Сыллата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэлии сылдьан эчэйии 350-400 түбэлтэтэ тахсар.
edersaas.ru
Үлэлии сылдьан эчэйиини ылбыт уонна профессиональнай ыарыылаах дьоҥҥо, уопсайа сэттэ киһиэхэ массыына күлүүстэрин бу күннэргэ туттардылар. Бу туһунан Социальнай страховкалааһын региональнай салаата иһитиннэрдэ.
Социальнай страховкалааһын фондата 2017 сылга уопсайа 13 массыынаны туттаран, Горнай, Мирнэй, Ньурба, Бүлүү, Таатта улуустарын уонна Дьокуускай куорат олохтоохторо ылбыттара.
РФ социальнай страховкалааһын фондатын суотугар үлэлэригэр эчэйиини ылбыт страховкаламмыт дьон сэттэ сылга биирдэ саҥа массыынаны ылар бырааптаахтар. Ол курдук, иккис группалаах инбэлиит Аркадий Иванов массыынаны иккиһин ылла.
Эчэйиини ылбыт дьон доруобуйаларын чөлүгэр түһэриилэрин бырагыраамата манан эрэ муҥурдаммат. Ол курдук, санаторийга баралларыгар, эмп, медицинскэй тэрил, кэлээскэ, анал атах таҥаһа атыылаһалларыгар эмиэ көмө оҥоһуллар.
Анивера АКИМОВА, edersaas.ru