Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ социальнай биэнсийэлэрин сотоллор үһү диэн сурахтар тарҕаналлар. Ол төһө оруннааҕый?
Тыала суохха мас хамсаабат. РФ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Максим Топилин бирикээһин барыла официальнай сайтка бэчээттэммит эбит.
Ол чэрчитинэн, “кырдьар сааһынан социальнай биэнсийэни ылар киһи үлэлиир буоллаҕына, ол кэмҥэ биэнсийэтин тохтотуохха” диэн ис хоһоонноох. Ол быһаарыыны Биэнсийэ пуондата киһи үлэлиирин туоһулуур докумуоннарга олоҕуран ылыныахтаах уонна биэнсийэни биэрэрин тохтотуохтаах.
Санатар буоллахха, 2016 сылтан үлэлии сылдьар дьон биэнсийэлэрэ сыл аайы улаатар индексациялара тохтотуллан турар. Бу нуорма страховой биэнсийэни ылааччыларга эрэ сыһыаннаах. Судаарыстыбаннай, социальнай биэнсийэни ылааччылары таарыйбат. Оттон үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ индексация 2018 сыл тохсунньутуттан 3,7%-ҥа тэҥнэспитэ.
Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр
Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатыгар бу туһунан ыйытыылар кэлин элбэхтик киирэллэр. Онно хардалара маннык:
—Кырдьар сааска социальнай биэнсийэлээх үлэлиир буоллаҕына, биэнсийэтин тохтотуу туһунан нуорма 2002 сыл тохсунньу 1 күнүттэн дьайар. Бу киһи үлэтиттэн уурайдаҕына, биэнсийэтин төттөрү ылар.
2018 сыл алтынньы 3 күнүнээҕи 350 №-дээх биэнсийэ туһунан федеральнай сокуон биир уларыйыыны киллэрбитэ – аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэригэр социальнай биэнсийэни төлөөһүн туһунан. 2019 сыл тохсунньутуттан бу дьон үлэлиир кэмнэригэр социальнай биэнсийэ төлөммөт буолла.
Мантан көстөрүнэн, үлэлии сылдьар страховой биэнсийэлээхтэр долгуйалларыгар төрүөт суох, бу социальнай биэнсийэлээхтэргэ сыһыаннаах эбит.
Ыспыраапка:
Социальнай биэнсийэ страховой биэнсийэни ыларга ыстааһа тиийбэтэх дьоҥҥо ананар:
– Хоту дойдуга бастайааннай олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ 50 (дьахталлар) уонна 55 (эр дьон) саастарын туоллахтарына;
– Арассыыйа гражданнара 60 (дьахталлар) уонна 65 (эр дьон) саастарын туоллахтарына (страховой биэнсийэҕэ ыстаастара тиийбэтэх буоллаҕына).
Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын дааннайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ кырдьар сааска социальнай биэнсийэни 269 киһи ылар. 2018 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи дааннайынан, социальнай биэнсийэ орто кээмэйэ — 9319,15 солк.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru