Ыйыт-эппиэттиибит рубрикаҕа «Саха сирэ» хаһыакка уонна edersaas.ru сайтка киирбит ыйытыыларга исписэлиистэр хоруйдууллар.
edersaas.ru
Ыйытыы:
— Үлэтиттэн уурайан баран, ханна да үлэҕэ ылылла илик киһи больничнай лиис төлөттөрөр бырааптаах дуо?
Тамара Евсеева, Үөһээ Бүлүү.
ЭППИЭТ:
Саргылаана Корнилова, быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕа суох түгэҥҥэ страховкалааһын отделын начаалынньыгын солбуйааччы:
— Үлэһит ханнык эмэ ыарыынан быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕа суох түгэнигэр судаарыстыба кинини өйүүр. Өйөбүл социальнай страховка пуондатыгар киирэр страховка төлөбүрүн суотугар оҥоһуллар.
Оттон үлэтиттэн уурайбыт киһи хайдах төлөтөрүй диэн боппуруоска хоруйдуубут. 255-Ф3 нүөмэрдээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, үлэтиттэн тохтообут кэмиттэн 30 халандаарынай күн иһигэр ыалдьан эбэтэр эчэйэн үлэлиир кыаҕын сүтэрдэҕинэ, больничнай лииһи кини бүтэһик үлэлээбит сириттэн төлөтөр бырааптаах. Онуоха страховка ыстааһын уһунуттан тутулуга суох, орто хамнаһыттан 60 бырыһыана төлөнөр.
Ыарыһах урут үлэлээбит сиригэр эмтиир тэрилтэ биэрбит больничнай лииһин, өссө наада буоллаҕына, хамнаһын сууматын туһунан ыспыраапканы биэриэхтээх. Ыалдьан эбэтэр эчэйэн быстах кэмҥэ үлэлээбэт кэмҥэ сокуонунан көрүллэр судаарыстыба өҥөтүнэн туһанар туһугар үлэҕэ киирэргэ хаһан баҕарар үлэ дуогабарын түһэрсиллиэхтээх.
Больничнай лииһи ааҕыы уонна төлөбүр бэрээдэгин туһунан интэриэһиргээччилэр социальнай страховка пуондатын регионнааҕы отделениетын www.r14.fss.ru сайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru