Сэрэдэ сарсыарда үлэбэр кэлбитим, кураанах кабинеппар биир киһи олорор. Хайдах-хайдаҕый? Кылгас түгэҥҥэ, тоҕо билбэт киһим мин үлэлиир хоспор олордоҕой диэн соһуйа санаатым. Онтон дорооболоһон, өйдөөн көрбүтүм, ырыһыт Лэгэнтэй кэлэн олорор эбит. Үлэбитигэр араас быһыы-майгы тахсааччы. Лэгэнтэйтэн интервью ылыахтаах суруналыыс суһал наадаҕа баран, кинилиин мин кэпсэтэр буолан хааллым. Билсэр наадата суох, эстрада ырыаһытыныын кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт.
Бу курдук соһуччу көрсүһүүнэн Иннокентий Васильев – Лэгэнтэй «Саха сирэ» хаһыакка ыалдьыттаата.
-
Лэгэнтэй, дорообо! Ааҕааччыларга оҕо сааһыҥ хайдах ааспытын туһунан кэпсээ эрэ.
-
Киин улуус оҕолоро «Dandy» көмпүүтэргэ бүгэн оонньуур кэмнэригэр, биһиги, Дьааҥы оҕолоро сүүрэн-көтөн оонньоон, айылҕалыын алтыһан улааппыппыт. Онон киһи быһыытынан сайдарбар Дьааҥым хайалара, айылҕата улахан суолталаах дии саныыбын. Оскуолаҕа ортотук үөрэммитим. Билиҥҥи ырыаһыт идэбэр олох ыраах киһи этим. Куолас кыра баара эрээри, ыллыыр баҕам соччо суоҕа. Оскуолатааҕы сылларбыттан биир түбэлтэни өйдөөн хаалбыппын. Табаарыстарбын кытта улуустааҕы ырыа күрэхтэһиитигэр кытта барар буоллубут. Ыйы быһа бэлэмнэммиппит. Барар күммүт кэлбитигэр «массыына көстүбэтэ, барбат буоллугут» диэтилэр. Ону истээт, аҕабын кытта сылгы көрө, сиргэ-уокка барсан хаалбытым. Аны ол кэнниттэн, массыына көстөн хаалбыт, уолаттарым ыллыы айаннаабыттар этэ. Күрэхтэһэн лауреат буолан, кыайан-хотон, бириис бөҕөтүн хомуйан кэлбиттэрин, ымсыырбыппын бу баар курдук өйдүүбүн. Улахан кылаастарга хоһоон айан, ырыанан дьарыктанан саҕалаабытым.
-
Билигин сүгүрүйээччилэриҥ даҕаны, үгүс дьон даҕаны эн тус олоххунан интэриэһиргииллэр…
-
Мин кэргэмминиин Шуралыын улахан тапталынан ыал буолбуппут. Олоххо араас буолар, хомойуох иһин, билигин бииргэ олорбоппут. Биллэн турар, айар эйгэлээх киһини өйдүүр ыарахан. Кэргэммин олус ытыктыыбын. Билигин биһиги сыһыаммыт үчүгэй, оҕолорбутун тэҥҥэ иитэбит. Икки кыыс оҕолоохпут, кинилэри иккиэн көрөбүт-истэбит, мин төһө кыалларынан көмөлөһөбүн.
-
«Дьааҥы кыыһа», «Атаарыы ардаҕа», «Гитара» диэн тапталы туойар ырыаларыҥ ис хоһоонноруттан сэрэйдэххэ, ити эн олоххор буолбут түбэлтэлэргэ анаммыт хоһооннор быһыылаах…
-
Мин айар үлэм барыта кэргэммэр эрэ ананар. Урукку-хойукку уонна билиҥҥи ырыаларбын барыларын киниэхэ аныыбын. Бүтэһик ырыам альбома «Кынат» диэн ааттаах. Ол кэргэммиттэн кынаттанан айбыт ырыаларым буолаллар. Онно «Эн биһи икки биир көтөр кынатабыт» диэн эппитим. Санаабар, мин айар үлэм барыта бу киһилиин сибээстээх. Айар үлэм музата кини эрэ. Кырдьык, үгүс ырыаларым олоххо буолбут түбэлтэлэргэ анаммыттара. Ол эрээри, сороҕор эбэбин-сабабын даҕаны, ситэ эппэккэ хаалбыппын ситэрэн биэрэн ыллыыбын.
-
Эн саха салаатын бүтэрбитиҥ. Сөбүлүүр суруйааччыҥ, айымньыларыҥ?
-
Кэнники бириэмэҕэ хоһоон ааҕарбын ордорор буоллум. Ордук Уйбаан Уххан өрө күүрүүлээх хоһооннорун ааҕабын, олорго матыып айабын. Кини мин тугу эрэ этэ сатыырбын оруобуна чуо бааччы хоһоонноругар тиһэн кэбиһэр. Дьахтар поэзиятыттын Наталья Харлампьева хоһооннорун умсугуйан туран ааҕабын. Олохпор дьиҥнээх буолбуту, тугу бэйэм билбиппин-көрбүппүн ыллыырбын ордоробун. Онтон кинилэр хоһооннорун бэйэм айанааан иһэр олоҕум суолугар маарыҥната, чугаһата саныыбын. Бэйэм айар хоһооннорбор эмиэ бу санааны тутуһабын. Ылланар ырыаҕа туох санаа ууруллан айыллыбытын билбэккэ, иччитэх ыллыы турар киһи тута биллэр, ону истээччи ылыммат. Мин санаабын барытын ууран туран ыллыыбын, онон норуотум иннигэр бу дьыалаҕа кыбыстарым суох.
-
Эмиэрикэҕэ бара сырыттыҥ. Ол кэнниттэн айбыт «Эмиэрикэ сахата» диэн ырыаҕын дьон-сэргэ ортотугар ыллыыргын боппуттар диэн сураҕы истибитим…
-
Мин бастаан Эмиэрикэҕэ 2009 сыл сааһыгар бара сылдьыбытым. Билигин дойдуларбыт сыһыаннара атан эрэр. Онон бара сылдьыбытым буруй курдук. Эмиэрикэҕэ үстэ сылдьыбытым. Сайдыылаах дойдуга олорор дьон диэх курдук, олохтоохторо сүрдээх эйэҕэстэр. Эмиэрикэни туойа сылдьыбыппыттан, баҕар биир дойдулаахтарым хом саныыллара буолуо. Ол эрээри, ити ырыа туспа норуоттар тылынан эрэ буолбакка, култуура нөҥүө эмиэ алтыһыахтарын сөп диэн санааттан суруллубута. «Эмиэрикэҕэ сахата» бобуллубатаҕа, күн бүгүҥҥэ диэри ыллыыбын. Бастакы омуммар тас дойдуга, Эмиэрикэҕэ үктэммит дьолбор, соһуччу айыллыбыт ырыа, онон, кырдьык, баҕар тыла-өһө чочуллубатаҕа даҕаны буолуо… Алта сыл анараа өттүгэр, 25 сааспар сылдьан айбыт ырыам. Билигин мин 31 сааһым буолла. Сыл аайы киһи олоҕу олорбута уһаатаҕын ахсын көрүүтэ-истиитэ уларыйар, кэҥиир. Онтон ити ырыа оччотооҕу санааларбыттан тахсыбыта. Тапталлаах Россиябын күөмчүлээн дуу, Эмиэрикэҕэ олоҕор ымсыыран дуу айыллыбыт ырыа буолбатах.
-
Саха эстрадатын саҥа сезонун «Тыыммын ылан, тыыҥҥар холбоо» испэктээкилгэ омсолоох геройу оонньооҥҥун соһуппутуҥ. Байбал, Аскалон Павлов үтүө дьону оонньуу сырыттахтарына, бэйэҕин хайдах санаммыккыный?
-
Биһиги театрбыт саҥа салайааччыланан үлэтэ биллэ уларыйда. «Лоокуут уонна Ньургуһун» айымньынан «Тыыммын ылан, тыыҥҥын холбоо» испэктээкили туруорбуппут. Оруолларбытын режиссер Сергей Потапов түҥэппитэ. Театр артыыһа буоларбыт быһыытынан «миэхэ куһаҕан, миэхэ үчүгэй оруолу биэрдилэр, мин оруолум тыла элбэх-аҕыйах» диирбит сыыһа. Режиссер – муҥур тойон. Ити испэктээкилгэ кыттарбытыгар режиссер артыыстары биир турукка киллэрбитэ. Мин Мардьааһайы оонньообутум. Нэдиэлэни быһа барыбытын тургутан көрбүтэ. Аны туран, хайа баҕарар айар үлэһиккэ иһигэр «мин» диэннээх. Миэхэ эмиэ ол баар, билинэбин. Сергей Потапов тургутан көрөн баран, бэйэбит билбэппитинэн, ол «миммитин» алдьаппыта. Оннук гынан, хата, оруолбар чэпчэкитик киирэн хаалбытым. Режиссер Сергей Потапов талааныгар итэҕэйдим уонна киниэхэ сүгүрүйэбин.
-
Олоххор туохтан эмит кэмсиммитин дуо?
-
Туохтан даҕаны кэмсиммэппин. Олох уустугун бары билэбит. Мин санаабар, киһи төһө даҕаны улахан охсуулары ыллар, өрөлөһөн иһиэхтээх. «Кэлэйдим!» — диэн баран сууланан кэбистэххэ, тугу ситиһиэхпитий?! Олохпор буолбут ыарахан кэмнэри чэпчэкитик ылына сатыыбын. Сыыспытым элбэх. Ол эрээри бэйэбиттэн, дьонтон кэмсиммитим диэн суох. Оҥорбут сыыһаларбын барытын билинэбин, бырастыы көрдөһөртөн куттаммаппын. Дьону даҕаны бырастыы гыммытым элбэх. «Махтана санаатым» диэн Уйбаан Уххан хоһоонугар ырыалаахпын. Бу ырыаны ыллаатахпына, олохпор тугу сыыһа-сөпкө оҥорбуппун, кими бырастыы гыммыппын, көрдөспүппүн барытын санаан кэлэбин.
-
Бэйэҕин тоҕо «хайа сахатабын» дэнэҕиний?
-
Дьааҥыга түҥ былыргыттан баар төрүт олохтоох омугу кытта сахалар булкуһаннар, бэйэбитин «хайа сахаларынабыт» дэнэбит. Сорох дьон «эн сахаҕын дуу, эбээҥҥин дуу?» диэн үгүстэ ыйыталлар. Мин икки булкаас хааннаахпын. Аҕам – саха, оттон ийэм – эбээн. Ол эрээри, эбээним хаана күүстээх. Майгыбар, туттарбар-хаптарбар, оннооҕор ыллыырбар көстөр-биллэр дииллэр. «Улахан ыһыах» диэн ырыабын «Улахан һээдьэ» диэн ааттыаххын диир дьон баар. «Ис дьиҥ – хааҥҥа» диэн Уххан этэн турардаах, онон хааны киһи мөккүспэт.
-
Төрөөбүт дойдуҥ дьоно эйигинэн олус киэн тутталларын билэбин…
-
Дойдум дьоно миигинэн буолбакка, мин маннык киэҥ сирдээх-уоттаах, дириҥ историялаах, үтүө дьонноох дойдуга – Дьааҥыга төрөөбүппүттэн, улааппыппынан киэн туттабын. Ис сүрэхпиттэн дойдум туһугар ыалдьабын, санаабынан охтобун. Иллэҥ кэм буллум даҕаны дойдубар айанныыбын.
Айтана АММОСОВА