Ледокол парому оннуттан хамсатта! (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу чааска ледокол Өлүөнэ өрүскэ хам тоҥон эрэр паромҥа суолун ыраастаан эрэр.

 edersaas.ru

Бу туһунан билигин да араспаанньатын этиэн баҕарбат Чурапчы ыччата Александр видео ыытан иһитиннэрдэ.

— Ледокол хамсаабыт тыаһын истэн, бары массыыналарбытыттан тахсан, суугунаһыы бөҕө буоллубут. Бары үөрэн, видеоҕа устан бардыбыт. Ледокол мууһу алдьата-алдьата иннин хоту бара турда. Пароммутун анньан хамсатта. Аны мууһу бытарытан баран, парому соһо кэлэрин кэтэһэн олоробут«,  — диэн иһитиннэрдэ муус билиэнигэр олорор эдэр киһи.

Кыһалҕалаах паром «олохтоохторо» муустан босхолонон эрэллэриттэн бары тэҥҥэ үөрэбит. Ледокол хамсыа эрэ кэрэх буоллаҕа!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Чурапчы ыччата Александр видеоматырыйаала.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0