Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эбии социальнай төлөбүр көрүллүөҕэ

Бөлөххө киир:

Арассыыйа эрэгийиэннэригэр, ол иһигэр Саха сиригэр эбии 1,1 млрд солкуобай социальнай төлөбүр быһыытынан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ көрүлүннэ. Маннык быһаарыыны РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин ылынна.

Саха сирин таһынан өссө 14 эрэгийиэн маннык үбүлээһини туһаныаҕа. Олор истэригэр Бурятия, Карелия, Еврейскай автономнай уобалас, Забайкальскай кыраай, Амур, Ленинградскай, Магадан, Мурманскай, Новосибирскай уобаластар, Ненецкэй уонна Чукотскай автономнай уокуруктар киирдилэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, маннык социальнай төлөбүрү үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр ылыахтара, өскөтүн кинилэр дохуоттара олорор кээмэйтэн намыһах буоллаҕына. Үбүлээһин туһунан боппуруос сэтинньи 17 күнүгэр көрүллүбүтэ уонна ылыныллыбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0