Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай куорат сүрүн быраастарын кытары билиҥҥи уустук кэмҥэ балыыһалар уонна лабораториялар үлэлэрин туһунан кэпсэттэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер сүрүн бырааһа, куорат дууматын дьокутаата Лена Афанасьева билиҥҥи балаһыанньаҕа уруккуга суох быһаарыныылары ылынныбыт диэн СИА-ҕа кэпсээтэ.
edersaas.ru
Ол быһаарыныыларга балыыһа миэстэлэрин элбэтии уонна мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр стационардары тэрийии киирдилэр. Ону таһынан, КТ кэбиниэттэрин үлэлэрин тупсарыы, лабораториялар үлэлэрин күүһүрдүү эмиэ баар.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ, COVID-19 дьаҥы ПЦР эрэ нөҥүө буолбакка, ИХА уонна ИФА ньымаларынан эмиэ билиэххэ сөп. Бу анаалыстар оҥоһуллар болдьохторун кыччатан биэриэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ дьаһалтата уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ ылынар дьаһаллара балаһыанньаны чэпчэтиэхтээхтэр.
Өссө биирдэ нэһилиэнньэҕэ тоһоҕолоон этиэм этэ, коронавирус өр буола кэллэ, онон саҥа балаһыанньаны өйдөөн, ылынан туран, күннээҕи олохпут тутулун уларытыахха. Айсен Сергеевич быраастарга, мэдиссиинэ үлэһиттэригэр өйөбүлүн иһин махтанабын, — диэн Лена Афанасьева эттэ.
СИА-ттан Виктория Бястинова бэлэмнээтэ.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru