баар эбит” диэбит… Онон, бэйэ-бэйэбитин кытары түргэнник билсибиппит, түөрт ыйынан ыал буоларга быһаарыммыппыт. Кэргэним ас-үөл технолога идэлээх, тутуунан дьарыктанар, уопсайынан, булааччы-талааччы, дьиэ кэргэммит эрэллээх эркинэ. Түөрт оҕолоохпут. Төһө да элбэх оҕолоох курдугум иһин, үлэбиттэн өр кэмҥэ тэйэн хаалбатаҕым, биһиги идэбитигэр киһи олордо да олорон хаалыан сөп”,
– диэн Лена сэһэргиир.
Артыыска Лена Маркованы сөбүлүүр, кинини кэтэһэр көрөөччүлэр дьоллоругар, эдэр ыаллар икки өттүттэн төрөппүттэрдээх буоланнар, көрөөччүлэр сөбүлүүр артыыскаларын харахтарын далыттан сүтэрбэттэр. Улахан уоллара Алик биэс ыйыгар номнуо үлэтигэр тахсан, өссө биир ыйынан гостуруоллуу баран турардаах. Ити курдук, оҕолорун хааллара-хааллара ыраах гостуруолларга төһөлөөх айаннаабыта буолуой? Онуоха эдэр ийэ тоҥуй сүрэҕэ кырачааннарын төһөлөөх ахтыбытын, кинилэри санаан туоххаһыйбытын бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Арай кэргэнигэр уонна кини төрөппүттэригэр Ксенья Семеновнаҕа, Федор Васильевичка, бэйэтин ийэлээх-аҕатыгар эрэнэрэ итиэннэ идэтигэр бэриниилээҕэ кыайдаҕа.
ЫСПЫРААПКА:
Маркова Елена Дмитриевна
1981 сыллаахха Ньурба улууһун Маар с. төрөөбүтэ.
2002 сыллаахха Москватааҕы М.С. Щепкин аатынан театральнай училищены бүтэрбитэ.
2002 сылтан П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар үлэлиир.
Кэргэннээх, түөрт оҕолоох.
Акулина ТАРАСОВА, тыйаатыр сүгүрүйээччитэ:
— Москваҕа сахалартан бүтэһигинэн үөрэммит «щепкинецтэр» дипломнай үлэлэринэн Горнай улууһугар гостуруоллаабыттарыгар артыыс үрдүк аатын сүгүөхтээх эдэркээн ыччаттары бастакынан көрбүт бу улуус олохтоохторугар ымсыыра санаабыттааҕым.
Мин Лена Маркова дьиҥ сахалыы куттааҕын, мэник-тэник майгылааҕын, нарынын-намчытын, ардыгар дохсунун, оруолга түргэнник уларыйарын кэрэхсиибин. Кылыһахтаах куолаһынан тойук туойан бардаҕына, ханнык таас сүрэхтээх да киһи нохтолоох сүрэҕэ тохтообот буолуоҕай дии саныыбын.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru